Александр Жирков: Баайаҕа тутууларын норуот бүттүүн сэргиэҕэ
Уруккута Байаҕантай улууһун киинэ, билигин Таатта улууһун тэргэн суолларыттан ойдом сытар ыраах нэһилиэгэр, ытык Баайаҕа сиригэр кэнники сылларга чугас эргин суох тупсаҕай тутуулар дьэндэстилэр. Ол курдук, 2012 с. манна 220 оҕоҕо аналлаах икки мэндиэмэннээх таас оскуола, 2021 с. 80 оҕоҕо аналлаах бэртээхэй детсад (уһуйаан) дьиэлэрэ үлэҕэ киирбиттэрэ. 900-тэн тахса киһи олорор бөһүөлэк ыалларын үс гыммыттан иккиттэн ордуктара итии уунан хааччыллыылаах. Билигин бөһүөлэк иһигэр СИП-кабель тардыллар, олохтоох дьаһалта саҥа балыыһа дьиэтин туруорсар.
Баайаҕа кэскилин түстүүр ити тутуулары таһынан, олохтоохтор бэйэлэрин көҕүлээһиннэринэн, былыргы саха олоҕун-дьаһаҕын көрдөрөр этнографическай киини тэрийии үлэтэ саҕаламмыта хаһыс да сыла буолла. Баайаҕа Томторугар туостан оҥоһуллубут сайыҥҥы Моҕол ураһа, кыһыҥҥы саха балаҕана, ону сэргэ өбүгэлэрбит тимири уһаарар, тимир оҥоһуктары оҥорор дьарыктарын көрдөрөр музей (түмэл) тутуллаллар. Нэһилиэк эрэ буолбакка, бүтүн улуус даҕаны холугар балайда уустук, улахан тутуу ис хоһоонун бэйэтин биир идэлээҕин, биир санаалааҕын, доҕорун Н.И. Егоровы-Баайаҕыыны көмөлөһүннэрэн норуот маастара, ойууһут Б.Ф. Неустроев-Мандар Уус иилиир-саҕалыыр. Нэһилиэк дьонун бу түмсүүлээх үлэтин, дьонун-сэргэтин ытыктабылын, өйөбүлүн ылбыт баһылыктара Р.Р. Романов салайар.
Этнографическай киин тутуулара хайа саҕаланыахтарыттан, «Мандар Уус кыһатыттан» саҕалаан Ил Түмэнтэн А.Н. Жирков өйөбүл, тирэх буолан кэлбитин олохтоохтор анаан бэлиэтииллэр.
Бу тутуулартан бастакылара – «Мандар Уус кыһата» 2011 с. үлэҕэ киирбитэ. Хара маҥнайгыттан манна саха былыргы дьарыктарын үөрэтэр, сөргүтэр, тарҕатар сорук турбута. Ааспыт сылларга «Мандар кыһатыгар» сүүһүнэн тимир, мас уустара, иистэнньэҥнэр дьарыктаннылар, билиилэрин-көрүүлэрин үллэһиннилэр. Кыһа анал үлэлиир хостордоох, дьону түһэрэр-хоннорор сирдээх буолан кыһыннары-сайыннары үлэлииргэ табыгастаах гына оҥоһуллубут.
Аны туран, «Мандар Уус кыһата» сайын аайы өрөспүүбүлүкэ оскуолаларыттан дьоҕурдаах оҕолору мунньан тимири уһаарыы, тимир оҥоһуктары оҥоруу уустук идэтигэр үөрэтэр, уһуйар сайыҥҥы лааҕыр буолан үлэлээбитэ уонча сыл буолла. Оҕолору кытта Мандар бэйэтэ дьарыктанар, киниэхэ көмөҕө бөһүөлэктэн, атын нэһилиэктэртэн, улуустартан уус-мандар дьон кэлэн оҕолорго уһаныы, иистэнии мындырын үөрэтэллэр. Оҕолор кэлбит болдьохторо бүтүүтүгэр тимир болгуоттан саха быһаҕар тиийэ бэйэлэрэ уһанан, охсон дьиэлэригэр илдьэ бараллар. «Оҕолору сүүрбэттэн тахсалыы гынан иккилии сменанан ылабыт да, баҕалаах сыллата эбиллэн иһэр», – диир Мандар Уус.
Саха былыргытын көрдөрөр кииҥҥэ иккис улахан тутуу – Моҕол ураһа. Бу 9 метр үрдүктээх, 12 метр диаметрдаах баараҕай туос ураһаны биир дойдулаахтара В.В. Яроев бэдэрээттэһэн туппута.
Мандар Уус ыҥырыытынан Моҕол ураһа ис-тас бараанын оҥорууга Таатта, Уус Алдан, Чурапчы, Амма, Нам, Мэҥэ Хаҥалас, Сунтаар, Горнай, Бүлүү, Кэбээйи, Томпо, Ньурба, Хаҥалас улуустарыттан 560-ча норуот уран тарбахтаахтара кыттыһан В.Т. Васильева, П.В. Макарова, П.П. Бурнашева салалталарынан үлэлээбиттэрэ. Хас да сыллаах үлэ түмүгэр Моҕол ураһа дьиҥ былыргы киэбинэн оҥоһуллубута, таҥыллыбыта. Аал уот олоҕуттан саҕалаан тойон олоҕор, кыыс хаппахчытыгар, саха туттар сэбигэр-сэбиргэлигэр, малыгар-салыгар, иһитигэр-хомуоһугар тиийэ барыта сиппитэ.
Ураһа 2020 с. балаҕан ыйын 26 күнүгэр тутуллан бүппүтэ. Ити күн Баайаҕаҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана А.С. Николаев кэлэн, Мандар Ууска тус бэйэтигэр уонна кэскиллээх үлэни саҕалаабыт, үлэлэспит бар дьонугар махтал тылларын эппитэ, үлэ салҕаныытын тус бэйэтин көрүүтүгэр ылбыта.
Үһүс улахан тутуу – саха кыһыҥҥы балаҕана. Бу көмүлүөк оһоҕунан уонна уунан ититиллэр гына оҥоһуллубут баараҕай улахан саха балаҕана тутуллан бүтэн, ис тэрилэ ситэн, быйыл күһүн үлэҕэ киирэрэ күүтүллэр.
Бу үс тутууну таһынан эмиэ биир ураты суолталаах тутуу – саха тимиринэн дьарыгын көрдөрөр музей (түмэл) дьиэтэ оҥоһуллан эмиэ быйыл күһүн үлэҕэ киириэхтээх. Бу атын сиргэ суох музейы олохтуурга былыргы Томтор оскуолатын дьиэтин хат чөлүгэр түһэрэн оҥорон бүтэрдилэр. Бөһүөлэк саамай үрдүк сиригэр турар уруккута кэрэ-бэлиэ көстүүлээх, кииллийбит тиит мас тутуу эргэрэн, сэмнэхсийэн эрэрин аҕыйах сыллааҕыта А.Н. Жирков хамыыһыйа оҥорон, чөлүгэр түһэрэн музей дьиэтин манна олохсутарга быһаарыы ылыныллыбыта.
Бу түмэлгэ туруоруллуохтаах тимир оҥоһуктары (экспонаттары) баайаҕалар эмиэ норуот күүһүнэн саҕалаабыттара. Мандар Уус ыҥырыытын ылынан, кини биир идэлээхтэрэ, үөрэнээччилэрэ Саха сирин үгүс музейдарыгар харалла сытар тимир сэптэри-сэбиргэллэри, үҥүүтүттэн-батаһыттан ох, айа тимир төбөтүгэр тиийэ үтүгүннэрэн, маһыттан тимиригэр тиийэ үүт-үкчү оҥорон, ханна, хаһан, хайдах булуллубутун ыйан, ааттарын-суолларын суруйан туран ыыталаатылар. Экспонаттары хомуйуу салҕанан бара турар. Силигэ ситтэҕинэ, бу үгүс омукка суох ураты түмэл, саха тимиргэ уһанар дьоҕурун дьэҥкэтик көрдөрөр, кэпсиир киин буолуоҕа. Аны бу соторутааҕыта «Алаас» кинигэ кыһатыгар Н.И. Егоров–Баайаҕыын «Саха саата-саадаҕа» диэн саха кыргыһыыга, булка-алка туттар сэбин-сэбиргэлин туһунан суруйбут дьоһуннаахай кинигэтэ бэчээттэнэн таҕыста. Александр Жирков этэринэн, бу кинигэ, бииринэн, саха тимири уһаарар үгэһэ үгүстэр, ол иһигэр анаан чинчийээччилэр саныылларынааҕар үрдүк таһымнааҕын көрдөрөр, оттон иккиһинэн, Баайаҕаҕа тэриллэр саха тимир оҥоһуктарын түмэлин ис хоһоонун арыйарга, бу түмэл үлэтигэр биир сүрүн тирэх буолуоҕа.
Дьэ бу үөһээ этиллибит үлэлэр бары кэмигэр үмүрүйэн, баайаҕалар хас да сыллаах үлэлэрин түмүгүн бар дьон көрүүтүгэр-биһирэбилигэр таһаарарга бэлэмнэнэллэр. Атырдьах ыйын 16 күнүгэр Баайаҕаҕа Ил Түмэн бастакы вице-спикерэ Александр Жирков кэлэн үлэ хаамыытын билистэ, олохтоох актыыбы кытта көрүстэ. Нэһилиэк салалтатын, Б.Ф. Неустроевы-Мандар Ууһу, Н.И. Егоровы-Баайаҕыыны кытта көрсүһүүтүгэр А.Н. Жирков икки дьоһуннаах этиини иһитиннэрдэ.
Бастатан туран, Баайаҕаҕа тэриллэр бу тутуулар, Моҕол ураһаттан саҕалаан саха былыргытын, төрүт олоҕун сөргүтэр, көрдөрөр суолталарын ыйан туран, бу тутуулары быйыл Ил Дархан анал ыйааҕынан олохтоммут «Олоҥхо дьиэлэрин» чэрчитигэр киллэрэр, үбүнэн-харчынан көмөлөһөр туһунан.
Иккиһинэн, Баайаҕаҕа тутуллубут Моҕол ураһаны дьэҥкир таас куполынан сабар туһунан. Моҕол ураһа биир хос туостан оҥоһуллубута. Сүүһүнэн метр иэннээх баараҕай тутуу ардах-хаар, тыал-куус охсуутун толору уйара, тулуйара ыарахан. 2021 сыллаах күһүн Баайаҕаҕа кэлэ сылдьан Александр Николаевич: «Ураһаны хайаан да тас дьайыыттан харыстыыр ньыманы тобуллахха сатанар», – диэн барбыта. Ол кэнниттэн кини аһаҕас халлаан анныгар тутуллар кэбирэх тутуулары харыстыыр оҥоһуктары оҥорор, атыылыыр тэрилтэлэри кытта кэпсэтэн, Баайаҕа ураһатын таас куполынан бүрүйэр уонна ититии холбоон кыһыннары-сайыннары үлэлиир кыахтаах оҥорор гына кэпсэппит бырайыагын билиһиннэрдэ. Александр Николаевич этиитин Ил Дархан сөбүлээн үлэлэһэргэ сорудах биэрбитин туһунан олохтоохтор үөрэ, махтана иһиттилэр.
Ил Түмэн бастакы вице-спикерэ кэлэ сылдьыытыгар болдьообут курдук Мандар кыһатыгар сайыҥҥы лааҕырга дьарыктана сылдьар Л.П. Шамаева дириэктэрдээх «Айыы кыһата» оскуола үөрэнээччилэрэ бэйэлэрин оҥоһуктарын көрдөрдүлэр. Сынньалаҥ лааҕырын оҕолорун, учууталлары уонна олохтоохтору кытта көрсүһүүгэ Александр Жирков өбүгэлэрбит үтүө үгэстэрин үөрэтэр, билэр буолуу суолтатын, Баайаҕаҕа тэриллэр киин инники кэскилин туһунан бэйэтин санаатын эттэ. «Баайаҕаҕа биһиги омукка эрэ буолбакка, чугас эргин бүттүүнүгэр даҕаны суох ураты ис хоһоонноох, дьон-сэргэ туруктаах өйдөөх-санаалаах буоларыгар үтүө сабыдыаллаах, дьоһуннаах үлэ саҕаланна. Баайаҕа тутууларын, манна сөргүйбүт үлэни норуот бүттүүн сэргиэҕэ», – диэн бар дьонугар күүстээх санаалаах, дьоҕурдаах, инникигэ эрэллээх буоллалларыгар баҕарда.
***
Ил Түмэн пресс-сулууспата
Оставить комментарий