Василий Санников көмөтүнэн композитор Марк Жирков аата үйэлэргэ хаалыа
Үтүө киһи аата симэлийбэт, дьоҥҥо, норуокка оҥорбут дьыалата үйэлэргэ умнуллубат. Бу күннэргэ Саха сиринэн, Москванан саха бастакы идэлээх композитора Марк Жирков аатын үйэтиппит, сэдэх экспонаттары мунньан хаалларбыт Василий Санников туһунан ахтан ааһар тоҕоостоох.
Василий Санников көмөтүнэн композитор Марк Жирков аата үйэлэргэ хаалыа (ВИДЕО)
Үбүлүөйдээх күҥҥэ Марк Жирков айар үлэтин, олоҕун кэпсиир быыстапка туруордулар, кинигэлэри сүрэхтээтилэр, үөрүүлээх мунньах ыытылар. Композитор тутта сылдьыбыт мала-сала, таҥаһа-саба, суруга-бичигэ, нуоталара, эриэккэс докумуоннара, хаартыскалара улахан болҕомтону тартылар.
Устуоруйа кэрчигин уонна улуу киһи тыынын илдьэ сылдьар экспонаттары 60-с сыллартан тус олоҕун кэрэйбэккэ, 11 сыл устата сири-сибииринэн, аймахтарыттан, табаарыстарыттан чернила иһититтэн саҕалаан патифоҥҥа тиийэ хомуйбут Бүлүүтээҕи педучилище муусука учуутала Василий Иванович Санников улахан өҥөлөөх. Бу туһунан «Бэлэм буол» хаһыакка бэс ыйын 6 күнүгэр 1971 сыллааха ыстатыйа тахсан турар. Түмэлгэ 20 витрина, 12 музыкальнай инструмент ууруллубуттарын туһунан суруллар.
Хомойуох иһин, 80-с сылларга Марк Жирков түмэлин сабан, сорох матырыйааллара сүттүлэр. Ол да буоллар, инникитин сүҥкэн оруоллаах экспонаттар буолуохтарын өтө көрбүт Василий Санников муспут матырыйаала оччоттон баччаҕа дылы духуобунай култуура баайа, композитор аатын-суолун үйэтитэргэ нэһилиэстибэ буолан хааллаҕа.
***
Источник – http://nvk-online.ru
Оставить комментарий