Сунтаарга бара турар тутуулары көрдүлэр-иһиттилэр
Балаҕан ыйын 14 күнүгэр, Сунтаар улууһун Аҕа баһылыгар иккис болдьоххо талыллыбыт Анатолий Григорьев, баһылык бастакы солбуйааччыта Николай Александров, баһылыгы экономическай сайдыыга уонна стратегическай былааннааһыҥҥа солбуйааччы Борис Васильев, тутуу комплексын управлениятын салайааччытын солбуйааччы Дмитрий Саввинов уонна исписсэлиис Артур Ефимов бара турар тутуулар хаамыыларын көрөн-истэн инники былааннары торумнаатылар.
“РТС” түөлбэҕэ «Демография» национальнай бырайыакка олоҕуран саҥа 240 миэстэлээх оҕо саада тутуллар. Тутууга дьон тийбэтин бэлиэтээн, бэдэрээччиккэ үлэһит ахсаанын эбэригэр сорудахтаатылар. Билигин эбийиэккэ 44 үлэһит баар, онно эбии Үөһээ-Бүлүүттэн 7 киһилээх биригээдэ көмөҕө кэлбит.
Биэс этээстээх элбэх квартиралаах дьиэ өрөмүөнүн үлэтин көрдүлэр. Билигин дьиэ таһыгар тротуар оноруута уонна олбуордааһын, массыына ааһар суолун бетоннааһын, септик уонна стоянка, ону таһынан инникитин көҕөрдүү үлэтин ыытары былаанныыллар. Эбийиэккэ ис өттүгэр 7 киһилээх биригээдэ үлэлии сылдьар.
С.А. Зверев аатынан духуобунас уонна култуура киинин үлэтин хаамыытын билистилэр. Дириэктэр Алексей Седалищев дьиэ ис өттүн Москва куораттан «Софит лайт» хампаанньа аппаратура аҕалан туруорааһыныгар үлэлии сылдьалларын иһитиннэрдэ. Ону сэргэ сценаҕа экран настройдааһын, зал акустикатын оҥоруу уонна уот-күөс мантааһа ыытылларын сырдатта. Таһынааҕы үлэҕэ благоустройство ыытыллар.
***
“Сунтаар улууhа (оройуона)” муниципальнай оройуон дьаһалтатын пресс – сулууспата
Оставить комментарий