Курс валют
$
78.72
90.31
Курс валют
Курс валют
$
78.72
90.31
Меню
Поиск по сайту

Далбар хотун Анастасия СЕМЕНОВА: Олорбут олохпунан дуоһуйабын

12.03.2020 08:34 0
Далбар хотун Анастасия СЕМЕНОВА: Олорбут олохпунан дуоһуйабын

“Саха” НКИК “50+” диэн аҕам саастаах дьону түмэн талааннарын арыйар бырайыагар, Ньурба улууһун Бордоҥ нэһилиэгин олохтооҕо 80 саастаах Анастасия Николаевна Семенова кытынна. Саастаах киһи диэтэххэ тыына уһуна, куолаһа чөллөркөйө, сирэйэ-хараҕа сырдыга көрбүт эрэ дьону барытын сэргэхситтэ.

Анастасия Николаевнаны биир дойдулаахтара нэһилиэк олоҕор көхтөөхтүк кыттар бастыҥ общественник, иилиир-саҕалыыр, тэрээһиннээх, дьаһаллаах киһи быһыытынан билинэллэр. Кини ылсыбыт буоллаҕына, барыта силигин ситиэҕэр эрдэттэн эрэбил. Дьону кытары сатаан кэпсэтэрэ, тылыгар киллэрэрэ, барытын быһаарсан баран тэйэрэ эдэрдэргэ холобур буолар.

Анастасия Николаевна тоҕуста оҕолонон, 20 сиэннэнэн, 12 хос сиэннэнэн бу орто дойду олоҕор үтүөнү эрэ булан көрөргө дьулуһар сырдык ыралаах киһи. Наар түбүгүрэ, кэлэ-бара, сүүрэ-көтө, тэрийсэ, дьон ортотугар сылдьар дьоһуннаах актыбыыс.

Бордоҥҥо бастакынан эбээлэр түмсүүлэрин тэрийсибит – кини, “Иэйиэхсит” аҕам саастаах дьон түмсүүтүн бастакы салайааччытынан үлэлээбитэ. Эдэр эрдэҕинэ Маалыкайдааҕы олох-дьаһах кэмбинээтин салайбыта, онтон саһылы иитэр фермаҕа үлэлээлээбитэ.

Анастасия Николаевна төрөөбүт төрүт буора Чоху балык диэн ааттаах сиргэ Бэстээх нэһилиэгэр (билигин Чаппанда нэһилиэгэ) баар. “Билигин онно олоро сылдьыбыт өтөхпүт омооно – сэргэ эрэ ордон турар. Кууһабын ээ… Дьикти – сэргэ наар сылаас буолар”, – диир.

– Төрөппүт аҕам – Николай Спиридонович Семенов-I сэриигэ 1941 сыллаахха ыҥырыллан барбыт. Миигин Ньурбаҕа диэри көтөҕөн киирбит, онно ийэбинээн бырастыыласпыттар уонна төннөөхтөөбөтөҕө. 1944 сыллаахха Латвияҕа, Эльгаево диэн ыстаансыйа аттыгар охтубут.

– “Эльгаево”?

– Дьэ, ити таайбыт курдук мин Александр Елегяев диэн киһиэхэ кэргэн тахсыбытым.

Анастасия Николаевна кэргэнин Александр Елегяевы кытары

Араспаанньаҕын уларыппатах эбиккин дии?

– Дьэ, туруорсан туран уларыппатаҕым. Аҕабыт онуоха кыыһыран иккис оҕотугар биирдэ саахсаламмыта, – диэн күлэр. – Сэбиэт бэрэстээтэлэ: “Һаанньа, Наастаҥ аҕатыттан соҕотох оҕо хаалбыта, эһиги элбэххит, онон араспаанньатын хаалларара сөп диэн”, – быһааран биэрэн тылыгар киллэрбитэ.

Оо, оҕо сылдьан аҕалаах оҕолорго ымсыыран бөҕө! Миигин сымнаҕастык көрбүт, аһыммыт эр дьону барытын “аҕам” диэн ыҥырарым. Аҕам доҕотторугар ыга бэрт этим. Көтөҕөн, таптаан буолар этилэр. Ол сылдьан биир киһи “аҕата өлбүтэ” диэн кимиэхэ эрэ кэпсиирин истэн хомойбуппуон. Олох хойукка диэри ол киһини абааһы көрөр этим. Аҕам үс бииргэ төрөөбүт инилэрин кытары сэриигэ барбыттара уонна төрдүөн төннүбэтэхтэрэ.

– Маалыкайга Чаппандаттан хаһан көһөн кэлбиккитий?

– 1961 сыллаахха.

– Мин өйдүөхпүттэн ыраас, дьэҥкир куоластааххын. Төрдүгэр-уускар ырыаһыт дьонноох буолуохтааххын.

– Аҕам өттүнэн олоҥхоһуттар, тойуксуттар бааллара. Кыра сылдьан наар улахан дьону үтүктэн тойуктаан, оһуокайдаан тахсарым. Оҕолору мунньан үҥкүү тылын этэрим. Аҕам табаарыһа Сыччыкы Сэмэн (Ньурбаҕа киэҥник биллэр норуот ырыаһыта – аапт.) тобугар олордон олорон олоҥхолуур буолара. Мин сарсыныгар оһох иннигэр аны оҕолору мунньан кинини үтүктэрим. Ийэм Сэмэни мөҕөр, доҕоруҥ соҕотох кыыһын дьоло суох оҥороору туойтараҕын диэн.

Оскуолаҕа сылдьан, оччолорго драмкуруһуоктар олус үчүгэйдик үлэлииллэрэ, Өктөөп бырааһынньыгар “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхоттон быһа тардыыны туруорбуттара. Мин Туйаарыма Куо тойугун туойбутум, “аай-аайбын” диэн тыллартан саҕаланр… Ону ийэм ончу сөбүлээбэтэҕэ. Сахалыы ыллыырбын боборо: “Аҕаҥ аймахтара олоҥхолоон, тойуктаан дьоллорун тоҕо туойбуттара, олох туойан көр эрэ!” – диирэ. Оттон көннөрү ырыалары ыллыырбын улаханнык бопсубат этэ.

– Оҕолоргор ыллыыр дьоҕуруҥ бииригэр эмэ бэриллибит дуу?

– Ааттаах көҥөспүн, доҕор, кимиэхэ да, туох да бэрсибэтэх буоллаҕым, – диэн аргыый күлэн ылар. – Сиэннэргэ бэриллиэх курдук, киһи улаханык саҥарбат ону.

– Маалыкай эбээлэрин, эһээлэрин түмсүүтэ, мин көрүөхпэр, олус иллээх, көхтөөх түмсүү.

– “Иэйиэхсит” диэн аҕам саастаах дьон түмсүүтүн бастакы салайааччыта этим, Вера Кузнецованы кытары тэрийбиппит. 2009 сыллахха диэри салайан баран, бээ, 70-наах киһи салайан бүтүөм, эдэрдэр, эһиги салайыҥ диэн Елизавета Егороваҕа туттарбыппыт.

Туох баар нэһилиэк тэрээһинигэр барытыгар кыттабыт: арчылыыбыт, алгыстыыбыт, куруһуок ыытабыт, сайынын оҕолорго анаан лааҕыр тэрийэбит. Ким үүнээйи, сибэкки олордорго, көрөргө-харайарга үөрэтэр, ким сиэлинэн, кыбытан тигиигэ дьарыктыыр, ким атах оонньуутун, булт –алт тэрилин үөрэтэр – төрүт дьарыкка оҕолору уһуйабыт. Биир симиэнэни аһар этибит, төрөппүттэр иккиһи эмиэ аһыҥ диэн туруорсаллар. Ону: о5олор кыһынын оскуола, сайынын эбээлэр, эһээлэр, аҕыйах ый төрөппүттэрин кытары сырыттыннар диэн аккаастыыр этибит. Ол да буоллар, быйыл иккис симиэнэ аһыллар буолла быһыылаах.

– Оҕо сылдьар?

– Былдьаһык, доҕор.

– Бэрт эбит.

– Анастасия Николаевна, кулун тутар бүгүн төрөөбүт күнүҥ – 80-ҥҥун туоллуҥ. Хайдах олоҕу олордум диэн саныыгын?
– Үчүгэй олоҕу олордум дии саныыбын. Олох барахсан күндү. Хайдах да ыараханы, уустугу көрүстэххэ, саамай сүрүнэ – санааҕын түһэриэмиэххин наада, үчүгэйи ыраланыахха уонна онно итэҕэйиэххэ наада. Оччотугар, син орун-оннугар түһэн, сыыйа бэйэтэ наарданан тахсан кэлэр курдук. Мин оҥорботохпун оҕолорум оҥоруохтара, мин сиппэтэхпин сиэннэр ситэриэхтэрэ.

– Киһи хайдах олоруохтааҕый?

– Оҕолоруҥ кыбыстыбаттарын, хомойботторун-кэлэйбэттэрин курдук олоҕу олорорго дьулуһуохха наада. Оҕолорго холобур буолар курдук. Кэмниэ-кэнэҕэс бу орто туруу дойдуга икки атахтаахха, иннинэн сирэйдээххэ баайыттан-дьадаҥытыттан тутулуга суох биир эрэ күндү баар – оҕо. Кэннигэр хаалларарыҥ – ыччатыҥ. Хайдах олоҕу олорбутуҥ барыта – оҕоҥ дьылҕатыгар бэриллэр.

– Анастасия Николаевнаны 80 сааскын туолбуккунан истиҥник эҕэрдэлиибит уонна өссө да кырдьары билиммэккэ, дьонуҥ, оҕолоруҥ, түөлбэҥ-нэһилиэгиҥ туһугар кыһамньыҥ уҕараабатын диэн баҕа санаа бастыҥын тиэрдэбит. Чэгиэн доруобуйаны, дьолу-соргуну, ыччаттарыҥ кэскиллэрэ киэҥ буоллун!

– Баһыыбаларыҥ.

***

Туйаара НУТЧИНА,
Aartyk.Ru

Оставить комментарий