Уус алданнар ыйы быһа кими чиэстээбиттэрий?
“Донецкай республика героябын, РФ героябын, генерал-лейтенаммын диэн, алта сыл хаайыыга олорбут, Уус Алдантан төрүттээх, “Кэнчээригэ” үҥкүүлээбит массыанньык Татаров Бороҕоҥҥо кэлэн ыйы быһа эҥин араас көрсүһүү, чиэсстээһини оҥотторон чуолкайдамматах сибидиэнньэннэн администрацияттан 5 мөлүйүөн харчы уонна массыына бэлэхтэтэн баран сүтэн хаалбыт”, – диэн бассаап соһутар.
Ол иннинэ “дьоруойу” кытары ыксаласпыт дьон хаартыската бассаабы толору субуллубута. Ол кэнниттэн аны өр-өтөр буолбакка сырыһыннара суруналыыс Владимир Степанов “Кыымҥа” “Эн кимҥиний: генералгын дуу, массыанньыккын дуу?” диэн ыстатыйатын хаартыската ыытыллыбыта. Саҥардыы саҥа аллайан сөҕөн-махтайан иһэн аны сиргэ лах гына түстүбүт.
Суруналыыс тустаах уоргаттар Татаров кимин-тугун билэ тардалларыгар илдьит ыыппыт. Уонна сахалар наһаа барбыкка-кэлбиккэ итэҕэйимэҥ эрэ диэбит. Оттон бүтүн улуус дьаһалтата, былааһа чээн диэн уруй-айхал буолбутугар боростой киһи итэҕэйиминэ. Былааһы итэҕэйэр буоллахпыт.
Онон Уус Алдан дьаһалтата ыйы быһа кими чиэстээбитин ким да билбэт буолан таҕыста. Оттон дьаһалта дьаһалта курдук бу сибээс үйэтигэр дьокуускайдарга төлөппүөннээн ким-туох киһи кэлбитин сураһыах эбиттэр?
***
Туохтан соhуйагыт оннук дьон элбэх Дьокуускайга.Биримиэр: сыалай юнюстютюют дуу, академия дуу баар глобальных,космических проблем.Тугу ёёрэтэллэрэ биллибэт,туох санганы арыйбыттара эмиэ суох курдук,ол эрээри хамнастара дьэ космическай!- что есть то есть…..Ким ону салайар?:бары бэккэ билэгит!
Ефимов, Красильников диэн
Космофизика учуонайдара биирин аатынан уулусса баар, государственнай премия ыла сылдъыбыттара, туохха ылбыттарын билбэтим. Институт онтон мантан көтөр ракеталар бастакы ступеннара киһитэ аҕыйах уонна онтон үөрэллэр эрэ диэн саха сирин үрдүгэр түһэрэллэр. Уус Алдан Кэбээйи Бүлүү түбэһэллэр. Бүлүүгэ үөрүүлэриттэн оннук ракетаны эргэни анаан көрдөһөн булан тиэйтэрэн аҕалан туруорбуттара. Ол ракеталар начинкаларыгар иҥин үлэлииллэр. Онон космонавтикаҕа кыттыгастаахпыт бары. Сороҕор ол ступеннары булаллар, сороҕор ханна эрэ гептил ракета сүлүһүннээх оттуга, таптала буолбатах, тохтор дъон өлөр. Ону барытын үөрэтиэххэ наада дуу суох дуу, оҕонньотторбут да ону маны ыйыталаһаннар, сүгүн олорбокколор.
Улуу Гоголь Ревизор диэн комедията илэ бэйэтинэн. Маны суьаллык сана саха комедията онордоххо туох баар рейтиннары хампы сотор федеральнай таьымнаах уус-уран киинэ буолуо этэ…
И никто не удосужился проверить, кто есть кто! А ведь это: “Элементарно, Ватсон!”
билэллэр беге буо, кыра улууска бары бэйэ бэйэлэрин билсэн эрдэхтэрэ, тёмнай согус тиэмэ, чэ аhагастык суруйбаппын,
Ус алданнар бэйэлэрэ оннук албын колдьун атыылыр ньуолбар саарбах бурээт хоро дьоно.Бугун кэлэн соьуйан.Билигин оннук дьон элбэх.Пенсионер бутэьик харчытын хомуйан баран.Бу мин буллум сэриигэ илдьэн биэрдим диэн фото элбэх.Уруку сиэмэх сууттаммыт тойоттор.Ити киьи сэриигэ сырытта5а дии.Дьигинэн олох да хаайыга таах сытыахтаах этэ.Биьиьи дьоммут хата курээн.Биир самолёт киьи табалар.Тойоттор бырааьынньык.Харчы эрэ сиир туьугар.Араас уорганнар ОП ОНФ Защитники отеч.депутаттар бааллар.Олортон ыйыт.
Пизди гыныман эһиги, мээнэ туораттан!
Ити дьиҥнээхтии Бороҕон уола, Бороҕоҥҥо төрөөн-ууһаан улааппыт уол. Мин кинини кыра эрдэҕиттэн билэбин. Наһаа үчүгэй, сытыары сымнаҕас уонна наһаа справедливай.уол этэ, школа кэмнэригэр, бэйэтин кыанар, даже ааһа баран эттэххэ, олус кыахтаах, начальнай физкультурата боксаттан саҕаламмыта.
Ону билиҥҥи улуус былаастара эмиэ кинини өрдөөҕүттэн билэр, биир түөлбэҕэ тэҥҥэ үөскээбит дьоннор билсэр буоланнар чиэстээтилэр бочуоттаатылар буоллаҕа дии. Олохтоох Бороҕоттор бары билэбит, ити биһиги оҕобут.
Ону туораттан кэлэн ким эрэ Бороҕон баһылыктарын мошенниктаан барбыт курдук мээнэни иирдэн суруйаллара, абаккалаах ээ, акаарылар бааллара.
Бэйэбит дьиҥ бу сиргэ төрөөбүт оҕобутун билинэбит. Ийэтэ төрүт Уус-Алдан, Саха кыыһа, аҕата Мордвин, наһаа үчүгэйдик быр бааччы ыал буолан олороллорбуттара ыраатта Бороҕоҥҥо, үс бааһынай уол оҕолору төрөппүттэрэ. Олортон ити ортоку уоллара Виктор сылдьар.
Хаайыы да хаайыы диэмэн уонна мээнэ. Биричиинэтин билбэккэ сылдьаҥҥыт!
Кини дьиҥэр хаайыы үктэллэнэригэр туох даҕаны буруйа суох диэхпин баҕарабын. Кини просто алыс күүстээх. Как обычно армияҕа сулууспалыы тиийбитигэр ,дедтар киэптээбиттэрин утарылаһан, охсон кэбиспитигэр, киһитэ өлөн хаалбыт. Ол иһин дисбатка ыыппыттар, онтон ол армия срога бүппүтүгэр, хайыаҕай, обычнай хаайыыга көһөрүллэр. Онон үргүлдьү ол обычнай ЗЕК курдук хаайыыттан тахсан кэлэр.
Дьиҥэр ис иһигэр киирэн көрдөххө, наһаа киһи сүрэҕэ мөхсөр историята дии. Холобура, как обычно оҕоҕун уолгун армияҕа атаараҕын, онтукайын алта сылынан хаайывттан эргиллэн кэлэр. Абаккам да буолар эбит ээ. Ити аһара кыахтаах күүстээх буолар, эмиэ биир өттүтэ, обратная.сторона медали типа.
Онон мин биири этиэхпин баҕарабын. Кырдьыктыы дьиҥнээх народнай герой ити кини сылдьар диэммин: Татаров Виктор Олегович. Ханна даҕаны мээнэ уруһуйдана сылдьыбат. Дьиҥнээхтии дьыаланы оҥоро сылдьар (уоттаах сэрии толоонун кыттыылааҕа). Уонна төрөөбүт Дойдутугар кэлэн кыратык расслабись гыннаҕа дии, чуточку захотел, чтобы его признали, ол улус администрациятыгар тиийбитэ буолуо. Онтукайа бары бэйэтин билэр көлүөнэ уолаттара олороллор эбитэ үһү. Дьэ дьоро киэһэлэри тоҕута тардыбаттар үһү дуооо ол кэннэ 😄