Балыыһа харыйатын кырдьаҕастар оҥорбут киэргэллэринэн симээтилэр
Өрөспүүбүлүкэтээҕи 3№-дээх клиническэй балыыһа иһинэн Сиэстэрэ көрүүтүн – истиитин салаата 2021 сыл алтынньы 1 күнүттэн арыллан үлэлиир.
Бу салааҕа, сүнньүнэн, паллиативнай – эмтэммэт ыарыылаах, уустук диагнозтаах, күнүстэри –түүннэри көрүү – истии эрэйиллэр саастаах дьон сыталлар. Аламаҕай санаалаах балыыһа салаатын үлэһиттэрэ «Долгожить” коммерческайа суох ойдом тэрилтэ салайааччыта Наталия Каратаеваны уонна волонтердары кытта өрүү кырдьаҕас дьон сүргэтин көтөҕө, сэргэхситэ сатыыллар.
i
Ол курдук, быйылгы саҥа дьыллааҕы харыйаны симиир киэргэллэри кырдьаҕастар бэйэлэрэ, Ева Борисовна Матвеева ыйыытынан – кэрдиитинэн уонна көмөтүнэн оҥорбуттара. Ол туһунан салаа сэбиэдиссэйэ Валентина Поликарповна Дьяконова бу курдук кэпсээтэ:
“Биһиги отделениебыт харыйатын киэргэтиитэ үгүс киһи болҕомтотун тарта, сэҥээриитин ылла. Тоҕо диэтэххэ, харыйаны пациеннарбыт бэйэлэрин илиилэринэн оҥорбут оонньуурдарынан киэргэппиппит”.
Харыйа симэхтэрэ – саастаах дьон хас да күннээх үлэлэрин түмүгэ. Оонньуурдар туойтан, кумааҕыттан оҥоһуллубуттар. Туойу быһыылаан – таһаалаан, куурдан -хатаран, онтон кырааскалаан, харыйаҕа ыйыыр быалаан, хас да күн сыралаһан, бэртээхэй харыйа киэргэллэригэр кубулуппуттар. Валентина Поликарповна этэринэн, кырдьаҕастар үөрүүлэрэ үгүс.
Кинилэр: “Эдэр сааспытын санаатыбыт, тарбахтарбытын хамсаттыбыт, өйбүтүн үлэлэттибит”, – диэн хас дьарык кэнниттэн үөрэ кэпсииллэр эбит. Онон балыыһа саҥа дьыллааҕы харыйатын араас кыыллар, фигуркалар, кумааҕыттан кырыллыбыт хаар кыырпахтара киэргэтэллэр.
“Таһырдьа тэлгэһэбитигэр кыра харыйалаахпыт, онтубутун араас өҥнөөх муус оҥоһуктарынан симээбиппит”, – диэн Валентина Дьяконова киэн тутта сэһэргээтэ уонна
кырдьаҕастары көрөөччү – истээччи Ева Борисовна Матвееваҕа уонна “Долгожить» АНО директорыгар Наталия Алексеевна Каратаеваҕа ис сүрэҕиттэн махталын биллэрдэ.
***
Яна Байгожаева
Оставить комментарий