Курс валют
$
99.42
3.96
106.3
3.48
Курс валют
Курс валют
$
99.42
3.96
106.3
3.48
Меню
Поиск по сайту

Киинэ көрүнньүк буолбатах

21.04.2024 13:32 22
Киинэ көрүнньүк буолбатах

Саха киинэтэ аатырда дии-диибит үөрэбит-көтөбүт. Ким эрэ аһары арбыыр, атын тардынар, үһүс соччо ылымматын бэлиэтиир. Үнүр Гордон “Кэрэни көрбүтү” ырытан, сабыылаах киинэни киин ханаалынан көрдөрөөрү дьону мунньубута эрээри, тоҕо эрэ наһаа туттуммахтаабатахтара.

Чэ, мин ньиччи тугу көрбүппүн этэбин. Бу күннэргэ киһи бары “Карина” экраҥҥа тахсан, аҕыйах хоноот уонтан тахса мөлүйүөнү “оҥорбутун” туһунан киэн тутта, долгуйа кэпсиир. Билиэт суох үһү диэн буолар. Ол иһин, киһи бары астыммытыттан ымсыыран, “Киин” диэки тиий. Эрдэттэн сыыҥтыыр былааттаах, арбы-сарбы буоларга бэлэм соҕус этим эрээри, соччолоох соһуйбатым, өмүрбэтим, уйадыйбатым, эбиитин астыммакка ааны былдьастым.

Тоҕо? Бастатан туран, Карина муҥнаах сүппүтүн өрөспүүбүлүкэ бүттүүн айманан, хаһыакка тугу суруйалларын күүтэн, дьон-дьонтон ыйыталаһан баран, тиһэҕэр тыыннаах көстүбүтүгэр чахчы Айылҕата аһыммыт, сирэ-уота харааннаабыт диэн испитигэр санаабыппыт баара. Ол иһин бу киинэни хайдах оҥороллоро буолла диэн күүппүт көрөөччү тиийдэҕим. Олус үчүгэйдик оонньуох кэриҥнээх оҕону, Софья кыыһы булбуттар. Элбэҕи эппэт эбэтин онно-манна күтүрээн, үлэһит эһэтин эмиэ мускуйан, аҕата эрэйдээҕи уорбалаан, ийэтигэр отой да соччо-бачча наадыйбакка, киинэни бөрөөтүлэр.

Биллэн турар, быыһааччылары чопчулаан үлэлэрин көрдөрө сатаабыт курдуктар эрээри, ол даҕаны отой сыппахтык таҕыста. Хата ол оннугар холус соҕус сыһыаннаах сулууспалар нэһилиэнньэҕэ хабыр-тымныы сыһыаннара, тимир-тамыр саҥалара тустаахха ыарахаттары үөскэттэхтэрэ диэн сэрэйэҕин эрэ.

Иккиһинэн, быыкаа оҕо өйүн-санаатын, итиччэ сааһыгар тугу сэҥээриэн, туохтан саллыан сөбүн иитээччи, психолог бэркэ билэр. Итинник идэлээхтэр үлэлээтилэр ини. Оччотугар ыйытык үөскүүр: оҕобут саҥарбат да, куттаммат да, улаханнык аймаммат да. Чахчыта кыра ээ кини, ытаамына! Куттанымына! Дьонун ааҕа ыҥырбыт буолуохтаах. Санаан көрүҥ, эһэлээх ийэтигэр ходуһаҕа тиийэр ээ, бастаан. Ол аата кинилэри көрдүүрэ биллэр.

Үсүһүнэн, күнүс да, түүн да оҕо уйулҕатыгар атыннык дьайар. Улахан да киһигэ оннук. Ити уратытын киинэ көрдөрбөтө. Оҕо кырата бэрт, туох да диэҥ, син биир аччыктыыр. Отонунан эрэ топпот! Ол аата дөлүһүөннүүрэ да буолуо, тэллэйи да сиэбит буолуохтаах. Аны бырдах диэн баар ээ! Онуоха тарбаммат, эрэйдэммэт үһүө? Уунан, бадараанынан сылдьар оҕо аны тоҥоро-хатара, онуоха онно-манна кирийэрэ, ытын кууһа сытан нухарыйара, от быыһыгар киирэн иттэрэ…

Төрдүһүнэн, сценарийдаахтар “конфликт баар буолуохтаах” диэн буолуо, көрдүүр дьон утарса-харса сатыылларын итэҕэтэ сатыыр да…
Быһата, мин санаабар, сценарий быстар мөлтөх. Итиччэлээх сэдэх тиэмэни таарыйа сатыыр буоллахха, киһилии, үчүгэйдик оҥоһуллуохтаах.

Бу сырыыга киинэбит докумуоннарга олоҕурбуту көннөрү быһа холуйан көрдөрө сатыыр. Уус-уран киинэҕэ оннук буолуо суохтаах. Бастатан туран сүппүт оҕо трагедиятын көрөөччү күүскэ ылынарыгар, айабыын, тугу баҕарар оҥоруохха сөбө! Тыыннаах хаалар туһугар, “ээ, арба да Карина барахсан оннук гынна этэ дуу” диэн кэнэҕэскитин киһи мэйиитигэр олорон хааларын курдук! Ону сэргэ ийэ-аҕа, эбэ-эһэ эрэйдээхтэр, чуумпутук сахалыы да буоллар, ис аймалҕаннарын көрдөрөр күүстээх сценалар суохтар. Дьиҥэр, эбэтэ персонаж характерын бэркэ арыйыах быһыылаах. Итинник күө, омуна суох судургу дьахталлар баар буолааччылар. Ол оннугар сахсырҕалыы сылдьар эмээхсини силиэдэбэтэл кэтээн күнү барыыра көстөр.

Быыһааччылар наар хаамтылар эрэ. Кинилэри эмиэ дириҥник көрдөрүөх баара. Хараҥарыыта, киэһэ саатар кутаа тула олорон сэһэргэһэллэрэ буолуо ээ. Оттон онно бу 7-8 күн кэнниттэн эрэл лаппа аччыыр кэмигэр, онтон отой даҕаны 10-11 күн ааспытын тухары, бу муммут оҕо хайдах буолуон сөбүн эҥин барыллаабыт буолуохтаахтара эбээт. Өлүөхүмэ сирэ-уота, үөнэ-көйүүрэ да атын. Ити эриэн үөн тикпит буоллун? Оннук түгэҥҥэ быыһааччылар дьону эмиэ сэрэтэн ааһыахтарын эмиэ сөбө. Ким эрэ тыыннааҕар эрэнэр, ким эрэ өлбүт оҕону булартан саллар… Итиннэ өй-санаа уйгууруутун, дьон саарбахтааһынын, сыһыанын күүскэ көрдөрөр туһалаах да буолуон сөбө.

Сахалар тоҕо эрэ киинэҕэ кэпсэтиини, диалогу букатын кыайбаттар дии санаатым. Кэпсэтии хаһан да көҥдөй буолбат, булгуччу туһаайыылаах (посыллаах) буолар. Ол нөҥүө саатар герой майгытын арыйары сатаан туһамматтар.

Аны оҕобут, бастакы күнтэн сүүрэ сылдьыбытыттан кэнники кэмҥэ биллэ хотторбута, илистибитэ экраҥҥа көстүбэт, букатын итэҕэппэт. Хас биирдии күнэ оҕо муҥнаах мөлтөөн иһэр туругуттан тутулуктааҕа сэрэйиллэр. Бырда быстыбыт эрэйдээх ити дулҕатын быыһыгар төһө өр сыппыта биллибэт… Эстэн сыттаҕа эбээт!

Киинэ итиччэлээх харчыга, хас эмэ сылларга уһуллан баран иннэ уонна кэннэ барбах эрэ баар курдук. Кэннигэр букатын да таах “ньаҕайдаан” кэбистилэр. Биир саамай чаҕылхай геройдарын, кыыһы булбут кыра уолу, олох да умнан кэбистилэр, сирэйин чугастан да көрдөрбөтүлэр. МЧС-тары салайар Лавернов, хамандыырын бирикээһин утары баран, икки күн эбии бэйэлэрэ күүстэринэн дуу, туруорсан туран көҥүл ылан дуу, көрдүүллэр уонна оҕону булаллар. Итинтэ арааһа киинэ кульминацията буолуохтааҕа буолуо. Ону олох да көрдөрбөтүлэр, ааһа турдулар. Оччотугар туох иһин итиччэлээх эрэйдэммиттэрэй, буолар-буолбат араас конфликтары көрдөрө сатаабыттарай? Булбут уол хантан эрэ хаһыыта эрэ иһиллэр. Оттон ханна баарый кини сирэйэ? Оҕо киниэхэ от быыһыттан ууммут илиилэрэ, ол уол кэпсииригэр, инньэ гымматаҕа буоллар ааһа туруом этэ диэбит этэ дии?! Тоҕо итиччэлээх үчүгэй хартыынаны туһамматылар? Уол аҥаардас оҕолуу уолуйбут харахтара, мах барыыта—ол буолуохтааҕа кульминация төрдө. Чаҕылхай персонаһы сотон кэбистилэр. Бустылар дуу.

Аны быыһааччы сүүрэн кэлэригэр оҕолуун бастакы көрсүһүү эмиэ сэниэтэ суох, отчуот эрэ курдук ааһан хаалла. Ханна баалларый харахтар?! Сирэйдэр?! Киинэ саҥата суох чыпчаала итилэр буолуохтаахтар. Онто суох тоҕо киинэлэнэн сүпсүгүрдүгүт?

Онон, оҥоһуллар киинэ булгуччу туохха эрэ өй угар, тугунан эрэ иитэр-үөрэтэр кыахтаах, кэнэҕэскитин маны көрбүт киһиэхэ булгуччу туһаны аҕалыахтаах. “Психологический, физический накал кино” диэннэрэ суох. Онто суох хайдах кураанаҕы куустарыаххыный? Киинэни үчүгэйдик оҥоро сатыырга үктэл элбэх этэ. Виктория Габышева оҕону дьиэтигэр олордон, оргууй кэпсэтэ-кэпсэтэ суруйбут кинигэтиттэн да элбэҕи ылыахха сөбө…

Соппоҥ киинэ содула улахан. Тугу истибиккин, туох буолбутун таах кэпсээн кээспит курдук көрдөрөн кээһэр кыра. Үтүктээйи киинэ тохтуохтаах. Көрөөччүнү толкуйдатар, үрдүк хаачыстыбалаах бородууксуйа иһин киирсиллиэхтээх. Оччоҕо эрэ киинэ эйгэтигэр уһуннук олохсуйуоҥ. Киһи киинэҕэ сайда барар, көрөн баран умнан кээһэр киинэ элбэх. Оннук буолуомуоҕуҥ диэммин бу суруйдум. Мөхтө-кыайда, сирдэ-сиилээтэ диэмэҥ.

***
Алаас кыыһа Алааппыйа

Обсуждение • 22

Добавить комментарий
  1. Учугэй киинэ

    Баары баарынан. Кыра ого психологията атын бо. Ол иьин тыыннаах оруннага, куттанар, ол бу диэни пока билбэт. Бары бэйэбит ейбутунэн, санаабытынан ылына сатыыбыт. Ити киинэни дьон ессе сэнээриэ, ессе элбэх харчы оноруо Россияга

  2. Анна

    Туох да диэбит иһин үчүгэй киинэ. Үүт-үкчү киинэлэр суохтар. Сахалар бэркэ устар буолан эрэбит. Бииртэн биир майгыннаспат киинэлэр тахсан эрэллэр, оннук буолуохтаах даҕаны. Сериалларбыт эмиэ биир оннуктар. Бу үөрдэр. Атын регионнарга рекламнай роликтара да мөлтөх баҕайы эбит. Онон киһи үөрэр эрэ, маладьыастар эдэр ыччаппыт, субу курдук сайдан истиннэр. Өссө буо иннибитигэр, инникилэригэр ситиһиилэрэ, сайдыылара.

  3. Анфиса

    Хайдах эрэ документальнай уюкиинэ курдук этэ, туга эрэ тиийбэт

  4. Мариша

    Бэрт ырытыы буолбут👏🏻👏🏻👏🏻дьининэн хас да киьи бу курдук эппитин истибитим. Соптоох критиканы истиэххэ наада

  5. колония

    для Якутии столько денег не дадут….Поэтому все дома в Якутске кривые, маленькие, тестные….

  6. Саха сыанаhыта

    Автор хас биирдии тылыгар сөбүлэһэбин. Чахчы, сценарийа быстар мөлтөх!!!
    Оломтон ханна да ырааппатах оҕо, ийэ, эбээ, эhээ. Ыал дьиэтээҕи алдьархайа олох көстүбэтэ.
    Аны ыта өрүү Карина аттыгар баарын, сылааhынан угуттаан түүнүн утуйалларын билэбит, бүтэһик күн дьону сирдээн аҕалбытыгар Карина “тоҕо миигин хаалларан бардыҥ” диэн үлүгүлүнэйбит этэ ол көстүбэтэ. Баҕар художественнай замысела оннук этэ диэхтэрэ буолан баран, ыт-оҕо өрүү бииргэ буоланнар, Карина тыыннаах хааллаҕа буолуо.
    Сымыйа баҕайы тыл-өс, олох искусственнай диалогтар. Сахалар итинник кэпсэппэттэр ээ!
    Быыкаайык Соня итэҕэтиилээхтик оонньоото, ол эрэн нууччалыы тыллааҕа биллэр, ону озвучкаҕа акценын, сорох тылын таба саҥарда сатыахтаахтар этэ буоллаҕа. Олох чочуллубатах.
    Саха олоҕун билбэт маргиналлар устубуттарын курдук.

  7. Маайыс

    Сөптөөх суруйуу. Итинник этэн, сыыһанв-халтыны ыйыахха наада, барыта арбаныы, үлүннэрии, киһиргэнии үчүгэйгэ тиэрпэт, итинник таһыма, дириңэ суох киинэлэри арбаан бүтүө5үң

  8. эмээхсин

    Мин киинэни анаан көрбүтүм. Оҕо көстүбүтүттэн биллэн турар наһаа да СР дьоно үөрбүттэрэ ол иһин киинэ баар чахчыга ологуран уһуллубута сөптөөх. Быыһыыр тэрилтэ дьоно ыарахан үлэлэрин көрдөрбүттэрэ сөртөөх, онон мантан сиэттэрэн дьон-сэргэ сэрэхтээх буолуохха наада диэн санаа үөскүүр, сүттэххэ төһөлөөх эрэй үөскүүрүн өйдүөххэ наада. Онтон бу киинэгэ мин саамай хомойо санаабыт түгэним ити үөһээ ырытааччы эппитин курдук, булбут уолу үчүгэйдик “крупным планом” саатар биир сөкүүндэ да көрдөрбүттэрэ буоллар уонна ити үлүгэр илистэн көрдөөбүт дьон үөрүүлэрин, үлэлэрэ түмүктээх буолбутун хайдах эрэ көрдөрбүттэрэ буоллар дии санаатым. Дьэ кульминация онно буолуохтаах этэ. Ытаан үөрүүттэн! Аны ити хос эбээтэ олох “нукутун” туох да эмоцията суоҕун эмиэ сөбүлээбэтим, ийэтэ эмиэ хайдах эрэ… Түмүкпэр мин да ытамньыйдым, кырачаан кыыс София бэркэ оонньото, ол гынан син биир “артыыска” буо, онон дьиҥнээх Карина курдук олус элистибэтэҕэ, ырбатаҕа көстөр буо. Ол гынан ити бардарааҥҥа батыллан туран ийэтин ыҥырар сцена наһаа табыллыбыт. Оҕо өйүгэр хос эбээтэ “килиэп халлаантан түспэт” диирин ити аччыктыы сылдьан санаан кэлэрэ эмиэ бэрт. Ити сюжеттар оҕолору, көрөөччүлэри толкуйдатыа, тулуурдаах, дьулуурдаах буоларга угуйуо. Онон СР үөрэнээччилэригэр көрдөрүөххэ уонна ырытыахха наада дии саныыбын.

  9. Мих

    Из 61 млрд какую то часть

  10. Ирина

    Саамай соп, таах арбанарбытын эрэ билэбит. Саха киинэлэрэ сценарийдара молтох. Киhи барыта устар курдук дии, ити Карпов туhунан да киинэ5э костор дии, анал уорэ5э суох киhи режиссер буолан онорбут киинэтэ, ороспуубулукэ5э айдааны таhаарбыта. Сопко этэр автор, бу киинэлэргэ тема арыллыбат, туохха туhаайан уhуллубута костубэт. Ол иhин да5аны Никита Михалков “Айта” диэн киинэни корон баран итинник суруйар. Ити “Айта” диэн киинэ5э дьининэн ыал иhигэр баар бэйэ-бэйэ5э учугэйэ, истинэ суох сыhыан костуохтээх этэ, акцент буолуохтаах этэ. Ону биhиги дьоммут экшн оноро сатаан нуучча полицейскайын тула конфликт оноро сатаабыттара хомолтолоох уонна ону анал уорэхтээх дьон корон, уорэтэн баран эппиттэриттэн оhургэнэбит.

    • Оо, дьэ...

      Дьоммут наһаа ырыннарыылаахтык оонньууллар эбит дии санаабытым Михалковы ааҕан баран. Ити киһи буруйа суоҕа дакаастана илигинэ кинини бары преступник курдук көрөллөрүн, ис-истэриттэн абааһы көрбүттэрин бэрткэ көрөөччүгэ тиэрдибиттэр. Аж, до отвращения.
      Урут Саха Сиригэр төһөлөөх элбэх хаайыылаах кэлэн манна олохтоох дьону атаҕастаан олорбуттара хааммытыгар-сииммитигэр иҥэн-иҥмит быһыылаах дии

  11. Мила

    Саамай сөпкө суруллубут. Каринаны булбут түгэннэрэ, дьиҥнээх олоххо, хаартыскаттан да көрдөххө, олус долгутуулаах этэ. Үөҥҥэ-көйүүргэ сиэтэн, хам аччык уҥуох да тирии буолан сэниэтэ эстибит оҕону булбуттарын үчүгэйдик көрдөрбөтүлэр.Чугас дьонун трагедията эмиэ көстүбэтэ.

  12. Кимҥиний Алааппыйа?

    Туйаараҕа дылы дии буочара….

  13. Игнат

    Игнат
    Каринаны корон астынным. Эьээтэ эбэттэн кордоьоро сиэммин агал киьилии комтор диирэ астык киьини уйадытта, Баснаев тупсарда киинэни,эбээтигэр артыыс оонньуо этэ улахан трагическай оруолу профессионал эрэ кыайар, эбээтэ .ийэтэ бу ыал ис туруктарын сатаан арыйбатылар, следователь оро бардьыгынаан сурдээх тыа дьонугар тоьо да уорбалаатар,Карина костуутэ саамай молтох тумук буолла,Лавернов киинэни соьон таьаарда чыпчаалга,София маладьыас улааттагына ойдуогэ оруолун кыайа туппутун. Режиссерга улахан махтал,салгыы Россияга ситиьиилэри,граннары

  14. эмээхсин

    Мин толкуйдаан баран өссө биири суруйуохпун баҕардам. Ырытыыттан ырытыы диэбит курдук, мин бэйэм эмиэ саастаах, олоҕу олорбут араас сиринэн үлэлээбит, оҕолорбутун кэргэмминээн атахтарыгар туруорбут билигин хас да сиэннэрдээх киһи быһыытынан. Баҕар мин суруйуум толкуйдатыа дьону диэн. Дьэ ити Карина 3 саастаах оҕо уонна били Покровскай диэкки Сиинэҕэ икки эмиэ кырачаан кыргыттар сүтүүлэрин ырытан кордоххо, маанык…Ити түбэлтэлэргэ оҕолору төрөппүттэр эһээлээх эбээлэригэр хаалларбыттара. Биллэн турар кыра оҕо инникини – кэнникини кыайан толкуйдаабат, сүүрэр, көтөр, мэниктиир, дьиэ таһыгар, онтон да тэйиччи тыа сиригэр оонньуур сүүрэр-көтөр…Онтон кырдьаҕас эмээхсин сааһа да баттаан, аны “тыа оҕото ырааппат” дии санаан онон-манан дьиэ иһигэр дьарыктанан хараҕын далыгар мэлдьи илдьэ сылдьыбат. Карина түбэлтэтигэр хос эбээтэ “сылайдым, давлениям таҕыста” диэн баран утуйан хаалбыт. Оҕо туран бэйэтэ бэйэтин дьаһанан аһыыр, олбуорга тахсан мэнээк ытын кытта оонньуур, сүүрэр. Аҕата массыынан кэлбитин эбээтэ аахайбат, тахсыбат, утуйа сытар эбэтэр күтүөтүн сөбүлээбэккэ утуйбута буола сытар, дьиэ иһигэр. Эһээтэ, ийэтэ чугас оттуу сылдьаллар….Дьэ, маны ырытыахха: оҕоҕо ким да болҕомто уурбут, аахайбат, бэйэтэ бэйэтигэр сылдьан сүүрэн хаалан туохтан эрэ куттанан хараҕа тэстэринэн сүүрэн сүтэн хааллар…Оҕо бүрүйа суох, тоҕо диэтэххэ кини 3 эрэ саастаах оҕо…Буруйдаахтар улахан дьон оҕоҕо болҕомтото суох сыһыаннаахтара. Кимиэхэ да наадата суох бу оҕо…Аны кырдьаҕас эбээ сылайара, болҕомтото натыыра эмиэ өйдөнөр, тоҕо диэтэххэ ити саастаах оҕолорго нууччалыы эттэххэ “глаз да глаз нужен, не спускать из поля зрения”, куорат буоллун, тыа сирэ буоллун…Ол суох биһиэхэ! Онон эдэр төрөппүттэр оҕолорун “эһээлэргэ,эбээлэргэ найылаан кэбиһэллэрэ” сыыһа. Төрөппүт оҕотугар төрөппүт эппиэтинэһи сүгэр. Манна ити Карина эбэтэ хоморуйара эмиэ сөп курдук: “Оҕолорбун улаатыннарбытым, кинилэр оҕолорун, сиэннэрбин эмиэ көрбүтүм, аны хос сиэни көрөдөрөллөр…Айа сылайдым, ыарыйдым, давленийам таҕыста”, -диир. Итиннэ киһи сөбүлэһэр уонна төрөппүттэр оҕолоргутун саастаах дьоҥҥо найылаамаҥ диэм этэ…Итини киэҥник ырытыахха наада дии саныыбын… Дьиҥэр саастаах дьон “босхо нээнка да домработница” да буолбатахтар ээ… Кинилэр эмиэ сынньалаҥнык олоруохтарын сөп этэ…Оҕо көрүүтэ, истиитэ улахан күүһү уоҕу, болгомтону эрэйэр, ол саастаах киһиэхэ ыарахан, ону быһа гыммакка, оҕолоругар бэрт буолаары, эбэтэр көмө буолаары ылыналлар…

  15. Халлаан

    Быьааччы дэнэр Афанасьев барытыгар кыбыллан билэ косто сатыыр.Булбут о5ону хаьыйан баран бэйэтэ былаас киьитэ буоларын кордорор.А5ата Булуугэ пред.совета ветеранов ВОВ.Биьиги аймах дьахтарбыт а5атын ветеранской квартиратын суутунан куттаан документ ылан кв.Якутскайга ылбыттара вдова ветерана диэн ийэтигэр.Тойотторго бэрт борустуой дьоццо ыт киьи.Тоьолоох тыа дьоно албынаппыта буолла.Уьуннук олорто.Бэрдэ суох дьон.Уоллара эмиэ биир оннук бырдацалаан а5ыластаан туьэн.Ба5айылар.Киьи барыта билэр.Ыйытыц.

  16. Пенсионер

    Уус уран киинэ Саха дьонун оло5о сиэрэ костуохтээх этэ.Тыа дьоно хайдах туттан тугу аьаан сиэн оччолорго олорторо.Онтон са5алаан.Сыыйа Ол кэннэ от мас куннэ5и улэ эрэй муц.Тыа дьоно эрэйдээхтэр.Ким да кинилэргэ наадыйбат.Бары пенсия харчытыгар олороллор.Суол сибээс суох.Оннук са5алаан атын омук дьонун в курсе киллэрэн.Дьэ Ол кэннэ барыы кэлии.О5о со5отох бэйэтэ бэйэтин кытта оонньуур.Хата кини ыттаах эбит.Биьиги эмиэ итинник улааппыпыт.Дьоммут сайын ОККО бараллар совхозка.Со5отох хаалан ыытаан ииктээн саахтаан аччыктаан сэниэ эстэрэ.Киэьэ биирдэ кэлэллэрэ.Кыьын эмиэ.Тымныы буор муоста5а тоц муустаах Аан таьыгар ыытан баран утуйан хаала5ын.Оннук олох.Бу киинэ таах харчы сырсыыта.Бу дьон урдунэн аннынан киьиргэнии.Арбаныы.Дьон оло5ун дьыл5атын сотон Туран.Саха сиригэр дьон тыйыс условия5а айыл5аны кытта охсуьуута.Тыыннаах буолар туьугар олох иьин дьулуура костуохтээх этэ.Онно5ор кып кыра о5о тыыннаах хаалар туьугар охсуьар.Тыа дьоно харчы уорбаттар да бэчээттэбэттэр да.Олохторун бэйэлэрэ оцостон олоро сатыыллар.Ол костуохтээх этэ.Син биир ити Америка5а индеецтар коцул олох туьугар охсуьалларын курдук.

  17. Дойҕох

    Кураанах дойҕох, хайдах барытын биир киинэҕэ киллэриэхтэрэй. Була сатаан кириитикэлээһин. Барытын ыстаан биэриэхтээхтэр? Олус бэрткэ уһуллубут киинэ, ити ыал итинник буоллахтара ону хайыаххытый. Саха эмоцията суох, барытын иһигэр тутар, эрдэттэн аймаммат. Оннооҕор били Сыдыбыл иэдээнигэр аан дойду таһымнаах психиатр кэлэ сылдьан ону бэлиэтии көрбүт этэ дии …

  18. Корооччу

    Билигин Культура Спорт харчы эрэ туьугар диэн тэриллэр.Москва5а хата оргия спектакль туруораллар.Киинэлэрэ барыта быстах ойдоох арыгы быьа сиэбит дьонугар соп тубэьэр гына усталлар.Америка5а куолуттарга хаамаайы дьоццо диэн анаан.Кассовой дэнэр.Ол иьин барыта быстар молтох.Культура улэьиттэрэ сырай- харах дьаабы.Ой санаа да оннук быстах.Ону киинэ суо5ар киинэ буолар.Тоьоннон куьа5ан да соччонон омуктар уорэллэр акаарыны тэптэрэн биэрэллэр.Бу страны III-го мира устубуттар диэн сыаналыыллар.Кинилэргэ шок экстрим курдук.

  19. Массагет (мас сахата)

    Эмээхсин, ордук пенсионер сепке суруйаллар. 1960 -с сыллардаахха о5о эрдэхпитинэ дэриэбинэ о5олоро сайын уулусса5а. т.е тыа5а, куеллэринэн мээнэ кенул сылдьарбыт. Ким да биhиэ5э наадыйбат этэ: эбэн, эсэен, мааман, школа и т.д. Оттуур, отоннуур сааспыт кэлбитигэр мы дети всем нужны стали: родным, совхозу, школе ит. д. Ол иннинэ муунуу,травма, ыалдьыы елуу-сутуу да баара. Ким да олору трагедия онорбот этэ. Буолуохтаа5ын курдук этэ.
    Карина мууна сылдьан медведя с медвежонком встретила не трогала, ночевала в берлоге… Тема не раскрыта.
    Смотрите зарубежные, русско-российские фильмы совсем другой масштаб

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»