Дьокуускайга ньурбалар көрсүһүүлэрэ
Бу нэдиэлэҕэ Ньурба улууһун салалтата Дьокуускай куоракка хас да дьоһуннаах көрсүһүүлэри тэрийдэ.
Бастакынан, аатырбыт Александр Иванов, кикбоксиҥҥа Аан дойду, Россия, СНГ чемпионун туһунан «Звездой мелькнувшая судьба» диэн кинигэ сүрэхтэннэ. Ону таһынан, Спорт уонна физическэй культура министиэристибэтигэр Антоновкаҕа, Убайааҥҥа спорт саалата тутуллуохтаах кэпсэтиитэ барда.
Ньурба улууһа былыр-былыргыттан быһый, күүстээх, хотуулаах дьонунан аатырара. Сэбиэскэй кэмҥэ биир кэлимсэ спортивнай үлэ күүскэ атаҕар турбут буолан, Ньурбаттан төрүттээх элбэх спортсменнар аан дойду түһүлгэлэригэр тиийэ ситиһиилээхтик кыттар этилэр. Билигин спорду ыччакка пропагандалыырга, бастатан туран, дьарыктанар тупсаҕай оҥоһуулаах, аныгылыы оборудованиелаах комплекстар баар буолуохтаахтар. Спортивнай объектар тутуллууларыгар урукку Спорт миниистирэ Георгий Балакшин өҥөтө улахан диэн улуус салалтата тоһоҕолоон бэлиэтиир. Республика спорка саҥа салайааччылара уруккуну салгыахтара диэн эрэнэбит.
***
Дьокуускайга олорор ньурбалары кытары көрсүһүү тэрилиннэ. Улуус ааҕыытынан, Дьокуускай куоракка 30 тыһ. Ньурбаттан төрүттээх дьон олорор.
Көрсүһүү АГИКИ аактабай саалатыгар ааста. Элбэх киһи кэлбит. Көрсүһүү, былыргы холкуос мунньаҕын курдук, хойукка диэри буолла.
Улуус баһылыга Алексей Иннокентьев үлэ-хамнас, олох-дьаһах туһунан кэпсээтэ. Ааспыт сыл тургутуу сыла буолла диир. Көтөр фабрикатыгар саахал, хотон сууллуута, өрүс киртийиитэ. Уустук кэмҥэ дьон түмсэрин көрдөрдө. Нэһилиэнньэ түргэнник хомуллан үлэ-көмө буолла, дьоммор махталым улахан диир.
Эбэ уута киртийбитигэр, урут оройуон баһылыга Балбаара Андреевна Петрова саҕаттан хаһыллыбыт ыраас уубут скважиналара быыһаатылар диир. Атын улуустарга курдук улахан аймалҕан тахсыбата, дьон барытын өйдүүр, кыаллыбатынан киирэн кыһарыйбат, сиэрдээҕи туруорсар.
Предпринимателлэр төрөөбүт дойдуларыгар төннөн эрэллэр. Урут Ньурба аатырбыт атыыһыта Боһуут Тиксиинэн, Охуоскайынан борохуот ааллары, ыскылааттары тутара, Бодойбо көмүс хостооччуларын тимир сэбиргэллэринэн, аһынан-үөлүнэн хааччыйара биллэр. Онон ньурбалар эргиэҥҥэ былыргыттан сыстаҕас хааннаахтар. “Атаххытыгар турдугут, онон төрөөбүт дойдугутугар ааккытын-суолгутун хаалларыах тустааххыт”, – диэн улуус кулубата этэр. Чааһынай хаппытаал кыттыгастаах кэккэ нэһилиэктэргэ социальнай объектар тутуллан үлэҕэ киирбиттэр, быйыл-эһиил саҥа дьиэлэр тутуллалларыгар илии охсуһуллубут.
Билиҥҥи туругунан, Ньурба улууһугар 23 883 киһи олорор. Ханна да буоларын курдук, тыаттан үөскэ көһүү элбэх. Нэһилиэктэн куоракка киирэллэр, куораттан киин куоракка көһөллөр. Баһылык: “Ньурбаҕа, Антоновкаҕа, Убояҥҥа сирбит тыырыллан бүтэн сытар. Сир тиийбэт, Куочайга тиийдибит”.
Дьон тыаҕа олохсуйарыгар олоҕун таһымын үрдэтиэххэ наада диэн баһылык этэр. Бастатан туран, суол-иис, дьиэ тутуута барыахаах, саҥа үлэлиир миэстэ аһыллыахтаах. Промышленность айылҕаҕа содула хонтуруолланыахтаах.
Быраастар, учууталлар, тренердэр, саламтаҕа анал үөрэхтээх специалистар тиийбэттэр. Каадырынан хааччылыыга улууска анал программа ылыллыбыт. 20-ттэн тахса боччумнаах ыччаты сүүмэрдээн дойду киин куораттарыгар үөрэттэрэ, стажировкалата ыытан эрэллэр. Бу ыччат кэнэҕэс улуус сайдыытыгар үлэлиэхтэрэ, улууспутун өрө тардыахтара диэн баһылык эрэнэр. Билигин үйэ сайдыыта, хаамыыта тэтимнээх, сокуон бөҕө киирэр, уларыйар, промышленность сайдар, маннык кэмҥэ таһымнаах, производствоны, технологияны, сокуону билэр дьон наада диир. Ньурбаҕа гаас-ньиэп көрдөөччү геологическай экспедициялэр үлэлииллэр эбит, онон гааска-ньиэпкэ сыһыаннаах анал үөрэхтээх дьон эмиэ наадалар.
Алмаас промышленноһыттан барыстара – үс сылга улуус капитальнай тутуутугар аналлаах дуогабар түһэрсиллибит. Егор Афанасьевич Борисов саҕаттан саҕаламмыт кэпсэтии былырыын силигэ сиппит. АЛРОСА сылын аайы тутууга 324 мөл солкуобай көрүөхтээх. Ону таһынан АЛРОСА-Нюрба 10 бырыһыаннаах акцията атыыламмытыттан Ньурбаҕа түөрт улахан тутуу барыахтаах.
Антоновка бааһынатыгар икки кытайы сакаастаан ылбыттар. Олунньуттан саҕалаан үлэлии сылдьаллар. Олохтоох дьон бу кытайдартан үөрэниэхтээхтэр, үс-хас сылынан бэйэбит фермердэрбит бу дьону солбуйуохтара диир баһылык. Кытай сиргэ сыстаҕас, бүгүрү үлэһит. Сэбиэскэй кэмҥэ Маалыкайга аҕыйах көскө кэлбит кытай бааһынаны барытын оҕуруот аһынан ыспытын сүүс саха кыайан хостообот үлүгэрэ этэ.
Аһы-үөлү харайар сир наада. Былырыыҥҥы хортуоппуйдарын уурар сирдэрэ суох буолан, сыраны толуйбат кыра сыанаҕа атыылыырга күһэллибиттэр. Эттэригэр эмиэ биир кыһалҕа. Сылгы сэтинньигэ, ахсынньыга идэһэлэнэр, олунньуттан салгын түһэр, онон переработка сыаҕа күүскэ үлэлиэх тустаах. “Саҥа, аныгы оборудованиелаах сыахтар аһылыннылар”, – диир.
Улуус депутаттарын мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Сергей Евсеев, бюджет туругун билиһиннэрдэ. Урут 800 мөл. бюджеттээх эбит буоллахтарына, былырыын-быйыл 4 млрд тахсыбыттар.
Быйыл Ньурбаҕа ситэриилээх былаас көһө сылдьар коллегиялара, улахан мунньахтара ыытыллыаҕа. Былырыын транспорт министиэристибэтэ Бордоҥ нэһилиэгэр тиийэн мунньахтаан, Марха өрүскэ уу суола аһыллыбыта. Онон итинник ведомственнай мунньахтар көдьүүстэрэ көстөн турар.
Көрсүһүүгэ кэлбит Ньурбаттан төрүттээх дьокуускайдар ыйытыылара-этиилэрэ эмиэ элбэх буолла. Дьон санаатын үллэстэн, дуоһуйан тарҕаста. Дөрүн-дөрүн улуус салалтата маннык көрсүһүүлэри тэрийэ турдун диэн буолла.
***
Aartyk.Ru
Оставить комментарий