Хайдах саҥарабыт?
Сахалыы тылынан тахсар биэриилэри, суруйуулары чуор кулгаахтаах, кыраҕы харахтаах көрөөччүлэр, истээччилэр, ааҕааччылар манаан олороллор. Сыыһа-халты саҥаралларын, суруйалларын “манаан” диэн буолбакка, сэргээн-сэҥээрэн олороллорун этэбин.
Кырдьык, биир өттүнэн, сахалыы биэриигэ олус элбэх нууччалыы тылы тутталлара киһи кулгааҕын хаарыйара баар суол. “Окошканан посмотрикалыыр” саҥа тыл тыынын, тутулун алдьатар.
Иккис өттүнэн, олус элбэх киһи (орто саастаах да буоллун, ыччат да буоллун) сахалыы биэриигэ кыттыахтарын куттаналлар. “Сатаан сахалыы сөпкө саҥарбаппын” диэнтэн саҕалаан “бааһынайдаан кэбиһиэм” диэн сүрэхтэрэ сэлибириир.
“Эдэр саас” хаһыат бастаан үөдүйэрин саҕана “эдэр ыччакка аналлаах хаһыат ыччат тылынан (сленг) суруйуохтаах” диэн санаа үөскүү сылдьыбыта. Ону саастаах хаһыаччыттар “тылы алдьатыы” диэн улаханнык айдааран, сэмэлээн тураллар.
Аны билигин “Кыым” тыла” диэн өйдөбүл үөскээтэ. Ити “Кыым” хаһыакка нууччалыы тыллары – “правительство, бюджет, институт, факультет” диэн тылы “бырабыыталыстыба, бүддьүөт, үнүстүтүүт, бакылтыат” диэн суруйар ньыманы ааттыыллар.
Хаһыат тыла “сиэрэ суох сахатыйбытыттан” сылтаан ааҕааччы ахсаана түстэ диэччи эмиэ баар: “Тылбыт ыччакка хаалар дуу, суох дуу диэн мөккүөргэ сырыттахпытына, аны итинник олоҕуран кэлбит киирии тылы араастаан “сахатыппыттарыттан” сылтаан дьон өссө саха тылыттан тэйдэ”, – дииллэр. Холобур, мин эмиэ хаһыат тираһа түһэ турарыгар ити төрүөт эмиэ баар дии саныыбын.
Киһи үөрүйэҕинэн буоллаҕа. Ааҕар-суруйар буолуоххуттан ыла – тылы туттар, саҥарар, суруйар үөрүйэххиттэн – саҥа быраабылаҕа киирии уустук. Киһи дэбигис үөрэнэ охсубат да, ылыныан да баҕарбат. Ол иһин сахалыы хаһыат, сурунаал хас да “сахалыы тыллаах”. Ким эрэ сэбиэскэй кэмҥэ үөрэммитинэн, урукку үгэһи тутуһар, ким эрэ аныгы сахатытыллыбыт суруйууну тутуһар.
Урут да, аны да сахалыы сөпкө саҥарар нуорманы дьон Саха араадьыйатыттан уонна телевидениетыттан ирдиир. Сахалыы саҥа холобура кинилэр буолуохтаахтар диэн.
Бу “Аартык” редакциятыгар эмиэ сурук киирдэ. Ааптара Дьөгүөр Чэрии диэн илии баттаммыт. Эмиэ тылга сыһыаннаах суруйуу:
“27.11.24 Талбан биэриигэ боппуруос.
Олоҥхо тыла, саха тыла диэн араарар курдуктар. Дьиҥинэн олоҥхо саха дьонугар сахалыы тылынан барар буоллаҕа. Оччоҕуна эрэ истээччи толору өйдүүр.“Саха” НКИК атын таһаарыыларыгар, биэриилэригэр саха тылын сатаан сахалыы саҥарбат дьону уодьуганнаабаттар (сэмэлээбэттэр), көннөрбөттөр. Киһи кулгааҕар сатаан батан киирбэт тыллар олохсуйан эрэллэр – санааччым, көрөөччүм, истээччим – диэбит курдук сыыс тыллар.
Мин маны сатаан өйдөөбөппүн, урут өйдөөх буолан көстөөрү атын омук тылларын тутта сатыыр түгэннэрэ баар буолааччы. Билигин 21 үйэҕэ үрдүк үөрэҕэ суох саха эдэр ыччата тарбахха баттанара буолуо, олортон сахалыы сатаан саҥарааччыта, толкуйдааччыта эмиэ тарбахха баттанан эрдэҕэ.
Ону бу олорор саханы сайыннарыахтаах, сахалыы тылы таба туттан саҥарыахтаах дьоммут, сахалыы сатаан санааларын эппэттэр. Норуот итэҕэлин өрө тутуоҕуҥ, ис дьиҥинэн дьоҥҥо тириэрдэҕиҥ. ОЛОҤХОБУТ чахчы биһиги итэҕэлбит.
Төһө кыалларынан сахалыы биэриигэ сахалыы саҥарда сатааҥ ыҥырыылаах ыалдьыттаргытын.
Бу хаһан, бэйэҕит бэйэҕитин көннөрүнэргитин кэтэһэ сатаан баран суруйдум. Өһүргэнимэҥ, сыыһа өйдөөмөҥ. Үлэҕитигэр баҕар кыым саҕыа диэн санааттан суруйдум.Дьөгүөр Чэрии“.
Билигин биир да атын омук тылын кыбыппакка эрэ сахалыы ыраастык саҥарар дьон ахсаана бэрт сэдэх. Ол иһин, ордук ыччат, сахалыы саҥарарын улаханнык саарбахтыыр. “Сыыстыҥ” диэн наар сирэй-харах анньыллыам кэриэтин судургутук нууччалыы саҥарбытым ордук дииллэр. Нууччалыы баран хаалбыт киһи сахалыы саҥараары гыннаҕына күлүү-элэк оҥосторбут баар суол. Оттон хайҕаатахпытына букатын атын ээ, санаата көтөҕүллэн саҥарара-иҥэрэрэ сайдан барар эбээт.
Уонна күннээҕи олохпутугар бары да “бааһынайдыы” саҥарабыт буолбат дуо? Онон бэйэ-бэйэҕэ арыый тулуурдаах соҕус сыһыаннастахха? Биллэн турар, сөпкө саҥарарга үөрэниэххэйиҥ, дьулуһуоххайыҥ, ону хайҕыаххайыҥ. Мөҕөн-этэн, сирэй-харах анньан тугу да ситиспэккин. Оттон сүбэ-соргу, үтүө тыл ордук дьайыылаах буолуоҕа.
“Саха” НКИК диктордара, суруналыыстара даҕаны тылга сыһыаннара наар аанньа халы-мааргы диир эмиэ да саарбахтаах. Син ырытыһар, үөрэтэр, үөрэнсэр буолуохтаахтар.
***
Туйаара НУТЧИНА,
Aartyk.Ru
МАХТАЛ- ити тугуй?