Курс валют
$
96.95
0.84
106.42
0.73
Курс валют
Курс валют
$
96.95
0.84
106.42
0.73
Меню
Поиск по сайту

НЬУРБАҔА САЛАЙААЧЧЫЛАР “СААСКЫ КҮН СЫЛААҺА” АҺЫМАЛ КЭНСИЭРТЭРИН БАР ДЬОН БИҺИРЭЭТЭ

04.05.2018 10:06 1
НЬУРБАҔА САЛАЙААЧЧЫЛАР “СААСКЫ КҮН СЫЛААҺА” АҺЫМАЛ КЭНСИЭРТЭРИН БАР ДЬОН БИҺИРЭЭТЭ

Ыам ыйын 2 күнүгэр киэһэ 7 чаас быдан инниттэн Ньурба куоратын «Кыталык» культура дьиэтигэр саалаҕа ыы-быччары үгүс дьон муһунна. Улуус салалтатын көҕүлээһининэн Ньурба куоракка баһаартан эмсэҕэлээбит дьоҥҥо көмөлөһөр сыаллаах улуус муниципальнай тэриллиилэрин, тэрилтэлэрин салайааччыларын Аһымал санаа кэнсиэртэрэ ыытылынна.


Бу үтүө тэрээһин фойеҕа салайааччылар вальстарынан саҕаланна.

Саалаҕа олорор сир тиийбэккэ, сорох туран, сорох олоппос булан олорон, кэнсиэри астына-дуоһуйа көрдүлэр.

Үгүс салайааччылар талааннарынан киэҥ араҥаҕа соһуччу арылланнар, дьэ, сөхтөрдүлэр.

Өрөспүүбүлүкэ дьахталларыттан бастакы Аар Дархан этээччи, улуустааҕы култуура департаменын салайааччыта Розалия Тихонова, учууталлар идэлээх сойуустарын улуустааҕы кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Меркурий Таюрскайнэһилиэнньэҕэ улахан артыыс быһыытынан биллэр буоллахтарына, салайааччылар ортолоруттан бэртээхэй хомусчуттар, үҥкүүһүттэр, ырыаһыттар, хоһоон ааҕааччылар көһүннүлэр.

Бииртэн-биир нүөмэрдэр субуллан, көрөөччүлэргэ бириэмэни биллэрбэккэ сэргэхситэн, көнньүөрдэн истилэр. Кэлбит эрэ барыта астынна. Хас нүөмэр бүттэҕин аайы ытыс тыаһа биир кэм тохтоло суох хабыллан олордо.

Балтараа чаастаах кэнсиэр Ньурба улууһун Өрөгөй ырыатынан өрө күүрүүлээхтик түмүктэннэ. Кэнсиэркэ киирбит 44700 солк. баһаартан эмсэҕэлээбит дьоҥҥо ананна.

Улуус баһылыга Алексей Иннокентьев: “Икки нэдиэлэ устата үлэ чааһын кэнниттэн бэлэмнэннибит. Маайдааҕы бырааһынньыктарга бар дьоммутугар бэлэх ууннубут. Ууну-уоту ааспыт салайааччылар сыанаҕа тахсаары туран, улаханнык долгуйдубут. Ньурбабыт олохтоохторо, ыалдьыттара кэлэн истэн, истиҥник сыаналаабыттарыгар махталбытын тиэрдэбит. Маннык түгэннэр, маннык көрсүһүүлэр биһиэхэ элбэҕи биэрэллэр, нэһилиэнньэни биир санааҕа түмэргэ туһалаахтар. Күүстээх, эппиэттээх үлэ кэнниттэн дууһалыын сынньанныбыт. Кэллиэгэлэрбэр күүс-көмө, өйөбүл буолбуттарыгар, икки нэдиэлэ устата кэнсиэркэ биһигини бэлэмнээбит Варвара ПлотниковаҕаАльбина Тумусоваҕа, «Кыталык» культура дьиэтин бары үлэһиттэригэр махталбын тиэрдэбин”.

***

Ааптар: Геннадий Антонов

Обсуждение • 1

Добавить комментарий
  1. ч

    Ньурбалар маладьыастар, мантан ыла түмсэн иһин, инники аартыккыт аһылыннын, кэнники аартыккыт кэҥээтин. Үрдүк ситиһиилэри.

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»