Курс валют
$
103.38
0.85
109.78
0.42
Курс валют
Курс валют
$
103.38
0.85
109.78
0.42
Меню
Поиск по сайту

Биир таҥнарыы иккиһи соһор…

07.12.2020 08:13 6
Биир таҥнарыы иккиһи соһор…

“Билиҥҥи кэмҥэ Аан Дойду үрдүнэн ханнык омук тыла тыыннаах хааларын туһугар охсуһуу бара турар,” – диэн ахсынньы ый 5 күнүгэр ыытыллыбыт ”Оҕону ийэ тылынан саҥардыахха” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи онлайн-форум модератора Василина Попова сүрдээх дириҥ ис хоһоонноох этиитэ төбөбөр хатанан хаалла.

Кырдьык, толкуйдаан көрдөххө, билиҥҥи кэмҥэ сир, баай эрэ туһугар сэриилэспэккэ, ким күүстээх, ол тыла тыыннаах халыа диэн тыҥааһыннаах быһыы-майгы баар эбит.

Сахалар төһө да аччаабыппыт иһин төрөөбүт төрүт тылбытын сүүрбэ биирис үйэҕэ син сордоон-муҥнаан соһон киллэрдибит. Онно өҥөлөөх дьоммут – сахабыт тылын өрө туппут учуонайдарбыт, суруйааччыларбыт, бэйиэттэрбит, суруналыыстарбыт, музыканнарбыт, ырыаһыттарбыт уонна күннээҕи олохторугар сахалыы сэмэй саҥанан кэпсэтэри талбыт биир дойдулаахтарбыт. Бу дьон биирдиилээн ким хайдах сатыырынан төрөөбүт тылбыт сүппэтин, симэлийбэтин туһугар айа-тута, билэ-көрө, истэ-иһитиннэрэ сылдьаллар.

Маны тэҥэ кэнники кэрдиис кэмҥэ араас саҥа идэлэр үөскээн эрэллэр. Сахалар толлон турбакка дьикти холкутук саҥа сүүрээҥҥэ киирсэн иһэрбитинэн маладьыастарбыт диэн киһиргэнэ да түһүөххэ сөп. Ол курдук, Василина Попова саха тыла үөрэхтээх, уруккута «Кыым» хаһыат суруналыыһа психолог идэтин баһылаан төрөөбүт төрүт тылбыт тыыннаах хааларын туһугар үлэтин аны атын, психология өттүнэн кимэн киирэн эрэр.

Дьиҥэ, биһиэхэ психологтар аҕыйаҕа суохтар диэн ким эрэ утары хоруйдуон сөп. Василина уратыта диэн психология уонна саха тыла наукаларын дьүөрэлии тутан киһиэхэ тус бэйэтин кыһалҕатын, бэйэтэ бэйэтин кытары мөккүөрүн быһаарарга көмөлөһөр “тылынан эмтиир” эриэккэс исписэлиис диэххэ сөп.

ТОҔО МИН КИНИЭХЭ НААДЫЙДЫМ?
Василина туһунан миэхэ дьүөгэм: “Инстаҕа киирэн бу кыыһы көр эрэ, араас сахалыы курстары, марафоннары ыытар эбит, интэриэһинэй баҕайы быһылаах,” – диэн профилин ыыппыта. Мин тутатына аһа баттаатым уонна “мин бу кыыстыын хайаан да билсиэхпин наада” дии санаатым.

Мин аатырбыт Олоҥхо дойдутуттан Сунтаартан төрүттээх, уу сахалыы эйгэттэн тахсан, саха оскуолатын бүтэрэн баран “тоҕо эрэ нууччалыы тыллаах суруналыыстыкаҕа иилиҥкэйдэһэн сыстан хааллым, тоҕо төрөөбүт тылбынан суруйбакка иккис тылбын өрө туттум?” диэн билигин кэлэн өйдөнөн, бэйэм бэйэбиттэн ыйытар буоллум. Бу мунаахсыйар ыйытыыбынан, дьэ, Василинаҕа тиийдим.

Кыыспынаан ирэ-хоро кэпсэттибит, ытаһан-соҥоһон да ыллыбыт уонна бу быһаарыныыбын оскуоланы бүтэрэрбэр да, анал үөрэхпин талан киирэрбэр да буолбакка, кыып-кыра сылдьан ылыммыппын ыйан биэрдэ.
Уон биир саастаахпар ийэм ыарахан ыарыыга ылларан, бу орто дойдуттан күрэммитэ. Борбуйбун уйуна илик оҕо саамай күндү киһим суох буолбутун “кини миигин куһаҕаммын иһин быраҕан барда” диэн өйдөөбүппүн, ону тэҥэ ийэ тылбар талаһыыбын уоту умуруорар курдук арааран кэбиспиппин.

Толкуйдаан көрбүтүм, кырдьык, ол сахтан мэлдьи нууччалыы эрэ ааҕар, нууччалыы эрэ суруйар буолбут эбиппин. Кыбыстыах иһин, саха тылын уонна литэрэтиирэтин уруоктарын аанньа ахтыбакка сүгүн үөрэммэтэҕим. Инньэ гынан, оскуоланы бүтэрэбэр сахалыы тиэкиһи хаста да хатылаан аахтахпына биирдэ өйдүүр буолан бүтэрбитим. Улаатан баран син өйдөнөн, саха классиктарын ааҕыахтаахпын диэн санааҕа кэлэн, төбөбөр дөбөҥнүк киллэрээри нууччалыы тылбаастарын булан аахпытым.

Бэйэҥ итэҕэскин киэҥ эйгэҕэ таһаарар хаһан баҕарар ыарахан. Интэриниэккэ сахалыы билбэт дьону, оҕолорун нууччалыы үөрэттэрэр төрөппүттэри дьон сэмэлиирэ, үөҕэрэ бэрдиттэн суруйабын. Төрөөбүт тылы таҥнарыы араас суолунан барар. Туох эрэ санааттан, хомойууттан. Сорохтору төрөппүттэрэ отой кыра эрдэхтэринэ нуучча обществотыгар уган кэбиһэллэр, кинилэр онно буруйдара суох. Бэйэтин толорутук сананар киһи бэйэтин уонна оҕотун төрөөбүт тылыттан хайдах да матарбат диэн санааҕа кэлэн туран, Василина курдук исписэлиистэр биһиэхэ олус наадаларын бэлиэтиэхпин баҕарабын.

Шалва Амонашвили уонна Василина ПОПОВА.

ШАЛВА АМОНАШВИЛИ ҮӨРЭҔИН САХАЛЫЫ ТЫЫННААН

Үөһээ этэн аһарбытым курдук, Василина бастакы үөрэҕинэн саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала. Сахатын тылын хайдах курдук оҕо эрдэҕиттэн таптыырын, маанылыырын, өрө тутарын туһунан кэпсиирин истэн мин сөҕөбүн эрэ. “Өлүөхүмэттэн төрүттээхпин” диэтэҕинэ дьиктиргиирим өссө күүһүрэр, бааһынымсыйа сатаабыт сахалар, дьэ, онно буолуохтаах этилэр буо.

Үрдүкү кылаастарга ийэтин дойдутугар үөрэнэн, оскуоланы Тааттаҕа бүтэрбит. Онно үөрэнэр кэмигэр Маргарита Романовна Егорова диэн учууталга үөрэммитин күндүтүк саныыр, улахан табыллыым диир. “Учуутал үөрэнээччилэргэ сыһыанынан киһини тылынан эмтиир тыыннаах холобуру илэ бэйэтинэн көрөн улааппытым” диир.
Биэс сыл «Кыым» хаһыакка үлэлээн баран, Василина бэйэтин атын өттүн сайыннараары (новые грани диэбит курдук) Арассыыйаҕа киэҥник биллэр “гуманнай педагогика” диэн сүүрээни сайыннара, тарҕата сылдьар психологическай наука дуоктара Шалва Амонашвилига үөрэнэ тиийэр.

Бу академик урукку иитии билиҥҥи оҕолорго сөп түбэспэтин бэлиэтии көрөн, аныгы оҕолору мөхпөккө, дьарайбакка үөрэтэргэ угуйар. Кини “төрөппүт оҕону үөрэппэт, оҕо төрөппүтү үөрэтэр диэн Лев Толстой эппит санаатын бигэргэтэр. Мин көрдөхпүнэ, Василина бу уһулуччулаах профессор философиятын ылан саха менталитетыгар сыһыара тутан бэйэтэ туспа прикладной научнай үлэ оҥоро сылдьарын билимэккэ да сылдьар быһыылаах.

БЭЙЭБИТИН ТАҤНАРЫМЫАҔЫҤ
Мин Василиналыын кэпсэтиим кэннэ тылга эрэ сыһыаннааҕы буолбакка, атын – тус бэйэм испэр муунтуйар ыйытыыларбар эмиэ хоруй буллум: биир таҥнарыы иккис, үһүс таҥнарыыны соһор эбит. Бэйэни таҥнарыыттан, санааҕын, баҕаҕын истибэттэн искэр мөккүөр үөскүүр. Хас биирдии киһи иһигэр бэйэтэ бэйэтин кытта тугу өрө-таҥнары тута сылдьарын туора киһи билбэт да, таайбат да. Олохпут бу ис мөккүөрү быһаара сатыырга да бараныах курдук, ону анал үөрэхтээхтэр чопчу өтө көрөн, харахпытын арыйан биэрэллэрэ олохпутун чэпчэтэр дии саныыбын. Онтон бу исписэлиис эйигин кытары үлэлииригэр эн омуккун, «национальнай идентификацияҕын», «национальнай кодкун» таба туһанар буоллаҕына, эн ордук ылынаҕын уонна эйиэхэ ордук туһалыыр эбит.

Василина этэринэн: “Бэйэни таҥнарыы – саамай улахан таҥнарыы. “Мин кимминий?” диэн олус улахан, бардар бара турар иэнэ көстүбэт ыйытыы баар. Манна эн төрүт тылыҥ сүҥкэн суолталаах. Тыл тирэҕи биэрэр. Оттон тирэх диэн – ис турук. Турук диэн бэйэҥ төрөөбүт тылыҥ. Төрөөбүт тылбыт тапталы уһугуннарар, тапталга бигиир. Олох тапталтан таҥыллан турар. Таҥнарымыаҕыҥ – бэйэбитин, ис идеалбытын уонна төрөөбүт төрүт тылбытын!

Оттон тугу эрэ куоттарбыппын, сыыһа, мүлчү туттубуппун диэн билинэр буоллахха, ити үчүгэй өрүт. Үчүгэй дии, өйдөөбүккүн. Аны көннөр диэн. Бэйэҕэр, оҕоҕор, сиэҥҥэр. Олох олорорбут тухары саҥаттан саҥа күүс, кыах көстөн иһэр ээ”.

Бүтэһигэр кыыһым: “Төрүт тылларын баардылыыр, хос үөрэтэр, ийэ тылларыгар эргиллэр дьону олус ытыктыы, хайгыы көрөбүн,” – диэн миигин алҕыыр.

Василина Попова тугу үлэлии-хамсыы сылдьарын билсиэххитин баҕарар буоллаххытына Инстраграмҥа көрүөххүтүн сөп: vasilina_popova_

***

Анжелика МОТОСОВА,

Aartyk.Ru

Обсуждение • 6

Добавить комментарий
  1. Степан

    сахалыы саҥарары төрөппүт эрэ буолбакка, оскуолаттан, детсадтан саҕалаан сокуоҥҥа тиийэ тарҕаныахтаах. Оччоҕо эрэ эстиэ суоҕа. Сокуоҥҥа киирэ илигинэ сим биир сүтүө. Оннооҕор нууччалар тылларын сүтэрэн эрэллэр, барыта омуктан киирии тыллары тутталлар. Оннук муода, аныгы оҕолор бэйэ бэйэлэрин үтүктээһиннэриттэн, киэбириилэриттэн тарҕанар.

    • Халан

      Хас биирдии киһи бэйэтин таһымыгар – төрөппүт буоллаҕына дьиэтигэр, учуутал буоллаҕына оскуолаҕа, салайааччы буоллаҕына дьаһалтатыгар (үрдүкү салалтаттан көрдүүрүгэр уонна подчиненнайдарын салайарыгар), дьокутаат буоллаҕына Ил Түмэҥҥэ сокуонунан тылы көмүскүүргэ туруохтаах буоллаҕа.

      Кимнээх эрэ туруорсуохтаахтар дии-дии олорортон олох тупсан кэлбэтин кэриэтэ, саха бэйэтэ турууласпатаҕына, бэйэтэ илиитинэн-атаҕынан тутан сурйбатаҕына-оҥорботоҕуна, ханнык да Билл Гейтс дуу, кытай корпорацията дуу, Буучун дуу саха тылын сайдыытыгар хамсаныа суоҕа, сахалыы суруйан-оҥорон биэриэ суоҕа.

  2. Халан

    Бу бэртээхэй матырыйаал тахсыбыт!

  3. Долгун

    Бэйэни таҥнарыы диэн наһаа күүскэ этиллибит. Сөпкө. Саҥа өйдөөн соһуйдум.

  4. Александр

    Детсадтарга нууччалыы санардары отой бобуохха наада,отой тердуттээн хотторуубут итиннэ сытар.О5олор нуучча тылын син биир билиэхтэрэ,онтон тереебут тылбыт хайаан да сайдыахтаах.Тереппут барыта терут тылын, культуратын учугэдик билэр буолбатах,уерэхтээх ,билиилээх иитээччилэр элбэ5и да биэриэ этилэр,о5о5о.

  5. Кугдаров

    Детсад о5отун, аан дойдуну арыйа сылдьар саха учуонайын курдук керуллуехтээх уонна олох сахалыы кеме оцоьуллуохтаах, септеех билиини ыларын курдук.

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»