Куокуй нэһилиэгэр оҕо дойдутугар бэриниилээх буолан тахсыытыгар туһууланар дьоһун сквердэр, бэлиэ тутуулар элбэхтэр. Олортон биирдэстэрэ суруйааччы Т.Е. Сметанин 100 сааһыгар тутуллубут “Син биир этиэҕим, сирдээҕи дьолу билэбин» диэн мемориальнай сквер буолар. Сквер проегын автора Нина Егоровна Олесова. Нина Егоровна оскуола үөрэнээччилэрин кытары ыкса ситимнээхтик үлэлиир.
Мемориальнай сквер Арҕас нэһилиэгиттэн тэйиччи турар Күбээдэк сиригэр туруоруллубута. Бу ытык сир Күбээдэк — Кэбээйи улууһун историятыгар улахан умнуллубат суолталаах.
Ол курдук, ааспыт үйэ 70-с сылларыгар манна газовиктар бөһүөлэктэрэ баара. Күбээдэк аттынан газ турбата Луҥха үрэх аннынан туоратыллыбыта. Сылтан ордук кэмҥэ манна 40-тан тахса ыал олорон, Таас Тумустан Дьокуускайга диэри сыыйыллар газопровод тутуутугар үлэлээбиттэрэ. Бу бөһүөлэк бэйэтин кэмигэр Куокуй нэһилиэгэр улахан туһалаах суолталаах этэ. Ону тэҥэ бу ытык сиртэн, Күбээдэктэн, Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр 1942-1943 сыллаахха Кэбээйи оройуонун 7 нэһилиэгин дьоно мустан, Ийэ дойдуларын көмүскүү барбыттара буолар. Сэриигэ барааччылар оройуон киинигэр мустан, ким оҕуһунан, ким сатыы, ким тыынан Арҕас бөһүөлэгэр кэлэннэр, Сангаартан кэлиэхтээх баржалаах катеры кэтэһэн, оскуолаҕа үс хоммуттар. Сэриигэ барааччылар ортолоругар эдэркээн Тимофей Сметанин баара ахтыыларга суруллубут. Быһаччы кини тэрээһининэн концерт туруорбуттар, олохтоохтору кытары көрсүһүү тэрийбиттэр. Т. Сметанин манна саҥа суруйбут 10- ча хоһоонун аахпыт, аҕыйах кэпсээннэрин кэпсээбит. Үһүс хонугар катер кэлэн, барааччылар Луҥха үрэх үрдүгэр турар Күбээдэк учаастагар хомуллан киирбиттэр. Тимофей Сметанин армия кэккэтигэр ыҥырыллан баран иһэр киһи быһыытынан кытаанах ыҥырыы тылы эппит: «Биһиги Советскай Армия кэккэтигэр ыҥырыллан баран иһээччилэр уоран түспүт өстөөҕү урусхаллыыр иһин биир хааппыла хаан хаалыар диэри охсуһуохпут. Эрэниҥ, кыайыыны кытта эргиллэн кэлиэхпит! Эһиги, тыылга хаалааччылар, хорсун үлэҕитинэн тыылы бөҕөргөтүҥ, армияҕа көмөлөһүҥ!” уонна Тима бэйэтин айымньыларыттан “Бу күннэргэ”, “Кырдьык иһин кыргыс” хоһооннорун ис-иһиттэн күүстээхтик аахпыт. Ол кэнниттэн барааччылар өйдүү- саныы сылдьыахпыт диэн оһуохайдаабыттар.
Сэтинньи 25 күнүгэр, Т.Е. Сметанин төрөөбүтэ 105 сылын бэлиэтээн, нэһилиэк администрацията (И.В. Семенов), «Угуйаан» сынньалаҥ киин үлэһиттэрэ (Илларионова Н.В.), оскуола директора И.И. Петров, үөрэнээччилэрэ (Васильева С.И.) «Син биир этиэҕим, сирдээҕи дьолу билэбин» диэн мемориальнай сквергэ сырыттылар. Үөрэнээччилэр сибэкки дьөрбөтүн уурдулар, фроннааҕы хоһооннорун аахтылар.
Кыһыҥҥы айан суолунан да, сайын уунан да айаннаан иһэн, үгүс айанньыт ытык сиргэ Күбээдэккэ «Син биир этиэҕим, сирдээҕи дьолу билэбин» диэн мемориальнай сквергэ тохтоон, ааспыт кэм историятын билиэ, Улуу Кыайыыны уһансыбыт биир дойдулаахтарбытын кэриэстиэ.
Онтон биһиги, Куокуй нэһилиэгин дьоно- сэргэтэ, кэлэр көлүөнэ ыччата нэһилиэкпит, улууспут историятын, чулуу суруйааччыбытын Т.Е. Сметанины дьон- сэргэ сүрэҕэр- быарыгар тиийэр гына ырыта, кэпсии- ипсии, таһаарыылаахтык үлэлии туруохпут!
***
Куокуйская СОШ
Оставить комментарий