Курс валют
$
106.19
0.99
112.02
0.78
Курс валют
Курс валют
$
106.19
0.99
112.02
0.78
Меню
Поиск по сайту

Улуус номохторо, үһүйээннэрэ. КОТЕЛЬНАЙ (Аллараа Халыма)

28.12.2023 08:42 0
Улуус номохторо, үһүйээннэрэ. КОТЕЛЬНАЙ (Аллараа Халыма)

Походскай сиэнэ тиийэр сирэ. Былыргыттан тыл. Ону Котельнай диэн ааттаабыттара. Былыр чукча сэриитэ баар үһү. Иһити-хомуоһу талаан илдьээрилэр ол сэриини тэрийэн кэлэ сылдьыбыттар. Дьэ онно биир оҕонньор олорбут. Ол оҕонньор биир эрэ алтан салыырдаах эбит. Ону былдьаарылар оҕонньору сырсыбыттар. Онтон ол сиэн туран, дыгдыйа буолан, тоҥон турдаҕына, ортото, биэрэгэ халыҥ соҕус буолан, киһини уйар-уйбат буолан турдаҕына. Онно ситэн истэхтэринэ. Хас эмэ киһи батыйалаах. Ону халытан ыыппыт. Ол килэҥ устун. Салыырын. Оттон ол дьон диэтэр оҕонньору кэбиспиттэр. Салыырга киирбиттэр. Сүүрэн. Килэҥ устун. Бары тимирбиттэр. Онтон ааттаммыт үһү.

 

***

Савва Алексеевич Слепцов (1920). Аллараа Халыма улууһа, Походскай сельскэй Сэбиэт. 1984 с. суруйбутум. Багдарыын Сүлбэ “Талыллыбыт үлэлэр” кинигэтиттэн

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»