Өрөспүүбүлүкэтээҕи олоҥхо олимпиадата
С.Н.Донской-II аатынан Үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр институт филология кафедрата, Дьокуускай куорат үөрэҕин салалтата, Айыы кыһата норуот тылынан уус-уран айымньытын чыпчаала буолбут-олоҥхобут тылын-өһүн дириҥник билэргэ туһуламмыт үөрэнээччилэргэ аналлаах олоҥхо олимпиадатын ыытар.
- Олоҥхо олимпиадатын сыала-соруга:
Сыала. Уус-уран тылынан сааһылаан суруйар, сиһилии ымпыктаан быһаарар, толкуйдуур, хоһуйар үөрүйэҕи иҥэрэр сүдү айымньы олоҥхо буоларын биллэрии.
Соруктара:
- Олоҥхону ааҕарга көҕүлээһин;
- Олоҥхо–уус-уран тыл чыпчаала, барҕа баайа буоларын өйдөтүү
- Төрөөбүт тылга ытыктабылы, тапталы иҥэрии;
- Ырытар, айар, чинчийэр дьоҕуру сайыннарыы;
2. Олоҥхо олимпиадатын кыттааччылара: 7-10 кылаас үөрэнээччилэрэ
3. Сорудаҕы толорор кэм: 23.11-26.11.2020.
Үлэлэри ыытар бүтэһик күн-26.11.2020.
- Олимпиада сорудахтарын ыйыллыбыт ссылканан киирэн ылаҕыт.
- https://drive.google.com/drive/u/1/folders/1nuoaB1hws_RkXoRNBwkbvMFqglQ2Hy2q (7 кылаастар сорудахтара)
- https://drive.google.com/drive/u/1/folders/1_fDKqLNmYVKHrG_nnMK8vBzziR6bEQ6J (8 кылаас сорудахтара)
- https://drive.google.com/drive/u/1/folders/1U3C9DJjaIkKyrHVKTaTuFTcTPnfMgnmZ (9 кылаас сорудахтара)
- https://drive.google.com/drive/u/1/folders/1637y_9h0FSfoGjjVbqrBjQ0-3wkjmV_3 (10 кылаас сорудахтара)
- Олоҥхо олимпиадатын 1 түһүмэҕэ гугл ссылканан киирэн толоруллар, 2с, 3-с түһүмэхтэрин оҥорон баран эл.почтаҕа ыытаҕыт: [email protected]. Билсэр нүөмэргит (89142907841-Ядрихинская Февронья Васильевна).
- 4. Түмүк тахсар күнэ: 10.12.2020
Олимпиада сорудахтара кылаас ахсын үөрэх бырагыраамматынан бэриллибит маннык олоҥхолорго тирэҕирэр. Аҥардас учуобунньук эрэ тиэкиһинэн муҥурдаммакка киэҥник көрөргүтүгэр ыҥырабыт.
7 кылаас –У.Г.Нохсоров-Үстүүн Нохсоороп «Дыырай Бэргэн»,
8 кылаас –Н.П.Бурнашев «Кыыс Дэбилийэ»,
9 кылаас – В.С.Каратаев «Модун Эр Соҕотох»,
10 кылаас – П.А.Ойуунускай«Дьулуруйар Ньургун Боотур».
Олоҥхо олимпиадата 3 түһүмэхтээх.
№ | Түһүмэх | Сорудах ахсаана | Бэриллэр баал | Барыта |
1 | Бастакы түһүмэх 1 чааһа. Ыйытыкка толору хоруй ирдэнэр. | 15 | 4 | 60 |
Бастакы түһүмэх 2 чааһа. Ситэрии, кылгастык быhаарыы. | 10 | 2 | 20 | |
2 | Иккис түһүмэх. Бэриллибит тиэмэни тэнитэн суруйуу. Үөрэнээччи бэйэ суруйуутун илиинэн суруйан баран, pdf/jpg форматынан ыытаҕыт. | Бэйэ суруйуута | 20 | 20 |
3 | Үһүс түһүмэх. Тыллары быhаарыы. | 10 тыл | 2 | 20 |
Уопсай баала | баал |
- Күндү үөрэнээччилэр хас биирдии сорудаҕы болҕойон ааҕыҥ. Сөпкө толорон ыытарга кыһаллыҥ. Аата, оскуолата суруллубатах үлэлэр бэрэбиэркэлэммэттэр.
- Олимпиада түмүгүнэн учууталларга сэминээр ыытыллыаҕа. Биллэриини институт сайтыгар көрөҕүт.
- Олимпиада кыттааччыларыгар ситиһиини!
Уопсай түмүк Үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр институт саайтыгар тахсыаҕа.
***
С.Н.Донской-II аатынан Үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр институтун пресс-сулууспата
Оставить комментарий