Бүгүн, сэтинньи ый 29 күнүгэр Сангаар бөһүөлэгин дьонугар-сэргэтигэр биир үөрүүлээх күн тосхойдо. Ол курдук, Арассыыйа Президена Владимир Путин көҕүлээһининэн “Жилье и городская среда” национальнай бырайыагынан “Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү” бырагыраамманнан Сангаар бөһүөлэгин Кирова уулусса 1А нүөмэригэр 5 мэндиэмэннээх, 63 кыбартыыралаах таас дьиэ аанын үөрүүлээхтик арыйда.
Макаров улахан күлүүһү Сангаар бөһүөлэгин баһылыгар улахан күлүүһү туттарда. “СахастройГрупп” гинеральнай дириэктэрин Иван Петрович Фидулов аатыттан анал байыаннай дьайыыга сылдьар саллаат ийэтигэр Людмила Прокопьевна Муксуноваҕа киирэ түһүүгэ ууруллар ыскаабы туттарда.
Николай Иннокентьевич Попов дьиэ хаһаайыттарыгар күлүүстэрин туттартаата. Саҥа дьиэ хаһаайыттарын аатыттан Любовь Анатольевна Захарова тыл эттэ.
Кыһыл лентаны улуус баһылыгын солбуйааччы Александр Сидорович Сивцев, Сангаар бөһүөлэгин баһылыга Николай Иннокентьевич Попов, “СахастройГруп” хааччахтаах эпиэтинэстээх уопсастыба прораба Максим Павлович Макаров, оттук уонна уунан хааччыйар подрядчик Николай Васильевич Антонов, Саҥа дьиэ олохтоохторун аатыттан Любовь Анатольевна Захарова үөрүүлээхтик кырыйан киирдилэр.
***
Иван Софронов-Сандал
Оставить комментарий