Аҕа дойду уоттаах сэриитин толоонугар охтубут, сураҕа суох сүппүт буойуттар оҕолорун эҕэрдэлээтилэр
Киһи аймах историятыгар хаһан да көрсүллэ илик хаан тохтуулаах, кээмэйэ биллибэт сиэртибэлээх, күннээх-түүн уҕараабакка салҕанан барбыт Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии хас биирдиибит дьылҕатыгар улахан охсууну биэрбитэ. Саха сириттэн тыһыынчаннан ахсааннаах уолаттарбыт, ол иһигэр улууспут хорсун – хоодуот эр бэртэрэ саа-саадах тутан Ийэ дойдуларын көмүскүү өстөөҕү утары сэриигэ аттаммыттара.
Долгутуулаах тэрээһиҥҥэ аҕа тапталын билбэккэ, ыарахан үлэни нарын санныларыгар сүгэн аас – туор олоҕу ааспыт сэрии тулаайахтарын Улуу Кыайыы 75 сыллаах өрөгөйдөөх үбүлүөйүнэн Сунтаар улууһун Аҕа баһылыга Анатолий Григорьев уонна улууспут тутаах салайааччылара итиитик-истиҥник эҕэрдэлээтилэр.
Үөрүүлээх бэлиэ күҥҥэ үөрэҕирии саламтата дьон-сэргэ көрүүтүгэр буойуттар мэтириэттэрин ыйаан музей оҥордо. Доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрэ ытык-мааны кырдьаҕастарбыт доруобуйаларын көрдөрүнэллэригэр мобильнай киин тэрийэн үлэлэттилэр.
Улуус бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Афанасий Васильев сэриигэ сураҕа суох сүппүт биир дойдулаахтарбытын, кинилэр ааттарын-суолларын дириҥэтэн көрдөөһүн үлэтэ күүстээхтик бара турарын иһитиннэрдэ.
***
“Сунтаар улууhа (оройуона)” муниципальнай оройуон дьаһалтатын пресс – сулууспата
Оставить комментарий