Курс валют
$
76.81
0.46
89.43
0.28
Курс валют
Курс валют
$
76.81
0.46
89.43
0.28
Меню
Поиск по сайту

Нэдиэлэ – Күннүк

27.11.2025 (2 недели назад) 14:08 0
Нэдиэлэ – Күннүк

Сылаас сиргэ олохсуйбут, улаханнык өлбөтөх-сүппэтэх омуктарга Итэҕэл билиитин сорох түгэннэрэ сурукка, күннээҕи олоххо ордон хаалбыттар. Ол курдук Англия тылыгар нэдиэлэ күннэрин ааттара суолталарынан суруллан хаалбытынан уонна биһиэхэ эмиэ аҕыйах нэдиэлэ күнүн ааттара ордон хаалбыта  сөп түбэһэринэн сылыктаатахха, сахалыы нэдиэлэ күннэрин ааттара тахсан кэлэллэр.

Бастаан Күннүк туһунан суруйуум. Нэдиэлэ диэн сахалыыта Күннүк диэн. Ольга Иванова Амма Эбэм диэн ырыатыгар «Күннүк сиртэн көҕөрөн көстөр үрдүк ыраах хайалардаах»  диэн тыллар бааллар. Ол аата сэттэ күн устата айаннаан тиийэр сиргэ диэн. Былыргы саха итэҕэлэ былыргы Аан дойду билиитин итэҕэлин кытта биир.

Күннүк диэн Күн Күнэ диэн. Английскайдыы ол Sunday өрөбүл күн буолан тахсар.

Бэнидиэнньик диэн английскайдыы Monday – День Луны – Ый күнэ, Ыйынньы. Бу күн былааннанар, ыйаах ылынар, ыйыы-кэрдии биэрэр, оҥорбуту-оҥорботоҕу ыйытар күн. Үлэ саҕаланар күнэ.

Оптуорунньук английскайдыы – Tuesday. Тиу – День Марса, сахалыы – Айыы Хаан күнэ. Айынньы диэн буолуо.

Сэрэдэ – Wednesday, День Меркурия. Сахалыы –  Ахтар Айыыһыт, Одун Хаан күнэ. Одуну диэн буолан тахсар. Одуну диэн ааттаах сир Саха сиригэр бааллар. Үлэ үөһүн үгэнэ.

Чэппиэр – Thursday – День Тора, ол аата – День Юпитера. Улуу Тойон, Уһун Дьурантаайы күнэ – Тойонньу. Быһаарыылаах тойон күн.

Бээтинсэ – Friday, День Венеры. Сахалыы – Иэйиэхсит күнэ, Иэйинньи. Дьиэ-уот хомунар, сааһыланар күн.

Субуота – Saturday, День Сатурна. Улуу Суорун күнэ – Суорунньу. Дьэ, бу дьоҥҥо суолталааҕа бэрт буолан ордон хаалбыт күн аата. Билсиһии -көрсүһүү, эр-ойох кэпсэтии, ылыы, тахсыы күнэ. Дискотека, танцы, оһуохай.

Өрөбүл күн – Sunday. Күн күнэ. Күннүк диэн эргиллэн кэлэринэн нэдиэлэни эмиэ Күннүк дииллэр эбит. Күннүктээн бүгүн сыттым диэччилэр. Араастаан өйдүөххэ сөп. «Күннүктээн сытар» диэн нэдиэлэни быһа сытар диэххэ эмиэ сөп.

Былыргы Итэҕэли үөрэтэргэ умнуллубут Латыын тылынан суруллан хаалбыт языческай Рим билиилэрин үөрэтэр туһалаах буолуо этэ.

***

Утуман Таман.

Оставить комментарий