Курс валют
$
99.42
3.96
106.3
3.48
Курс валют
Курс валют
$
99.42
3.96
106.3
3.48
Меню
Поиск по сайту

Дьокуускайга Госдума түөрт депутата кэллэ

08.02.2024 17:01 9
Дьокуускайга Госдума түөрт депутата кэллэ

Госдума депутата, биир дойдулаахпыт Сардаана Авксентьева “Новые люди” фракциятын депутаттарын Дьокуускайга аҕалла.

Бастатан туран, Дьокуускайга кэллилэр: Демин Александр Вячеславович, Госдума дьоҕус уонна орто урбааҥҥа кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ; Арапов Георгий Константинович, Госдума  экологияҕа, айылҕа баайыгар, тулалыыр эйгэни харыстыыр кэмитиэт солбуйар бэрэссэдээтэлэ;  Плякин Владимир Владимирович, Госдума промышленноска уонна эргиэҥҥэ кэмитиэт чилиэнэ.

Бүгүн сарсыарда Георгий Арапов СӨ экологияҕа миниистирин Евгений Перфильевтыын, оттон Александр Демин Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин Алексей Еремеевтыын көрүстүлэр. 14.00 чаастан Өрөспүүбүлүкэтээҕи пресс-кииҥҥэ орто уонна дьоҕус урбаан сытыы боппуруостарын тула Төгүрүк остуол тэрилиннэ. Саала иһэ толору, дьон бөҕө кэлбит. Видеону бу сигэнэн киирэн көрүөххэ сөп.

Бу күн Георгий Арапов, манна диэн эттэххэ – 23 саастаах эрэ уол, ХИФУ устудьуоннарын, ыччаты кытары көрсүһүөҕэ. Уопсайынан да, “Новые люди” депутаттара бары да эдэр, сэргэх дьон эбит.

Араповы @aartyk.ru телеграм-канал ааҕааччылара “наһаа суон” диэн кэриэтии охсубуттарын ааҕан коллегалара күлсэллэр. Дьиҥэр, илэ көрдөххө оннук айылаах буолбатах эбит. Эдэрэ өтөн интервью биэрэригэр долгуйар, тиритэр-хорутар эрээри, саҥата-иҥэтэ чөллөркөй.

Оттон Самараттан төрүттээх Владимир Плякин кэпсэтинньэҥ-үөрүнньэҥ киһи эбит. Кини Саха сиригэр аан бастаан кэлбит. Ыалдьыт экзотическай ырыынакпытын – Сайсары ырыынагын баран көрдө-иһиттэ, дьиктиргээтэ. @aartyk.ru телеграм-каналга Саха сирин туһунан бастааҥҥы санаатын сайа эттэ.

Владимир Плякин, ГД депутата, Сайсары ырыынагар. Фото тгк @aartyk.ru

Сарсын депутаттар Хаҥалас улууһугар үлэлиэхтэрэ, нэһилиэк баһылыктарын, дьону-сэргэни кытары көрсүөхтэрэ, мунньахтыахтара. Өйүүн Москубалыыллар.

Санатар эбит буоллахха, РФ президенин быыбарыгар “Новые люди” партияттан Владислав Даванков кыттар. В.Путин партията суох быыбарга кыттар. 

***

Aartyk.Ru

 

Обсуждение • 9

Добавить комментарий
  1. Пенсионер

    Кэллиннэр ээ.Суустэ истибитттээ5эр Корбут ордук диэн.Самара Урал татаар уола.Маладьыас.Сахалар курдук бэйэтэ корон тутан эрэ баран кэрэхсиир.Саастаах дьону уонна эдэрдэри кытта корсуьуннэриц.Биллиннэр кордуннэр Саха сирин тыа оло5ун.Студеннары спортсменнары кордоруц.Опыт ыллыннар дьону корсон.Кэпсэтэн сэргээн саца сууту сокуону аахтыннар.

  2. билэр.

    я думаю и прошу как “благополучатель” наша народный депутат Сардана Авксентьева, донесет мнение народа в Москву.

  3. хас сыл устата

    оччо-бачча сүүһүнэн, тыһыынчанан млрд. Сир “баайын” хостоотубут диэн киһиргэс оҥоһунна.

  4. билэр.

    төһө да сотторбуккут иһин арай Олох Кырдьыга сотуллубакка алдьаталыа.

  5. манна

    интернет иһигэр биир салайар былааска үлэлээбит киһи:”Сир “баайын” хостооботохпутуна хоргуйан өлөбүт,”- диэн суруйбут. Оннук дуо? суруйуҥ эрэ биирдэ баҕас.

  6. Хаххан

    Олохтоох депутаттар ИТ куорат гордума улуус деп.олох да дьону кытта кэпсэппэттэр.Талыллан баран сутэн хааллылар.Дьон оло5ор сыана урдууругэр тарбанан да корботтор.Арыгы уу курдук атыыланан Айдаан тордо буолла.Олоруу оьоруу ДТП эрэ.Барыта туох эрэ дьиикэй кыыл дьон курдуктар.Баайдар аьыыр айдаана.Хата кинилэр хас да куртахтаахтар.Дьадацылар арыгылаан баран олорсон тахсаллар.Сэрии буола турарыгар эрэ наадыйбаттар.Эгэ кыьал5аны аахайыахтара Дуо.

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»