“Хаамаайы Сааска билиэҥҥэ түбэспит”
Соторутааҕыта Александр Габышевы – Хаамаайы Саасканы, Буойун Ойууну көрсүбүт киһи интернет ситиминэн бэйэтин санаатын үллэстибитин бассаапка иһиттибит. Суоллаһан-ирдэһэн биллбиппитинэн дьиҥнээх баар киһи. Кинини кытары сылдьыбыт дьахтар бэйэтин санаатын “Аартыкка” кэпсээтэ. Аатын-суолун толору суруйтарыан баҕарбат. Онон көннөрү Екатерина диэн бэлиэтэттэ:
-Мин Бурятияҕа дьүөгэм уолун сыбаайбатыгар ыҥырыллан барбытым. Онно ити Габышевы көрөөрү тиийбит саха дьонун көрсөн, олору кытары кучуйсан Ойуун Сааска тохтоон сытар сиригэр барса сылдьыбытым. Аудиоҕа саҥарар киһи оруобуна кэпсээбитин курдук, киһибит сирэйэ-хараҕа олус мөлтөх. Биир бэйэм билиэҥҥэ сылдьар дии санаатым. Төрөлкөй, кылгас баттахтаах, сорохторо тараҕай, татуировкалаах бөтөстөр арыаллыы сылдьаллар. Ол дьон сорохторо “Ландкрузерынан” сылдьаллар. Көҥүлэ суох кимниин да кэпсэтиннэрбэттэр, көрүһүннэрбэттэр эбит. Кими эмэ кытары көрсүһүннэриэхтэрин иннинэ инструкциялыыллар быhыылаах – өр да өр балааккаҕа киллэрэн олорон тугу эрэ этэллэр-тыыналлар.
Аны кэпсэтэ турдахха манаан баран тураллар, хас хамсаннах ахсын өгlөҥөлөһө тураллар.
Дьон харчы бөҕө биэрэр эбит, ону Габышев ылаат да, били хаста да хаайыыга олоро сылдьыбыт ютубер Ворон илиитигэр үргүлдьү туттаран иһэр. Уопсайынан, баҕар, биһигини харыстаан эбитэ буолуо, “мантан барыҥ”, “бара охсуҥ” диэн ыксат да ыксат , үүр да үүр буолбута. Мин саныахпар, силлибэт сириттэн ыллара сылдьар. Аһынным. Аны төннүбэт буолбут. Наһаа ырыган, хачаайы, сирэйэ-хараҕа сыппах.
Баҕар алҕаһыырым буолуо, ол гынан баран хайдах эрэ Габышевы туох эрэ улахан иэдээҥҥэ дуу, национальнай республикаларга сыһыаннаах политическай уларытыыларга туһана, тутта сылдьаллар быһыылаах. Хайыылаахтарынан харабынайдаталлар дуу диэх санаа кэлэр.
Кулун тутардааҕы миграннары утары Саха сиринээҕи айдаан, ити Бурятияҕа билигин буола турар быһылааннар, бүрээттэр ойууннарын хаайааһын, биһиги бу сахалар “ойууммун” дэммит Габышевпыт – ол аата норуоттарбыт национальнай духуобунастара – барыта сценарий быһыытынынан баран иһэр биир бырайыак түгэннэрэ дии санаатым.
Холобур, атын сыаллаах-соруктаах, доруобай, чөл киһи сатыы Москубалаабыта буоллар итинник улахан болҕомтону тардыа суох этэ. Ити блогердар, журналистар мээнэҕэ “Буойун Ойууну” пиардаабатахтара буолуо. Хамаанда бэриллэн бары саба түһэн “сырдатан” барбыттар ини диэн кэтэх санааны үөскэтэр. Сонно тута кини мэтириэтин ойуулаан Москубатааҕы миитиннэргэ туттуу, эргинии, кини киэпкэтин курдук киэпкэни тигии, оҥоруу, тарҕатыы… хайдах эрэ уорбалыыр санааҕа тиэрдэр. Наһаа барыта уурбут-туппут курдук систиэмэлээхтик барарыттан.
Билигин Москубаҕа диэри Габышев суолугар хас да национальнай республиклар сыталлар, олорго барытыгар итинник айдаан таҕыстаҕына иэдээн буолар. Путины утары барабын диэн урут эппэт этэ Габышев. Суолун ортотуттан, Саха сирин кыраныыссатыттан тахсаат да киһибит уларыйан хаалла.
Бурятия айдаана оруобуна Дьокуускайга бу саас тахсыбыт айдаан курдук саҕаланна – эмиэ болуоссаттан, 200-чэкэ киһи кыттыылаах, социальнай ситим кыттыгастаах, провокатордардаах, эмиэ улахан региональнай суолталаах тэрээһин иннинэ-кэннинэ. Биһиэхэ – көҥүл тустууга Аан дойду чемпионата, кинилэргэ – Халкин-Гол истиэбигэр сэрии кыайыытын үбүлүөйдээх тэрээһинэ. Эмиэ икки сүүсчэкэ киһи, эмиэ дьону ууга-уокка анньар провокатордар.
Итиннэ барытыгар полиция, Росгвардия, ОМОН эрдэттэн бэлэм турбутун туһунан суруйаллар. Бу сааскы дьокуускайдааҕы аймалҕаҥҥа дьиэлэр кэтэхтэригэр эмиэ мааскалаах дьону тиэммит автобустар бэлиэр хомунан турбуттара диэн билэр дьон кэпсиирэ кырдьык буоллаҕына – дьыала ис биэтэстээх, дириҥ түгэхтээх.
Буоларын курдук, Саха сирэ бу саас экспериментальнай полигон, боруобалыыр балаһаакка буолбута дии саныыбын. Биһиги салайааччыларбыт, хата, дьоннорун уган биэрбэккэ, барытын хонтуруоллаан, илиилэригэр ылан аймалҕаны тохтоппуттара. Биир түүн иһигэр Саха сириттэн, чуолаан Дьокуускайтан, ГИБДД бэлиэтээбитинэн, 10 тыһ. тахса докумуона суох мигрант массыынанан тахсан барбыт. Төһөлөөх элбэх сокуону тутуспат омук дьоно киин куоракка тоҕуоруспутун итинтэн да сэрэйиэххэ сөп.
Бүрээттэр салалталара миитиннээччилэри кыайан тохтоппотулар. Онон, арааһа, Бурятияны Забайкальены кытары холбуохха диэн этии оруннанан тахсыан сөп. Улан-Удэ быыбарыгар талыллыбыт саҥа мээр – нуучча. Оппозицияҕа сылдьар дьон бары бүрээттэр – сенатордарыттан саҕалаан тутуллубут ойууннарыгар, социальнай ситимҥэ кыйаханар духуобунай кииннэрин салайааччытыгар тиийэ. Онон омугумсуйууга күтүрүөхтэрин эмиэ сөп. Былырыын Бурятияҕа кытайдары, киргизтэри утары эмиэ айдааннар тахсан тураллар.
Габышев Читаҕа тыл эппитин санаан даҕаны. Лозуннара Татарстан Федеративнай дуогабары туруорсарын саҕанааҕы ис хоһоонноохтор. Габышев бэйэтин тылынан этэр, ол гынан баран татаардар туруорсар туруорсууларын кытары үүт-үкчү.
Уонна биири бэлиэтиэҕи баҕарыллар, соторутааҕыта биир КГБ урукку генерала “Габышевка холбоһуҥ, батыһыҥ” диэн ыҥырбыт видеота тарҕатылынна. Ити эмиэ киһини муодарҕатар.
***
Aartyk.Ru
Тоойуом, Туйаара хайдах буоллуҥ?
Туйаара Габышевтан ылара суох буолан, бу ыстатыйаны ыйыыр уехтэрээри. Ону баара Габышевы бары убаастыыллар, онноо5ор убай нууччалар харыстыыллар
Дьин, дьигин олох сэп этии!
Сааскабыт кутталламмыт, Москуба5а тиийиэр дылы киэн Арассыыйаны аймыыhы. Йуруодьыбайдар ыраахтаа5ыны суулларар кэмнэрэ кэлбит. Ити барыта Амыарыкалаттан тартарыылаах.
Полюбак спецы замешаны.
Дьэ ким билэр тугунан эргийэн тазсар.
Һааска уол оҕото, үс кырыылааҕа!!!
Наьаа эрдэттэн иннин сарбыйымыаххайын,учугэйи эрэ ал5ыаххайын, киьи акаары диэбэт киьитэ
Мин бу соторутааҕвта көрсө сылдьыбытым, конечно хас да ыйы быһа айаннаабыт киһи сылайар элэйэр боллаҕа. Туох да оннук айылаах пленҥэ игин түбэспит курдук санаабатаҕым ,киинэҕэ курдук суруйбут дии. Охраналара барыта эдэр баҕайы оҕолор батыһа сылдьаллара фотокамералаах игин
Аартык в своем стиле! Это когда у нас ЧМ по в/б проходил? Ляп на ляпе, уровень желтой прессы (((
Каждый рад и готов обмануться. Просто образ создали такой блогеры. Выдумка. А он сам чел наверно не от мира сего. Нормальный человек покупает билет до Москвы))). Но это его выбор. Кто то делает на нем хорошее бабло! Это однозначно!
Александр учугей киhи
Провакационнай статья дьэ, 🙂 тугу суруйан киирэн биэрэбит манна???)))) Билэр дьон билэр, билбэт дьон билбэт)))) ейдее5умсуйэн манна отработка5а киирэн биэриэххэ сэп))))
Власти России недовольны Шаманов из Якутии , и требует от власти Якутии прекратить и остановить его любыми методами вот такими провокациями и статьями , аудиозаписями что он такой и сякой – а он простой и за народ !
В Кремле сказали : Если дойдет Шаман до Москвы , следующим пойдет глава Якутии
ЗЕМЛЯТРЕСЕНИЯ НА БАЙКАЛЕ БЫЛО КАК ПРИШЕЛ ШАМАН АЛЕКСАНДР СИДЕЛ НА БАЙКАЛЕ !!!
ВОТ ТАКОЙ ШАМАН С ЯКУТИИ ОТ БОГА ЧЕЛОВЕК !!!
Билин,н,и кэмн,э кими итэ5эйэр саарбахтаах кэм кэллэ. Бэйэ да ыккардыгар оннук баар буолла5ына, санаан да кёрюн, ээ-атын омуктар истэригэр ким туох санаалаах -сыаллаах сылдьарын таайар-суорбалыыр ёссё сююс тёгюл ыарахан буолла5а…онтон онно политиканы эптэххэ-дьэ дьыала-куолу ёссё ыараан, балык миинин курдук киhи тугу да быhаарбат буолара дирин,ээн иhэр. Черчиль этэрин санаатахха(кён,юл тылбаас): “улахан судаарыстыбалар охсуhалларыгар – саамай суодубуллаа5а, охсуулаа5а кыра судаарыстыбыларга буолар”, – диэбиттээх. Билигин, ити, боростуой санаалаах барбыт киhини, бэйэлэрин сыалларыгар оборотка ылбыт да буоллахтарына, сымыйа буолбата чахчы. Ёссё маннык диэн баар: туох эрэ ким эрэ са5алыыр…онтон онтун улахан дьайыыга киирдэ5инэ, ким НААДАЛААХ ханна ыытар да, онтугун стихийно по инерции ыытылла турар. Бу туох элбэх буолар-буолбат дьон интэриэстэннэ?! диэн толкуйдуох тустаахпыт. Туохха уга-киллэрэ сатыыллар. Биир киhи онорбутун бютюн норуокка киллэрэ-тиэрдэ сатыыллар?! Кини со5отох турунарыгар-барарыгар кимтэн сюбэлэтэн-ыйытан барбыта дуо?! Билигин бары кэтээн кёрёллёрё кэллэ5э-сахалар хайдах -тугу гыналлар диэн. Былааhы манна сыбыыр-уган биэрэр табыллыбат ини. Син туох эрэ группа поддержки хайдах эрэ аргаайдык ити киhибитин кёмюскээн ду, ёйёён ду…дьэ хайдах эрэ ити балаhыанньаттан тахсар тустаахпыт, бары аргаайдык. Хата, мин санаабар, дойдутугар тыыннаах кэлбитэ бэрт. Кинитэ да суох, он,оруохтаах дьон он,ороллорун он,орор инилэр, кимиэхэ да сыбаммакка. Бу хас да ён,нёёх-уларыйа турар балыырдаах балыытыка5а сыыhа да санаам буолуо…толкуй буолуон наада-хас да ёттюттэн. Саха мындыр 8й8 быhаарыа.