Курс валют
$
98.07
0.15
105.57
0.14
Курс валют
Курс валют
$
98.07
0.15
105.57
0.14
Меню
Поиск по сайту

Саха театрын саҥа, дьикти туруоруута – “Тулаайах оҕо”

29.04.2023 09:55 12
Саха театрын саҥа, дьикти туруоруута – “Тулаайах оҕо”

Саха норуодунай суруйааччыта, бөлүһүөгэ, общественнай деятелэ  Василий ЯКОВЛЕВ-Далан төрөөбүтэ 95 сылыгар анаан Саха театра  “Тулайаах оҕо” испиктээкили  бэлэхтээтэ.

Премьера иннинээҕи пресс-конференцияҕа театр директора Петр Макаров, режиссер Руслан  Тараховскай, ювелир-худуоһунньук Александр Манжурьев, испиктээкил көстүүмнэрин айбыт Сардаана Федотова уонна Дария Дмитриева, саха театрын артыыһа Елена Маркова кытыннылар.

Театр дириэктэрэ Петр Макаров:

“Саха театра улахан, далааһыннаах  үлэ оҥордо. “Тулаайах оҕо” көрөөччүгэ тахсарыгар театр үлэһиттэрэ, артыыстара  эдэрдиин-эмэнниин бука бары кытыннылар. Өтөрүнэн театрга буолбатах түгэн диэххэ сөп. Үтүмэн  дьон алтыста, кыттыста, үлэлэстэ.

“Тулаайах оҕо/Бүтэй Бүлүү” 1983 сыллаахха тахсыбыта, ол аата  быйыл  айымньы күн сирин көрбүтэ 40 сыла. Онон икки бэлиэ күн-дьыл тэҥҥэ түбэстэ – Далан уонна кини айымньытын үбүлүөйдэрэ.  “Тулаайах оҕо” Саха театрыгар эрдэ тура илик. Биһиги сүрүн режиссербыт Руслан Тараховскай   үтүө үгэһи киллэрдэ, ол курдук  классиктарбыт улахан арамааннарын туруоран саҕалаатыбыт, дьон дьүүлүгэр таһаардыбыт.

Саха театрын туруорууларын дьон олус сэҥээрэр, күүтэр, сахалыы тыл-өс, саҥа-иҥэ, тыын уйата буоллаҕа.  Руслан Игоревич сүрүн болҕомтотун тылга уурар, саха уус-уран литературатын мэҥэ айымньыларын норуоппутугар таһааран иһиэххэ диэн кини этии киллэрбитэ. Чуолаан кэнчээри ыччакка анаан улахан арамааннарбытын туруоруоххайын диэн буолбута.

Бу айымньы тула эрдэттэн кэпсэтии барбыта,  улахан айымньы буолан өр толкуйдаан, ыалдьан, ыанньыйан   төрөттүбүт», – диэн дириэктэр суруналыыстарга кэпсээтэ.

Туруорааччы режиссер Руслан Тараховскай:

“Испэктээкилгэ оруоллары оонньоон бэлэмнэнии Саҥа дьыл кэнниттэн саҕаламмыта. Бу айымньыны үс сыллааҕыта диалогтарын туруор диэн Олоҥхо театрын сценариһыттан Майя Власьеваттан көрдөспүппүт. Инсценировка оҥорон биэрбитэ. Хас да сыл оннук тыытыллыбакка сыппыта. Дьэ онтон Дьулустаан Семенов (“Снайпер Саха” киинэҕэ сүрүн оруолу оонньообута – аапт.) эмиэ кыттыһан үлэбит саҕаланан барбыта. Инсценировка оҥоһуллубутун кэннэ, артыыстарга оруол биэриэх иннинэ, аны айымньыга күлүүс – сүрүн идиэйэтин булар мөккүөр саҕаламмыта.

Уруһуйдьут-уус Александр Манжурьевы кытта эрдэттэн билсэр этибит. Кини оҥоһуктарын көрөн, кэпсэтэн, алтыһан, онтон театр худуоһунньуктарын кытары иддьиритиһэн, дьэ идиэйэлэр үөскээн-төрөөн барбыттара.  Өйбүтүгэр-санаабытыгар “Тулаайах оҕо” уобарастара көстөн кэлбиттэрэ.

Айымньы ис хоһооно, уобарастара арыллан истэҕин ахсын: “Александр Маньжурьев айымньыларыгар тирэҕириэххэ”, – диэн өй-санаа киирэн испитэ. Александрга эппиппэр үөрүүннэн сөбүлэспитэ, айар дьон холбоһон дьэ үлэлээн барбыппыт.

Айымньыга  түҥ былыргы бириэмэ ойууланар, бүтэһигэр Тыгын Дархан кэлэр. Туруоруу өссө тирэхтээх дириҥ-киэҥ буоллун диэн историк, этнограф учуонайдары – Розалия Бравинаны, Андриан Борисовы  ыҥырбыппыт. Кинилэри кытта хаста да манна бүтүн коллективынан лекциялары истибиппит, онтон биһиги элбэҕи туһаммыппыт.  Онону чуонайдарбытыгар махталбыт улахан.

Дьэ онтон профессиональнай үлэбит саҕаланнаҕа дии. Артыыстар оруолларын үөрэтэн, худуоһунньуктар көстүүмнэрин оҥорон киирэн барбыттара. Александрдыын сүбэлэһэн декорациябытын саҕалаабыппыт.

Арамаан сүрдээх улахан, 2.5 чаас иһигэр барытын батарбаккын, ону сүрүннээн бастакы аҥаара – Даҕанча, иккис аҥаара – Ньырбачаан туһунан буолла. Финалга туруоруу сүрүн санаата, сүрүн идиэйэтэ көстөр.

Манжурьев оҥорбут атрибуттара – эмэгэтэ,  чорооно испэктээкилгэ  туһанылыннылар. Саха театра уруһуйдьут-уус маастары кытта алтыһыыта биһиэхэ биир сонун көстүү буолла.

Бу испэктээкилгэ Ньырбачаан оруолун үс артыыска оонньуур – Лена Маркова, Айталина Лавернова уонна Айталина Цыпандина, онтон  Даҕанча оруолун эмиэ үс артыыс оонньуур – Дьулустаан Семенов, Вячеслав Лавернов,  Семен  Алексеев. Күн аайы атын-атын артыыстар оонньууллар. Ол көрөөччүгэ сонун буолуон сөп дии саныыбын.

Музыкатын Клавдия уонна Герман Хатылаевтар оҥорон биэрбиттэрэ,  испэктээкил тыаһын-ууһун  киэргэтиитин Николай Павлов айда.

“Тыал буолбуттар куттара” диэн уобарас баар,  артыыс Илья Стручков Сунтаарга музыкальнай инструмены оҥорор киһини көрсөн үрэр инструмент оҥотторбут этэ. Чуһуурбаҕа маарыҥныыр доҕуһуолунан барар спектакль. Тыыннаах доҕуһуол. Онон көрөөччүлэргэ дьикти, ураты  буолуо диэн эрэнэбин”, – диэн Тараховскай этэр.

Александр Манжурьев, уруһуйдьут-уус:

“ Театрга тугу эрэ оҥорбут киһи диэн өйбөр өрөөбүтэ ыраатта. Михаил Егоров биир үлэбин испэктээкилгэ эмиэ туттубута. Онтон Руслан Тараховскай эрийэн “Тулаайах оҕону” туруорар буоллубут диэн эппитэ.  Мин бу сүгүрүйэр айымньым, суруйааччым. Мин өссө кыра сылдьан режиссер буоллахпына “Тулаайах оҕону” киинэ оҥоруом диэн ВГИКка туттарсыахтаах киһи хойутаан хаалан, алҕаска худуоһунньук идэтигэр баран хаалбытым»,  – диэн видеоҕа кэпсиир.

“Витрина иһигэр сүктэр кыыс олорор, бэргэһэтиттэн куорсуннар тахсаллар.  Светлана Ивановна Петрова, атын да маастардар үлэлэригэр  сүктэр кыыс уобараһын көрөөччүм. Онно мин саныырбынан атыннык оҥорор буолааччылар. 2009 сыллаахха Национальнай музейга бэйэм быыстапкам тэриллибитэ. Бастакы үлэм билигин “Сокровищница Якутии” быыстапкаҕа турар. Онно куорсун олорор сирин тимиринэн, көмүһүнэн оҥорон баран кыратык уһатан биэрбитим, аны былырыын оруобуна оннук мал көмүүгэ көһүннэ.

Испэктээкилгэ  үлэлиир кэммэр хайдах эрэ барыта сатанан, тахсан испитэ. Ким эрэ ыйар, этэн биэрэр курдуга.  Ол иһин туох эрэ көстүбэт эйгэ баар эбит дии санаатым”.

Худуоһунньук Сардаана Федотова:

“Мин Мария Дьяконоваҕа улахан махталбын тириэрдиэм этэ. Тунгустар көстүүмнэрин үчүгэй баҕайытык кэпсээн, сирдээн биэрбитэ, олус элбэҕи Александр Уланов кинигэтиттэн ылбытым. Саамай уустук туматтар көстүүмнэрин айар этэ. Ити норуоттар биһиэхэ таабырын буолаллар. Этнограф Розалия Бравина ыстатыйаларыгар тирэҕирэн  “тыал буолбут омуктар” уобарастара таҕыста”.

Саха театрын артыыһа Елена Маркова:

“Мин бэйэм Ньурбаттан төрүттээхпин, онон  Ньырбакаан уобараһын олус чугастык ылыммытым. Учуонайдар лекция аахпыт буоланнар оруолбутугар киирэрбитигэр хайдах эрэ эрэх-турах санаммыппыт. Хайдах хамсаналлара, тыыналлара, көрөллөрө-истэллэрэ бэйэтиттэн-бэйэтэ ситимнэнэн тахсан барбыта. Мин санаабар наһаа дьикти үлэ таҕыста”.

Испэктээкил кэнниттэн артыыстары, искусствоведтары, историктары, суруйааччылары, суруналыыстары кытта кэпсэтии, ырытыы буолла.  Аһаҕас кэпсэтии таҕыста.

Сүрүн режиссер Руслан Тараховскай долгуйбуттуу туоһуласта: “Төһө сөпкө өйдөөтүгүт, сюжеттара өйдөнүмтүө дуо?” – диэн. Саалаҕа олорор дьон  сөпсөһөн хоруйдаатыбыт. Кырдьык уот-күөс, доҕуһуол, декорация өттө олус кэрэ көстүүлээх, киһи дууһатын таарыйар. Артыыстар оонньууларын хамсанар пластикалара, уобараһы тириэрдиилэрэ киһини умсугутар, сүргэтин көтөҕөр, кэрэхсэтэр.

Режиссер көрөөччүлэргэ сэрэнэр сымнаҕас сыһыана көстөр. Мин “Тулаайах оҕону” эрдэ аахпыт өйдөбүлбүнэн, билиҥҥи дьалхааннаах кэмҥэ көрөөчүгэ ыараханнык киириэ дии санаабытым. Туматтар тустарынан оҕо да сылдьан элбэх остуоруйалары истэн дьиикэй, киһини уолутар норуоттар курдук саныыр этим.

Көстүү икки арда бэйэ-бэйэтин кытары  олус наҕыллык ситимнэнэн уларыйар буолан, киһи дьүһүйүүнү биир тыынынан ылынар. Уопсай хартыына биир ситимҥэ хатыллан көрөөччү сүрэҕин-быарын, өйүн-санаатын бүтүннүү түҥ былыргы өбүгэ кэмигэр  илдьэ бара турар. Хас биирдии норуот бэйэтэ туспа идеологиялаах, идиэйэлээх, олоххо көрүүлээх буоллаҕа. Ону испэктээкилгэ таба тутан, дьоруойдары ис өттүттэн олус чаҕылхайдык көрдөрбүттэр. Бүлүү улуустара хайдах, туохтан  үөскээбиттэрэ, кимтэн хааннаахтара, туохтан тууралаахтара дьэҥкэтик көстөр. Билиҥҥи дьоҥҥо олус наадалаах айымньы турбут дии санаатым.

Розалия Бравина кэпсииринэн, сахалар кырдьык олохтоох, дьоһуннаах буолан атын омуктары кытта уопсай тыл булан бачча киэҥ сиргэ тэнийэн олохсуйдахтара. Дьиэ кэргэн суолтата бу айымньыга бэркэ көстүбүт диэн бэлиэтиир. Саха ыалын дьоло – булт-ас сатаан булуутугар (ол билиҥҥи кэмҥэ үлэҕэ сытар диир),  эр киһи дьоло – дьахтар үчүгэйиттэн тутулуктаах, дьахтар дьоло – сымнаҕас эр киһиэхэ түбэһэриттэн диир. Оттон туматтары уонна дьирикинэйдэри Далан тоҕо эрэ туспа араарбыт, дьиҥэр ити биир норуоттар диэн быһаарда.

Мин сүрүн бэлиэтии көрбүтүм диэн туматтар таҥастара-саптара, тутта-хапта сылдьаллара, көтөр-кыыл саҥатынан бэлиэ бэрсэр хаһыылара индеецтэргэ маарыҥнаттым. Ону суруйааччы, поэт Гаврил Андросов дьүүллэһиигэ “туматтар хоту түспүттэрэ,  сорохторо Усуйаанаҕа олохсуйбуттара, сорохторо  салгыы Хотугу байҕалынан  барбыттара” диирэ,  Америка индеецтэрэ Саха сириттэн төрүттээхтэр диэн сабаҕалааһыны күөртүүр курдук.  Хаҥалас сахалара Мунньан Дархан өлбүтүгэр  Дыгыны кытары тыл-тылларыгар киирсибэккэ  Туймаадаттан Бүтэй Бүлүү, Сыа Бүлүү диэки көһөн барбыттарын үчүгэйдик көрдөрбүттэр диэн Андросов бэлиэтээн эттэ.

***

Дьэ ити курдук, испэктээкилгэ кыттыбыт, кыттыспыт дьон элбэх дьиктини көрүстүбүт диэн эттилэр.

Испэктээкил сарсыныгар бэйэм санаабын сааһылаары чэйдии кафеҕа бардым. Ол олорон тоҥ биистэри – Ньырбачаан төрдүлэрин уонна дьирикинэйдэри, туматтары, тигиилээх сирэйдээхтэри ханна симэлийэн, дьүһүн кубулуйан барбыттара   буолуой диэн саныы олордохпуна, аттыбар турар остуолга мап-мааны, сып-сырдык сэбэрэлээх  аҕам саастаах дьахтар киирэн олордо. Били бэҕэһээ испэктээкилгэ көрбүт Ньурбачаан ууһун дьонун курдук, үүт-үкчү! Эмискэ кэпсэтэн киирэн бардыбыт. Мин киниэхэ кылгастык саҥа премьера туһунан кэпсээтим. Сүрдээҕин сэҥээрдэ, “Тулаайах оҕо” арамааны бэркэ  билэр буолан биэрдэ.

-Мин аҕам тоҥ биис этэ – диэн сэһэргэһээччим кэпсиир. – “Тоҥ уустар” диэн уу сахалыы билбэт диэнтэн сиэттэрэн  атын уустары ааттаатахтара.  Мин аҕам муус маҥан дьүһүннээх этэ, керамическай иһит курдук үрүҥ субалаах этэ  уонна омук курдук үрдүк, улахан муруннааҕа.

-Далан суруйар тоҥ биистэрин сыдьааннара билигин ханнык омуктара буолуой? – ыйытабын.

-Мин бэйэм хоту төрөөбүтүм, улааппытым. Юкагир сэлиэнньэҕэ, Лээхэп арыытыгар улааппытым. Учуонайдар экспедициялара баар этэ. Биһиги табалары көрөн ураһаҕа олорбуппут.

-Дьирикинэйдэр диэн кимнээхтэрэ буолла?

-“Дьирикинэйэн” диэн тылтан тахсар дии. Ити киһи дьирикинэйэн тоҕо сүрэй, эҥин диэччилэр буолбат дуо, тургэнник хамсанар, айманар киһини. Омук-омук майгыта атын.

-Оттон туман курдук элбэх туматтар тоҕо “тыал буолбуттара” буолуой?  Индеецтар өбүгэлэрэ буолуон сөп дуо?

-Буолуон сөп буоллаҕа. Учуонайдар, генетиктэр эмиэ итинниккэ маарыҥныыр сабаҕалааһыннардаахтар эбээт. Лээхэп арыыта былыр-былыргыттан Америкаҕа тахсар аартык. Онон былыр сырыы, айан да үтүмэн буолуохтаах.

Кэлин Юкагир  диэн сир ханан турарын үөрэтэ олорон билбитим чугастыы Тумат диэн сэлиэнньэ баар эбит. Онон туматтарбыт манна да суол хаалларбыттар эбит.

“Тулаайах оҕо” айымньытын, кырдьык, хас иккис саха умсугуйан туран аахтаҕа. Ону өссө тыйаатыр сыанатыгар илэ көрүү киһини букатын да атын эйгэҕэ “көтүтэн” кэбиһэр абылаҥнаах эбит.  Далан “Тулаайах оҕото” элбэҕи миэстэтигэр туруоруон да, толкуйга да түһэриэн сөп. Дьикти-кэрэ туруорууну илэ бэйэҕитинэн хайаан да көрүҥ, номнуо биллэриитэ да суох  4 күннээҕи билиэт бүппүт. Оннук  курдук үгүс көрөөччү болҕомтотун бэлиэр тардыбыт.

 

***

Дана СЕМЕНОВА,

Aartyk.Ru

Владислав Коротов хаартыскалара туттулуннулар

 

 

Обсуждение • 12

Добавить комментарий
  1. Көрөөччү

    Тараховскай Үөһээ бүлүүлэргэ подражайдыыр аҕатынан. Онон бэйэтин көрүүтүн итиҥҥэ эбэрэ чуолкай. Далан суруйуутугар Ньурба уонна Сунтаар эрэ улуустара хайдах үөскээбиттэрэ суруллар. Үөһээ бүлүү уонна тем более Бүлүү улуустарын тоҥустарын/сахаларын туһунан туох да кэпсэммэт. Арааһа кинилэр Бүлүү өрүс төрүт олохтоох биис уустара буолуо.
    Аны Сунтаардар Ньырбачаантан/Дьаархантан төрүттээхтэр диэн Далан уус-уран айымньытыгар эрэ суруллар, дьиҥнээҕэ историческай факт суох дииллэр.
    Далан уус-уран айымньытын ньурбалар эрэ итэҕэйэллэр бһлх😂

  2. Татьяна Михайлова

    Саха литературатын биир саамай чаҕылхай айымньыта буолар.Оскуолаҕа үөрэтиллэр айымньы.Оҕолор аһара сөбүлүүллэр уонна толкуй бөҕө буолааччылар.Туматтар ханна барбыттара буолла диэн?Ыраах тыа сирин дьоно испэхтээҕи хаһан эрэ көрүөхпүт турдаҕа.Суруйуунан көрдөххө,бэрт интэриэһинэй туруоруу быһылаах.Саха театрыттан сонун,дьону интэриэһиргэтэр,һык гынар испэхтээхтэри өссө күүтэбит.

  3. история это наука

    Розалия Бравина 19 уйэгэ саха сиригэр оспаны утары быhыы ыытыллыбытын билбэт курдук суруйар эбит этэ, онтон Андриан Борисов тыгыны билиммэт, сурукка ситэ киирбэтэх энин диэн суруйар эбит этэ, Далан улахан толкуйа суох фантазичтыгар ологуран эмиэ оннук улахан ейе суох дьон куертээhининэн тахсар хайдыhыыны быhаарыан оннугар дьону ессе буккуйар курдук эбит, дьининэн сурукка киирбит тынина мындяков эрдэ елбут ити борогон легейу кытта иирсибитэ ханна да сурукка ахтыллыбат, тынина уолаттара саханы тумэн легейу утары карательнай поход онорбуттара сурукка баар, ити тынина елбутун кэннинээги быhылаан, онон оллххо суогу айан улуустаhыыны куертууллэр, саха историческэй науката ниже плинтуса туспутэ кырдьык,

  4. Людмила

    Это.художественное произведение.талантдивого.прозаика, а не историчнский очерк Он.как.историк.использовал свои знания по истории и где -то.выдумал,где,-то.приукрасил и.надо. его так и восрринимать
    Произведение написано.на отличном якутском языке,яркие запоминающиеся персонажи ,очень легко читается и что его воплатили в сценарий это только приветствуется

  5. тыгынат это факт

    саха сиригэр казак атага уктэниэн иннинэ саха уустара бэйэ бэйэлэрин кытта иирсэ атааннаhа олорбуттарын туоhута суох, бастакы казак суруктарын аахтахха тыгын ханаластара улахан былаастаахтара кесте сылдьар, сэрэйдэххэ тыгын сахага кытаанах бэрээдэги тутан олорбут курдук, ыhыллыы урэх баhыгар ясактан куоппут уустар иирсээннэрэ кэлинни тыгын бэйэтэ уонна уолаттара елбуттэрин кэннинээги быhылааннар, манна диэн эттэххэ ксенофонтов саха кыргыс уйэтин уhуйээннэрэ диэни казак саха ологун ыспытын кэннинээги кэми кердереллерун дакаастаан турар, онон Далан романа олоххо суох улахан алгастаах айымньы буолар, оччотоогу идеологическэй пропаганда сиэртибэтэ ону дьонно быhаарбакка эрэ таргатар сыыhа, дьон дьиннээх историяны билиэхтээх

  6. Пенсионер

    Дойду историятын суруйааччылар путешественник туора дьон учуонайдар суруйаллар.Кинилэр былаастан уптэнэн харчыланан сылдьаллар.Под заказ суруйаллар.Хамнас льгота квартира дача босхо санаторий туьаналлар.Туох баар история ыраахта5ы са5аттан сымыйаннан уларытан суруйуу.Онноо5ор ВОВ уларыталлар.Парады билиммэт дьон баар.Сэриини улугурбут киинэ курдук короллор о5олор.Крым сэриитигэр бутэьиккэ 8,0 молуйуон киьи олбут.Бу алдьархайдаах сэрии уонна ким кэлиэй.Ол кэннэ революция ВОВ локальная сэриилэр буппэттэр.Ону эмиэ эдэрдэр компьютер оонньутун киинэ курдук короллор.Барыта уларыта тутуу албын.

  7. Пенсионер

    Саатар революция иннинээ5и оло5у тэцнээбэттэр.Булуугэ биир эрэ сиргэ Олуохумэ эбээннэрэ бааллар.Куулэккэ Угулээт Тылгыны.Ону да сахатытан ыт ынах туттаран оннук хаалтара.Кэлин кмнс буола сатаабыттара.Табата суох.Революция са5ана табаларын куоттаран Олекма кмнстара Ньурба Сунтаар Мирнэй ноцуо Оленеккэ туспуттэрэ.Сорохторо Булуугэ.Кыра Хара дьуьуннээх дьоннор.Олекма Хацалаьы кытта аллараннан суоллаах.Барыта биир уус дьоно.Дыгын Уус Алдан бурээт хоро- (Хара диэн монголлуута) диэннэри кытта бэрт былдьаьара.Ол тумугэр Уус алданнар хоту туспуттэрэ Нам Кэбээйи Жиганск Верхоянск Оймокоон.Ол иьин онно сылгы ынах баар.Ити бары биир хаан дьоно.Билигин да оннук олоролор.Бары аймахтар.Саба быра5ан онно ол баара диэн сымыйа.Сахалар эбээннэрэ эрэ кытта атааннаьаллара.Сэьэн Болону аа5ыц.Ол са5ана ол бу дьиикэй омук племя суо5а.Эбээннэр революция са5ана баайдар тойоттор табаларын кистээри сэриилэьэллэрэ.Элбэх кыьыл байыастарын кыдыйтара.Сахалар сэриитэ суох Совет былааьын олохтуу сатыыллара.Тыыннарын толук уурбуттара.

  8. Өлбүт ынаҕым

    үүттээх да этээ…

  9. Массагет (мас сахата)

    16 – 17 уйэ са5аланыытыгар Сахалар, нууччалар кэлиэхтэрин иннинэ Ньурбалар сирдэригэр ньуур манан сирэйдээх тунгус а5атын ууhа “нюрмаганнар” олорбуттара. 17 уйэ са5аланыытыгар Саха сирин хотугулу-ар5аа етте Булуу ерус бассейныныын (даже Аллараа Булуунэн) тунгус (эбэнки) дойдута этэ. Ясак телуур списоктар инньэ дииллэр. Дьирикинэйдэр (дьирики-бурундук у виллюйских якутов или тунгусов) – это юкагиры. туматы – это пришлый тюркоязычный небольшой фрагмент какого то южного племенного объединения, который растворился среди якутов и тунгусов(эвенков и эвенов)

    • Буккуллума эрэ эн

      тоже мне нашелся диванный хисторик🤣 ваша выдать желаемое за действительное выглядит очень примитивно, убого.

  10. Алексей

    На современном этапе невозможно представить независимое и беспристрастное изучение истории. Так что надо относится как к художественному произведению с элементами преданий. Именно преданий, т.к. не было письменности

  11. Массагет (мас сахата)

    Платон Ойуунускай, Иван Гоголев – Кындыл, Василий Яковлев – Далан великие мистики. Но у Далана меньше мистики. Он больше коммунист, чем Ойунский и Кындыл. Он обвинил туматов в излишней воинственности, и поэтому они исчезли, хотя при военном первобытном коммунизме война- это обычное культурное состояние: боятся и уважают только сильных

Оставить комментарий