Сунтаар блогердара – үтүө дьыалаҕа
Билиҥҥи кэмҥэ «блогердар батллара» диэни иһиттэххэ, тута солуута суох, бэйэ-бэйэҕэ туһата суох күрэһи биллэриилэри, саарбах баҕайы видеолары санаан кэлэҕин. Оттон бу күннэргэ ити өйдөбүлгэ отой ураты уонна биһиэхэ, саха дьонугар киһи астына, кэрэхсии, киэн тутта көрөр «блогердар батллара» буолан ааста. Бу тэрээһиҥҥэ диэххэ, улуус Култуура уонна айылгы управлениетын салайааччыта, суруналыыс Мария Кобельянова-Тускулаана уонна култуура үлэһитэ Михаил Федоров-Кутана Сунтаар улууһугар Үтүө дьыаланы оҥорооччу сылыгар куйаар ситиминэн сонуннуу, үлэлии сылдьар Сунтаар блогердарыгар “Үтүө дьыаланы оҥор” диэн бэрт сэргэх куоталаһыыны биллэрдилэр.
Бэйэ-бэйэлэригэр үстүү сорудаҕы аныырга туруннулар. Бастакы сорудах туолуутун инстаграм нөҥүө долгуйа көрөөччү элбээтэ. Ол курдук, маҥнай Тускулаана сорудаҕынан Михаил маҕаһыыҥҥа киирэн саастаах киһи атыыласпыт бородууктатын төлөөтө, иккис сорудаҕар Устье нэһилиэгэр хоруона хамсыгар хаайтаран олорор кырдьаҕас киһиэхэ Култуура уонна айылгы үлэһиттэринээн олус истиҥ кэнсиэри бэлэх уунан үгүс киһи кэрэхсэбилин ылла.
Оттон Михаил сорудаҕынан Тускулаана Сунтаар биир улахан «Татыйыына» маркетыгар “Үтүө санаа долбуура” тэрийэн, түмүллүбүт бородууктаны биэс элбэх оҕолоох, кырдьаҕас ыалга түҥэттэ.
Онтон дьэ иккис сорудах үгүс көрөөччү биһирэбилин, истиҥ астыныытын ылла диэтэххэ, сыыспатым буолуо. Михаил иккис сорудаҕынан Мария Васильевна – Тускулаана аны «Хорохой» хаһаайыстыбаҕа Дмитрий Николаевка тиийэн хотонугар көмөлөстө. Оҕо сылдьан ынах-сүөһү көрүүтүгэр син сыһыаннаах киһи буолан, бэриллибит сорудаҕы уолунаан Айаанныын кыайа-хото туттулар. Куйаар ситиминэн күннэтэ «Үүммүт үтүө күнүнэн..» диэн чуопчаарбыт кэрэ куоластаах, Сунтаар биир мааны салайааччыта ынах ыан, саах күрдьэн, от бэлэмнээн, ньирэй аһатан иккис сорудаҕын үмүрүтэн, инстаграм сурутааччылара сөҕүү-махтайыы, киэн туттуу санааларын астына үллэһиннилэр.
Оттон дьэ, түмүктүүр үһүс сорудаҕы иккиэн бииргэ тэрийдилэр. Сунтаардааҕы анал коррекционнай оскуола 15 уолугар умнуллубат, олус туһалаах, оҕолор өйдөрүгэр-санааларыгар умнуллубаттыы хаалар үтүө күнү бэлэхтээтилэр. Уолаттар “Татыйык” кафеҕа бургер о.д.а минньигэс аһы аһаан астыннылар, ол кэннэ Бүлүү эбэҕэ тиийэн муус аннынан балыктаатылар. Ким эрэ маҥнайгы балыктааһына буолан, өссө долгутуулаах буолла. Сибиэһэй салгыҥҥа көрдөөх стартар тэрилиннилэр, сыал ыттылар. Ол кэннэ Кыыл Уолун киинигэр кэлэн Добун уораҕайга ыалдьыттаатылар, киинэ көрдүлэр. Тэрээһин түмүгэр “Корона” маҕаһыын минньигэс бэлэҕин кытары бу күҥҥэ хатаммыт хаартыскаларыттан тиһиллэн тахсыбыт халандаары блогердарбыт тута бэлэх уунан оҕолор үөрүүлэрин үксэттилэр.
ьэ, бу курдук тыа сирин саҥалыы көрүүлээх эдэр дьоно, Сунтаар блогердарын күөн күрэстэрэ туһалаахтык уонна таһаарыылаахтык ааста. Кинилэр бу саҕалааһыннара куйаар ситимин күннэтэ туһанар, улууспут атын блогердарыгар үтүө холобур быһыытынан буолар. Улуус олохтоохторо билигин аны салгыы кимнээх, туох сорудахтары толоруохтарай диэн долгуйа күүтэбит.
***
Юлия АЛЕКСЕЕВА
Оставить комментарий