Юрист: “Кэтэх сүөһүлээх ыал балбааҕар ыстарааптаммат”
Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов уонна Россельхознадзор үлэһиттэрэ аһара ыксаабыттар, сокуону сыыһа аахпыттар диэн юристар быһаардылар.
Аҕыйах хонуктааҕыта Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын миниистирэ Атласов “балбаах” сокуонун дьоҥҥо быһаарарыгар, сүөһү иитэр хаһаайыстыбалар, ыаллар ынахтарын сааҕын анал сиргэ харайыахтаахтар, онтуларын 1 сыл эрэ буолан баран туһаныахтаахтар, ону кэстэхтэринэ ыстарааптаналлар диэн эппитэ.
Aartyk.Ru хаһыакка элбэх тыа сирин олохтоохторо эрийэн, суруйан бу сокуону ыйыталастылар: “Хайдах-хайдах сокуонуй, сүөһү онто да суох аҕыйыы турар, өссө маннык ааргы дьаһалы ким ыларый?”.
Федеральнай сокуону Госдума депутаттара ылаллар. Инньэ гынан, депутаттартан бэйэлэриттэн уонна сокуону ырытар юристары кытары кэпсэтэ сырыттыбыт. Ол түмүгүн бэчээттиибит:
-Бастатан туран, тустаах чиновниктар дьоҥҥо сокуону сыыһа соҕус быһаарбыттар: былырыын от ыйыгар ылыллыбыт “О побочных продуктах животноводства и о внесении изменений в отдельные законодательные акты Российской Федерации” 248 N-дээх федеральнай сокуон сүөһү сааҕын, урут сокуоҥҥа IV-c кылаастаах отход быһыытынан киирэ сылдьарын, ол онтон таһаарарга туһуланан ылыллыбыта. Дьиҥинэн тулалыыр эйгэҕэ сүөһү сааҕа оннук айылаах кутталлаахтык дьайбат, ол иһин ити IV-c кылаастан таһаарыы албаһа курдук көрүөххэ сөп.
Иккиһинэн, кэтэх сүөһү балбааҕар ыстараап көрүллүбэт. Ол туһунан сокуоҥҥа туох да суох, чиновниктарбыт бэйэлэрэ “эбэн” биэрбиттэр. Бу үөһэ ахтыллыбыт сокуоҥҥа тэрээһиннээх хаһаайыстыбылар хапсаллар: агрохолдиҥнар, ИП-лар, КФХ-лар. Россия өттүгэр улахан агрохолдиҥнар бааллар, биллэн турар, олор “отходтара” быдан элбэх, экологияҕа сабыдыала эмиэ баар. Уонна сорохтор араас химияны тутталлар, ыарыы да турара баар суол. Ол оннук сүөһү иигин-сааҕын быһа бааһыналарга таһар сири-буору алдьатарын агрономнар билэллэр. Ол иһин ити 12 ый анал сиргэ хараллыахтаах уонна анаалыс эрэ кэнниттэн иккистээн туһаҕа тахсыахтаах диэн сокуон ылыллыбыта эмиэ да сөп.
Онон федеральнай сокуон үксүн Россия киин регионнарын өттүгэр туһуланар буолан, атын кытыы регионнар усулуобуйалара аахсыллыбат. Итиннэ олохтоох парламеннар үлэлэһиэхтэрин наада, сокуон толоос өттүгэр токуруйбатын курдук региональнай ураты аахсыллыахтаах.
-Саха сиригэр кэтэх ыаллар кыттыһан сүөһүлэрин КФХ-ларга суруйтараллар, үүт туттарар быраабылатыгар сөп түбэһээри. Кыһалҕаттан. Ол иһин ити сокуонтан ИПлары, КФХлары ыстарааптыыры таһаартарыахха наада. Ыстараап эмиэ элбэҕэ cүр, итини Госдума госстроительство комитета көрүөхтээх. Ыстараап кээмэйин туһунан сокуон барыла олунньу 16 күнүгэр комитетка көрүллүөхтээх. Госстроительство комитетыгар биһиги биир дойдулаахпыт Сардаана Авксентьева баар, кини биһиги кыһалҕабытын билэр, онон КФХ, ИП ыстрааптан босхолуур чааһыгар үлэлиэхтээх.
-Уопсайынан, ТХМ уонна Россельхознадзор сокуону сөпкө ааҕарга үөрэнэрэ буоллар уонна дьоҥҥо сөпкө тиэрдэрэ буоллар диэн баҕа санаа баар. Чааһынай дьону балбаахтан сылтаан ыстарааптыыр туһунан федеральнай сокуоҥҥа туох да суруллубат. Ол чуолкай.
***
Онон кэтэх сүөһүлээх ыаллар балбаахха ыстарааптамматтар. Чөмөхтөөбүттэрин курдук хотоннорун таһыгар чөмөхтүүллэр диэн буолла уонна оҕуруоттарыгар тута таһыахтарын сөп. Оттон тэриллиилээх хаһаайыстыбалар ыстарааптарын өссө да Госдума чуолкайдыы илик.
Госдумаҕа талыллыбыт Саха сирин депутаттара официальнай иһитиннэрии оҥоруохтара уонна региональнай уратыны учуоттуур туһунан федеральнай сокуоҥҥа эбии этии киллэриэхтэрэ диэн эрэнэбит.
Госдумаҕа Саха сириттэн биэс депутат баар: Федот Тумусов, Юрий Григорьев (СРЗП), Петр Аммосов (КПРФ), Галина Данчикова (ЕР) уонна Сардаана Авксентьева (“НЛ”).
***
Aartyk.Ru
Подписаться на телеграм-канал @Aartyk.ru
Намцылар, Хатассылар үөрдэхтэрэ,саас аайы саах аҕалан харчыланар дьон…
сахалар сүөһүлэрин сааҕа элбэҕин билбиттэрэ буолуо. Хас саҥа дьыл аайы сүөһү сааҕынан ону-маны оҥороллор.
Россельхознадзордар кураанаҕы кууспуттар. Биһиэхэ чааһынай эрэ ыалларга сүөһү баар ини. КП, ИП, СХКП биир эмэ.
Дьэ дьаабы суеьу итэн абыран ити кэннэ
Мин сельхозтар хайдах буолтарый сүөһүнү эһэргэ үлэлэһэллэрий,наоборот хайдах эмит көммүскэһиэхтэрин билбэккэ
Ол иһин даҕаны,кэм биһи дьоммут сокуону токурутан, дьону хабахха тыыннарыы. Үүт да регламена,бу улахан агрохолдиннарга,корпорацияларга сөптөөх. Биһи илииннэн ыыр үүппүтүгэр сөбө суох
“Ол иһин ити 12 ый анал сиргэ хараллыахтаах уонна анаалыс эрэ кэнниттэн иккистээн туһаҕа тахсыахтаах диэн сокуон ылыллыбыта эмиэ да сөп.”
Ол аайы барытыгар харчы төлөтөллөрө буолуо ди
Оттон Парахины того кетуттулэр