Курс валют
$
94.87
0.16
104.74
0.12
Курс валют
Курс валют
$
94.87
0.16
104.74
0.12
Меню
Поиск по сайту

Ала ууһа Атамай

27.03.2024 11:26 2
Ала ууһа Атамай
Атамай диэн туох суолталаах тылый –  сир аата дуу, киһи аата дуу? Бочуоттаах академик Пекарскай тылдьытын бастакы туомун 187 сирэйигэр “Атамай хос аат, дьон олоро сылдьыбыт өтөхтөрө, I, II Атамайдар Нам улууһун нэһилиэктэрин ааттара” диэн бэлиэтэммит Атамай саха норуотун историятыгар быдан былыргыттан ыла биллэр. Ол курдук кини XVII үйэтээҕи дьаһааҕы хомуйар биэдэмэстэргэ «Атамайская волость» диэн аатынан киирэ сылдьар. Аны иккис дьоһун докумуону ылан көрүөҕүҥ. 1897 c. биэрэпис матырыйаалларын. Онно Нам улууһугар икки Атамай нэһилиэктэрэ суруллубуттар. Олорго 720 эр киһи, 76 дьахтар олорбут эбит.
Багдарыын Сүлбэ суруйарынан атамайдар сүрдээҕин ыһыллыбыттар, тарҕаммыттар. Ол курдук аҕа уустаан олороллор Намҥа, Горнайга, Кэбээйигэ, Бүлүүгэ. Билиҥҥи кэмҥэ «Атамай» диэн топонимнар, ити Намтан Булуҥтан ураты өссө бааллар – Горнайга, Аммаҕа, Мэҥэ Хаҥаласка, Тааттаҕа, Кэбээйигэ, Бүлүүгэ, Ленскэйгэ, Уус Майа5а уонна кый ыраах Красноярскай кыраай Дьэhиэйигэр тиийэ. Дьэ, туох төрүттээх-уустаах дьонуй бу Атамайдар? Ренессанскай төрүттээх улуу учуонай Г.В. Ксенофонтов «Атамай» диэн тыл билиҥҥи саха тылынан кыайан быһаарыллыбат диэн турар. («Урааҥхай-сахалар» I-1, Иркутск, 1937 с. 220)
Оттон С.И. Боло; «Омо5ой Баай удьуордара Намнары кытта бииргэ ыкса үөскээбит, биир майгылаах, олохтоох, үлэлээх-хамнастаах Атамай (…) нэһилиэктэри ааҕыахха сөп» – диэбит. Манан сиэттэрэн Намнар аакайдыылларын этэн кэбиһиини уонна аакайдааһыны-оокойдооһуну анаан чинчийбит тыл үөрэхтээҕэ С.А. Иванов аакайдааһын киинэ буолар Намнар – Бороҕоттор сирдэриттэн аакайдааһын Атамайдар уонна да атыттар сирдэригэр тарҕаммыт диэн чопчу суруйан турар. Уһулуччулаах топонимист-суруйааччы Б.Сүлбэ; «Атамайы тыл быһыытынан суолтатын быһаарар кыаҕым суох. Арай кинини АТА+МАЙ диэн “эттээн” көрүүм уонна – МАЙ бурят тылыгар эр дьон ааттарын үөскэтэр сыһыарыы олус тарҕаммыт (“очень продуктивный”) сыһыарыы буоларын этиим» диэн быһааран суруйан турар. («Ономастика Бурятии» – Улан Үдэ, 1976 г. с.131)
Атамай төрдүн ууһун кый ыраахха тиэрдэр дьонноохпут. Ол курдук, С.Сомоҕотто диэн историк учуонайдаах этибит. Кини саха омук ханнык да түүр да монгол да төрдө суох, хата кыраай хоту өттүгэр кыахтаах самодийскай омуктартан хаан тардар диирэ уонна суруйууларыгар ол омуктар тылларыттан ханан эмэ маарынныан сөптөөх тыллары холобур аҕалара. Оттон бу Атамай аатын быһаарарыгар өссө ырааппыта, Америкаҕа олохтоох Атабаскиларга дуу, Атамаскиларга дуу тиэрдибитэ. Оттон историческай наука кандидата В.Ушницкай Атамай аатын кэм да арыый чугаһаппыт. Ааҕыаҕыҥ эрэ тугу суруйбутун: «Атамай ууһун Сэһэн Боло Омоҕой удьуордарыгар киллэрбитэ. Бу уус аата казахтар корей биистэрин икки уустарыттан биирдэрэ Ашамайлы аатыгар чугас, Ногаецтарга бу биис аата Атамайлы диэн суруллубут. Ашамайлы биис аатын “Ашамай” диэн (Тэбиэн ыҥыыра) тамгаттан быhаарыллар. Сахаҕа бу тамгаҕа маарынныыр ойуу, тамга баарын бэлиэтиэххэ сөп. Каракалпактарга ашамайлы биистэрин былыргы ууһунан саху диэн уус дьоно буолаллара. Саха-эт диэн былыргы монгол тыллаах кереиттэр биистэрэ. Атамай ууһугар кыра Салбаҥ ууһа диэн баара. Бу уус аатын казахтар Албан диэн биистэрин аатыгар чугаhатыахха сөп. Бу биис аата былыргы кереиттэр албат диэн биистэрин аатыттан тахсар буолуохтаах».
«Буолуохтаах! Албат-Атамай. Итини мин саарбахтыыбын», – диэн суруйбут Багдарыын Сүлбэ уонна салгыы, – «Олус наһаа булгуччу итинник этэр научнай үлэһиккэ соччо-бачча сиэрэ суох буолуо дии саныыбын», – диэн сүүрүҥүйдэппит.
Историк учуонай В.Ушницкай бу суруйуута “Чолбон” сурунаалга (2007/11) бэчээттэммитин булан ааҕыаххытын сөп. Оттон сир түннүгэ киһи, саха чүөмпэ өйдөөҕө Тумус Мэхээлэ Атамай нууччалыыта Отымай, Отымать диэн (отец и мать) диэн быһааран суруйбут этэ.
Атамай диэн аҕа ууһунан олорооччулар диэн тоһоҕолоон бэлиэтээбит.
Бу дьоҕус суруйуубун саха норуодунай поэта Наталья Харлампьева 2017 с. суруйбут “Атамай” диэн поэматын тылларынан түмүктүүбүн:
Атамай, Атамай, Атамай…
Хаан тараар халыҥ аймаҕым
Ханан тайаан сылдьарын
Сүрэхпинэн сэрэйэбин
Билиниэхтээх эбиппин…
Атамай, Атамай, Атамай …
Түҥ былыргы өбүгэм
Тууйуллубут тойугун
Түктүйэни сүөрбүттүү
Төлө тутан таһаардым,
Тилиннэриэх аатырдым!
***
Атамай уола

Обсуждение • 2

Добавить комментарий
  1. Массагет (мас сахата)

    Умай, Атамай Орто Азиялар тыллара. Умай – божество плодородия у тенгрианцев.
    А́та, также А́тэ в древнегреческой мифологии— богиня бедствий: ослепляя и запутывая разум и сердце людей, она толкает их на преступления

  2. Кэм буолуо

    Ученайдар да бааллар.Соруйан барытын буккуйан суруйаллар уруккуттан.Саханы туьэрэн суох гынаары.Биир сир аатыгар Аан дойдуну барытын сыбаабыттар.Сымыйаннан.Былаас тугу этэрин суруйаллара.Художниктар поэттар артистар суруйаачылар тойоттор илиилэриттэн аьаан кэлллилэр.Квартира дача маш.барыта босхо.Саха ахсаана билигин а5ыйах.Урукку курдук Аан дойдуну атыйаахтаах уу курдук кэьэн кэлбит дьон.Туох барыта кэмигэр Оро тахсар.Онтон аллара туьэр.Ол курдук Одун Хаантан оцоьуулаах Чыцыс Хаантан ыйаахтах дьон тобо5о бу Хоту Сири Булан олохсуйбуттара.Былаас олохтоон Саха сирэ диэн бачча улахан Сири тутан олорор.Урут оссо Хабар.Амур.уобаластар Красн.кырай Охотскай муората барыта Саха губернията этэ.Онтон да костор Саха ойо булугаьа тэринэн олохсуйара.Горнай Нам Хацалас Кэбээйи бары эбээн бурээт- хоро дьоно.Саха буолбатахтар -Якуты.

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»