Курс валют
$
107.18
0.57
112.8
1.51
Курс валют
Курс валют
$
107.18
0.57
112.8
1.51
Меню
Поиск по сайту

Дьааҥы Дулҕалааҕар уот чугаһаата

23.06.2020 13:09 2
Дьааҥы Дулҕалааҕар уот чугаһаата

Үөһээ Дьааҥыттан олохтоох нэһилиэк сэбиэтин депутата Владислав Кривошапкин  Aartyk.Ru хаһыакка биллэрэринэн, улууска былырыыҥҥы баһаар хатыланар кутталлаах, бэлиэр Дулҕалаах нэһилиэгэр уот икки өттүттэн чугаһаан ыган кэлбит. Буруо туох да ынырык, киһи тыҥатын аһытар диир. Былырыын сайыны быһа дьааҥылар эмиэ сайын үтүөтүн билбэккэ буруоҕа тумнастан сайылаабыттара.

Ойуур уота Дулҕалаах нэһилиэгэр чугаһаата, 20 км хаалла диэн Владислав Кривошапкин этэр.

“Нэһилиэк баһылыгыттан төлөпүөннээн ыйыталлар, хас биэрэстэ хаалла диэн. Ону 20 км диэтэҕинэ “эрдэ эбит, 15 км хааллаҕына эрэ биирдэ умулларар бырааптаахпыт” дииллэр, – тустаах уоргаттар хорйударын депутат бэккиһээн кэпсиир. – ЕДС биллэрбитинэн, ойуур уота бэс ыйын 16-гар бэлиэтэммит. Дулҕалаах нэһилиэгиттэн хотугулуу 40 биэрэстэ сиргэ уот турбут. Нэһилиэк баһылыгар миэрэтэ ылыҥ диэн эппиттэр. Биир тыраахтырыгар уматыга суох олорон туох “миэрэни” баһылык ылыаҕай? Аны буруо диэн ынырык, бөртөлүөт көтөр кыаҕа суох. Кыра нэһилиэк холугар баһаары умулуннарыҥ диэн соруйаллар. Техниканы, дьону тэрийэн-бэрийэн таһаарарга харчы наада. Харчы суох, эрдэ дьаһаныы суох.

Дьэ, былырыыҥҥы баһаар туохха эмэтэ үөрэппитэ буолуо дии санаабыппыт мэлигир. Кыһын правительство отчуотугар мин салайааччылартан ыйыппытым – баһаары кыратына умулуннарар курдук туох эмэ миэрэ оҥоһулунна дуо диэн. Олох аахайбатахтара. Былырыын Ил Дархан Путинтан баһаарга көмө көрдөрдө диэн отчуоттаабыттара ахан дии. Ханна баарый онто?

Былырыын кэм сииктээх-ардахтаах саас этэ. Быйыл буоллаҕына сир барыта хатан турар, уу суох, уот кураан. Дьиэ таһынааҕы термометр +40 көрдөрөн турар. Бу айылаах итиигэ ойуур баһаара тэнийэрэ үлүгэр. Ону ол диэбэккэ правительство таһымыгар кыһамньы, тэрийии, дьаһайыы көстүбэт. Мин нэһилиэкпэр Дулҕалаахха сибээс мөлтөх, нэһилиэк баһылыктара араассыйанан сибээстэһэллэр. Оперштаб тэриллибит да, тугу гынара, кимниин кими дьаһайара биллибэт. Уоту кыратыгар умулуннардахха харчы да, сыра да кэмчитик бараныах этэ. Билигин улаатан тэнийдэҕинэ, дьон дьиэтэ, тэлгэһэтэ, ходуһата уокка былдьаннаҕына эрэ хамсаналлар дуо? Тоҕо анал сулууспалары – МЧС, Авиалесохрана – хамсаппаттарый? Тоҕо дьону эрэйдииллэрий? Мин итини сатаан өйдөөбөппүн. Былырыыҥҥы баһаар кэһэкэнэ буолбатах. Үрдүкү былаас туох да үүннүүр-тэһиинниир үлэни ыыппат, эмиэ буруоҕа тумнастар дьон буоллубут”, –  диэн Владислав Кривошапкин абарар.

Кыһыл тылынан отчуот, усулуобуйа, үлэ-хамнас олус бэрт. Оттон дьиҥ иһигэр, олоххо көрдөххө сатаҕай дьаһаллар. Күҥнэ иккитэ-үстэ солбуһа сылдьан ыарыыны отчуоттаан тахсаллар. Туох да аһара бэлэммит диэн чоргуйуу, ыган кэлбитигэр туох да бэлэмэ суох эбиппит.

Былырыын хоту улуустар ыыс-быдан буруоҕа, сорохтор ууга олорбуттара. Дьону быыһыах оннугар тойон-хотун мунньуста-мунньуста өрүһунэн устан, аһаан-сиэн, ыллаан-көрүлээн, сааатаан сайылаабыта. Хата сайыммыт кылгас буолан уоту күһүҥҥү ардахтар, айылҕа бэйэтин дьаалытынан умулларбыта. Өрөспүүбүлүкэ былааһа кыттыгастаах курдук махтал отчуот бөҕө суруммута. Путинтан тиийэ көмө көрдөөбүтэ, кырдьык, оттон онто ханна баарый? Хаһан дьонугар сирэйинэн эргийэр правительствоный, наар аанньа Москубаны кыҥастаһартан кыһалҕа бэйэтэ оһон кэлиэ дииллэр дуу.

**

Aartyk.Ru

 

Обсуждение • 2

Добавить комментарий
  1. Иван Готовцев

    Конститциябытыгар субъекты федерации имеют право на самоопределение диэн киирдэҕинэ салалтабыт Москубаны кыҥастаһара тохтуо, биһи диэки эргиллиэ.

  2. Дьону буойа сатаабыттара дии

    Олох ертеемен диэн этэ сатаабыттара, ону ол дьон олох истиэ дуо, сааЬы быЬа дэлби ертеебуттэрэ, кураан саас кэлбитин билэ-билэ.
    Уонна бу кэлэн…

Оставить комментарий