Дулҕалаах нэһилиэгин “Алгыс түмсүү далбардара
Саха АССР 100 сыллаах үбүлүөйүгэр анаан, нэһилиэккэ өйдөбүнньүк буолан хаалыа диэн 2 ый курдук бэртээхэй паннону оңордулар. Панно5а” Дьааҥы оройуона” МТ уонна” Дул5алаах нэhилиэгэ” МТ гербэлэрин тигэн киллэрдилэр.
“Бу ұлэ5э уопсайа 20-чэ киһи кытынна. Панно ортотугар үбүлүөй логотибын, икки өттүгэр Дьааҥы улууһун, Дулҕалаах нэһилиэгин гербэлэрин тиктибит. Бу чымпыктаах ұлэни Ноговицына Валентина Николаевна, Другина Елена Гавриловна, Ноговицына Евдокия Егоровна оҕуруонан тиктилэр. Мигалкина Марфа Илларионовн үс муннук кыраһыннары тиктэ. Оттон нэһилиэк историятын кэрэһэлиир кыраһыннарга Другина Елена Гавриловна сылларын оҕуруонан тиктэ. Хас биирдиилэригэр анал эрээттээхтэр. Уонна панно тылларын быысабайдаан тигиигэ элбэх киһи кытынна – Слепцова Варвара Ильинична, Турнина Зоя Назаровна, Мишукова Тамара Николаевна, Слепцова Анна Трофимовна, Слепцова Зоя Алексеевна, Слиж Татьяна Яковлевна, Аммосова Варвара Яковлевна, Слепцова Анна Яковлевна. Ити тикпиппитин барытын хомуйан икки күн библиотекаҕа мустан холбоотубут. Ол холбооһуҥҥа саамай саастаах эбээбит Степанова Мария Павловна көмө буолла. Бары бииргэ, эйэ дэмнээхтик комсомол сааспытын санаан кэпсэтэн-ипсэтэн тигэн бүтэрэн кэбистибит. Үлэбит табыллыбытыттан бэйэбит да астынныбыт”, – диэн сырдатта тұмсұұ салайааччыта Евдокия Егоровна Ноговицына.
Онон панно ыһыах сыанатын ортотугар ыйанна, бырааhынньык биир бастың көстұұтэ буолла.
Евдокия Егоровна бу бырайыагы олоххо киллэрбит, кыттыбыт дьоңңо уонна кыргыттарга – Сыромятникова Мария Ильиничнаҕа, Слепцова Сардана Дмитриевнаҕа махталын тиэрдэр.
Дойду Бэрэсидиэнэ Владимир Владимирович Путин Арассыыйа үөрэҕин миниистиригэр история предметин киллэрии туһунан эппит сорудаҕынан саҥа үөрэх дьыла саҕаланыытыгар, күһүҥҥүттэн, историяны алын кылаастан саҕалаан предмет быһыытынан ұөрэтиэхтэрэ. Бу предмет оҕо кыра сааһыттан төрөөбүт дойдутун историятын билэригэр олук буолуо.
Евдокия Егоровна «Алгыс» түмсүү бу икки ыйы быһа тикпит паннотун кэлэр көлүөнэ төрөөбүт нэһилиэгин историятын үөрэтэригэр үйэлээх бэлэх быһыытынан бэриллиэҕэ диэн эттэ. Ханнык да кэмнэр, дьыллар аасталлар бу панноҕа ураннык тигиллибит Дьааҥы улууһун уонна Дулҕалаах нэhилтэгин герэлэрэ история кэрэһитин быһыытынан туттуллуохтара.
***
СӨ “Дьааҥы оройуона” МТ дьаhалтатын пресс-сулууспата
Оставить комментарий