Курс валют
$
92.37
0.1
99.53
Курс валют
Курс валют
$
92.37
0.1
99.53
Меню
Поиск по сайту

Саха элбээтэ диибит да, ол хаачыстыбаҕа дьайар дуо?

07.04.2017 08:59 4
Саха элбээтэ диибит да, ол хаачыстыбаҕа дьайар дуо?

Дойдуга 26 бырыһыан киһи дьадаҥы буоллаҕына…

“Аартыкка” Татьяна Малева (РАНХиГС Социальнай ырытыы уонна билгэлээһин  институтун дириэктэрэ) интервьюта бэчээттэммитин ааҕан баран санаам түстэ.

Малева: “Ийэ хаппытаала – дьону дьадатта”, – дииригэр киһи сөбүлэһэр.  Итини сахам дьонугар сыһыаран толкуйдаатахха, көрдөххө киһи сонньуйар хартыыната тахсар.

Ийэ хаппытаалын ылбыт дьон, 90-тан тахса бырыһыана, олорор дьиэтин тупсарарыгар туттар. Ол аата ипотека кредитин ыларга, ону аҕыйатарга барыыр. Аны, сатана, бу ипотекаҕа иэспит бырыһыана улахана, уһуна-киэҥэ, эрдэ-сылла кыралаан сабар, көҕүрэтэр кыах биэрбэттэрэ – дьиҥнээх хабала! 25-тии, 30-туу сылы быһа дьиэ кэргэн бюджетыттан ыйын аайы 30-ттан тахса тыһыынча – өл да төрөө – бааннарга бара турар. Биир эмэ күн төлүөхтээххин хойутаттыҥ да – иэһиҥ-күүһүҥ өссө көппөс гына түһэр.  Мантан сылтаан, ийэ-аҕа ньиэрбэтэ наар тыҥыы сылдьар, үлэҕэ умса түһэр, оҕолорун иитээри мөхсөр, дьиэтин-уотун төлөбүрүн була сатаан күнүстэри-түүннэри сордонор… уонна бу иэс-күүс  кини үйэтигэр бүппэтин санаатаҕына букатын да санааҕа баттатар…

Ипотека кредитин тоҕо чаастаан эрдэ көҕүрэтэри көҥүллээбэттэрий?  Өйдөөн-дьүүллээн ырыттахха, дьэ, ол иһэ-истээх дьыала буолар эбит.

***

Саха эмиэ, Россия атын олохтооҕун тэҥэ, икки аҥы арахсар: кредит ылан сордоно сылдьар киһиэхэ уонна кредит ылаары сүүрэн-көтөн муҥнана сылдьар киһиэхэ.

Кредит – харчы хабалатын туһунан араас уос номоҕо баар. “Кредитэ суох киһи – киһи буолбатах”, – диэҥҥэ тиийэ.

Татьяна Малева, ийэ хаппытаалынан көөчүктээн – оҕолооох дьону уһун  сыллаах ипотека хабалатыгар киллэрдилэр диирэ сөп. Ыаллары – наар тиийбэт тирии, таппат тараһа оҥордулар. Мантан сылтаан элбэх оҕолоох дьон аччыгы эрэ үрдүнэн олорор. Хас биирдии хаппыайка учуокка ылыллар, саамай наадалаахтан ураты туох да ордук хос ылыллыбат.

Төрөппүттэр үлэлэрин сүтэримээри, ыйтан ыйга иэстэрин төлөөрү үлэҕэ умса түһэллэр. Үлэ баарыгар баһыыба. Сорох ыалга биир эрэ төрөппүт үлэлиир. Иккиһэ оҕотун көрөн олорор. Кинилэргэ өссө ыарахан.

Төрөппүттэр иккиэн үлэлээх буоллахтарына – оҕолор үксүн бэйэлэрэ бэйэлэригэр хаалаллар. Эбии үөрэххэ, дьарыкка таһыы-аҕалыы (ордук улахан бөһүөлэктэргэ, куораттарга) кыаллыбат. Инньэ гынан, бу оҕолор кыанар төрөппүттэр оҕолорунааҕар сайдыылара, үөрэхтэрэ хаалар. Түмүгэр – ЕГЭ экзээмэнин туттарыы уустуктанар – үрдүк үөрэххэ киирии мөлтүүр – хара үлэһиттии бараллар, быстах-остох хамнаһа суох үлэҕэ тиксэллэр. Харчы суох – үөрэх суох – үлэ суох – хамнас суох – түмүгэ: дьадайыы.

Ити биирэ.

Иккиһинэн, кредиккэ, иэскэ-күүскэ баайыы – государство дьонун тутулукка киллэрэр ньымата дииллэригэр сөпсөһүөхпүн баҕарабын. Аан дойду барыта кредиккэ олорор. Киһи төһөнөн элбэх кредиттээх да – “бэрээдэктээх”. Үлүбээй миитиниии, пикеттии, былааьы утары тэрээһиннэргэ кыттар кыаҕыҥ суох. Балабыай сырыттаҕына – үлэтиттэн матыан сөп. Оччоҕо кредитин ким төлүүр? Оҕолорун ким иитэр?

Ол иһин миитинниир дьон, үксүн, пенсионердар эбэтэр государство тэрилтэтигэр үлэлээбэт – ол аата государствоттан тутулуга суох дьон буолаллар.

Соторутааҕыта, чааһынай тэрилтэ салайааччыта элбэх баҕайы нолуок төлөөн баран кыыһырарын истибиттээхпин: “Дьоҥҥо хамнас төлүүбүн, дьону үлэ миэстэтинэн хааччыйабын. Дьоҥҥо төлүүр хамнаһым 60 бырыһыанын саҕаны эбии государствоҕа нолуок быһыытынан төлүүбүн.  Аҥаардас хамнаска! Государствоҕа найыламмакка бэйэбин бэйэм, дьоммун, элбэх аймахтарбын, үлэһиттэрбин иитэн олорорбор махтаммакка нолуогунан тууйаллар! Үлэм суох диэн баран пособияҕа олорбут көнө!”.

Онуоха истэн олорооччута этэр: “Эн государствоҕа үлэлээбэккин, бэйэҕэр үлэлиигин, ол аата государствоттан тутулуга суоххун. Государствоҕа ол сэрэхтээх. Сарсын тугу туойан туруоҥ биллибэт. Тутулуга суох, баай киһи государствоҕо урут да, аны да наадата суох. Ол кэриэтин эйигин пособияҕа олордуо, оччотугар эн тутулуктана түһэҕин. Араас ол-бу тылбай-өспөй буолбаккын. Буоллаххына да, дьадаҥы киһи тугу оҥоруоххунуй, харчыта суох?”.

Кырдьыга оннук. Чааһынай тэрилтэлэри эмиэ кредиккэ олордор сыалай государственнай программалар үлэлииллэр. Ити эмиэ кредитинэн “бэрээдэктиир” ньымалара буоллаҕа. Аһара сананнаххына кредит биэриэ суохтара, эбэтэр кредит ылларан баран кыайан төлөөбөт усулуобуйаны оҥоруохтара.

***

Ийэ хаппытаалын толкуйдааччылар, ама дьон оҕолонон ылбыт харчыларын ипотека кредитигэр уган хабалаҕа киириэхтэрэ, дьадайыахтара диэн эрдэ билбэтэхтэрэ үһү дуо? Киһи хайдах эрэ итэҕэйбэт. Хара ааныттан, дьону хабалаҕа ылан “бэрээдэктээри” итини тэрийбит буолуохтарын сөп.

Малева этэр, дойдуга төрүөх элбээбитэ ийэ хаппытаалыттан тутулуктааҕын дакаастыыр ыарахан диэн. 2007 сыллаахха, ити программа киирэригэр, онто да суох төрүөх элбии турбута диир. Мантан антах, 90-с сыллаахха төрөөбүт ыччат оҕолонор кэмэ кэллэ. 90-с сылларга аҕыйах оҕо төрөөбүтэ, онон билигин төрөөһүн таҥнары түһүө диир. Маннык кэмҥэ ыаллары хабалаҕа (ипотекаҕа) киллэрбэт гына, элбэх оҕолоохторго көмө көрүҥэ уларыйыахтаах диэн саныыр.

Аны, харчы туһуттан ким оҕоломмутуй диир буоллахха, статистика этэринэн, үөрэҕэ суох ийэлэр. Саха сиригэр – үксүн олохтоох омуктар. Ол аата: үөрэҕэ (үлэтэ) суох саха кыргыттара.

Төрүүр судургу. Аны бу оҕолору иитиэххэ, киһи гынаттыахха наада. Үөрэҕэ, үлэтэ суох киһи оҕотун хайдах киһи-хара гынар? Ол быыһыгар хаһан кредитин төлүүр?

…Саха элбээтэ-элбээтэ диибит да, ахсаан хаачыстыбатыгар эппиэттиир дуо?

***

Прасковья НИКАНОРОВА,

“Aaртыкка” анаан.

 

Обсуждение • 4

Добавить комментарий
  1. Ч

    Уб. ааптар, эн этэргинэн бары Мисс, Мистер, миниистир эрэ буолуохтаахтар дуо. Билигин оссо уорэ5э суохтар ордук улэлээн-хамнаан орто чээрэнэн, этэннэ олороллор. Ити этэр дьонун уксэ кырата икки, улахана ус урдук уорэхтээхтэр. Чуукка бары Мисс, Мистер уонна миниистир буолуохтарын ба5арааччылар.

  2. Многодетнай

    Кредит ылбыт эльбэх оҕолоохторго госво көмөлөһүө этэ буо.

  3. Андыкай

    Кредит борустуой саханы бэрээдэктиир, улэни, оло5у сыаналыырга, инникитин, о5олорун толкуйдуурга уерэтэр. Кредиттээхтэр доруобуйаларын керунэн бата аргылаабаттар, скандинавскай хаамыынан дьарыктаналлар. Эбээлэр, эhээлэр, биhиги, ол иhин, о5олорбутугар кредит телеhееру скандинавскайдыыбыт, елбет буола, олоро сатыыбыт. Хайдах барыта эрэйэ суох, праздник буолуой. Саха тун былыргыттан, колхоз са5аттан эрэйдэннэ5инэ аргылаабат, эппитинэстээх, “подтянутай” буолар.

  4. Кирдьик да5аны

    Дьаданы, баай баар буолла5ына олох сайдар. Дьаданы байаары, баай ессе байаары. Саха куруук тубугуруехтээх, мууhун, маhын киллэриэхтээх, кредитин теленуехтээх.

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»