Ньимискэннээххэ Ыччат муҥхатын 3-с күнэ үтүө түмүктээх буолбут
Байанай ыйынан нэһилиэнньэҕэ анаан улуус дьаһалтата, улуус ыччат управлениета, Ньурбачаан нэһилиэгин дьаһалтата төрүт үгэһи тутан хааларга ыччат муҥхатын тэрийдилэр.
Күнүн аайы сүүстэн итэҕэһэ суох киһилээх буолла. Уонна бу киэһэ үс күннээх түмсүүлээх, күүстээх үлэ түмүгүнэн Ньимискэннээх дэлэйдик бэристэ. “Ньурбаны аһатта”, “Буолбатах муҥха буолла” дэһэллэр. ДИПИ-га 5 куул уонна СВО-лаахтарга эмиэ тыырылынна.
Муҥхалаахтар, дьаһайааччылар учеттаан, албаһын билэн ол да иһин үс күнтэн итэҕэһэ суох буоларын эттэхтэрэ. Күөх күндүлээтэ! Көхтөөхтүк кыттыбыттарга, сэҥээрэн сылдьыбыттарга махтал!
***
Источник: Ньурба ыччата @molodejnrb
Оставить комментарий