УҺААЙБАНЫ ЫЛАРГА, ДЬИЭ ТУТТАРГА СИЭР-ТУОМ

- Дьиэ маһын кэрдиэҥ иннинэ кэрдэр сиргин кырдьаҕас, олохтоох дьонтон сураһарыҥ, ыйыталаһарыҥ, онтон сиргин ыларыҥ ордук.
- Мас кэрдэ барыаҥ үс күн инниттэн бэлэмнэнэҕин. Аҕа саастаах киһини илдьэ баран, сиргин-уоккун аһатан эрэ баран, маскын бэлиэтии, хаама бараҕын. Дьэ ити кэнниттэн түүн тугу түүһээбиккин ырытан көрөн баран, үтүө буоллаҕына, үлэҕин саҕалыыгын.
- Мас кэрдэргэ аҥаар кырыытыттан буолбакка, талан ылан наардаан, сөбүгэр эрэ сууллараҕын. Маһын лабаатын мунньан уматаҕын, хомуйаҕын уонна сиргэр-уоккар махтанан бараҕын.
- Сиргэ-уокка тахсарга, аһатарга элбэх аһы тэриниэхтээххин диэн буолбатах. Сиэллээх, алаадьылаах буоллаххына сөп.
- Дьиэ туттуохтаах сириҥ үрэх ааһар суолугар буоллаҕына, кырдьаҕастартан ыйыталаһан эрэ баран, сиргин мээрэйдииргэ киир.
- Күн эргииринэн эргийэн күрүөлээн эрэ баран, сиргин кытта-ситим олохтоон уот оттон, кэпсэтэн тиэргэҥҥэ алаадьы уураҕын. Кэргэниҥ астаабыт алаадьытын сыта тиэргэҥҥин толорор, сиэл сыта чугас эргин манна дьол олохсуйан эрэрин биллэрэр.
- Дьиэ акылаатын түһэрэргэ чиҥ сирин талыллар. Сирин бэлиэтээн хонноруллар. Үс күн түүлүҥ-битиҥ тугу көрдөрбүтүнэн, астык сир диэтэххинэ, акылаат баайыытын оҥорон түһэриллэр. Хас муннугун аайы бытархай харчы угуллар. Сиэл ууруллар. Дьэ онтон акылаат түһэриллэн барар.
- Акылаат түһүүтүгэр куһаҕан тыл, санаа, кэпсээн суох буолуохтаах. Үөрэ-көтө, чэпчэкитик, ыраастык туттуллар.
***
Чугдаара Хотун алгыстаах сүбэлэрэ
Оставить комментарий