МЭҤЭ ХАҤАЛАС ЫЧЧАТА БУГУЛЛААҺЫҤҤА КҮРЭХТЭСТЭ
Мэҥэ Хаҥаласка «Күүлэй ‒2019» от охсууга өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһии күнүн кэнниттэн Уол Табаҕа киэҥ нэлэмэн эбэтигэр ыччат муһунна. «Күүлэй» кыттыылаахтара охсубут отторун бугуллааһыҥҥа күөн-көрсүстүлэр.
«Саха ыччата ‒ тыа сиригэр» бырайыак чэрчитинэн үгэскэ кубулуйбут тэрээһини ыччат бэлиитикэтигэр уонна дьиэ кэргэн дьыалатыгар улуустааҕы управление үлэһиттэрэ Дьулустаан Аргунов уонна Нарыйа Нестерова, «Тараҕай нэһилиэгэ» МТ баһылыгын солбуйааччы Юрий Порядин иилээн-саҕалаан ыыттылар.
Ыччат уу отугар 3 гаалаах сиргэ 200-чэкэ кэриҥэ лэкээлэри туруорда. Ким төһө көхтөөхтүк кыттыбытын көрөн бастыҥнары быһаардылар.
Бастакы миэстэни Моорук нэһилиэгиттэн Еремей Жирков көҕүлээһининэн кэлбит устудьуоннар тутар этэрээттэрин эдэр эрчимнээх хамаандата ылла. Иккис миэстэни Алтан нэһилиэгиттэн Дмитрий Попов салайааччылаах ыччат хамаандата итиэннэ үсүһү табаҕалар ылары ситистилэр. Хамаандаларга айылҕаҕа тахсан сынньанарга аналлаах бэртээхэй бириистэр туттарылыннылар.
‒ Кыттыбыт ыччакка махтанабыт. Атырдьаҕы хаһан даҕаны туппатахпыт диир оҕолор бааллара, ол гынан баран, бэйэ-бэйэлэриттэн түргэнник үөрэнэн, үлэҕэ бука бары тутуспутунан биир тэтимнээхтик киирдибит. Мунньуллубут бугуллары олохтоох ИП Герасимов хаһаайыстыбата бириэстээн, тиэйиэҕэ. Хаалбыт окко чааһынайдар тахсан илиинэн охсон үлэлиэхтэрэ. Инникитин өссө элбэх ыччат кэлэн кыттарыгар баҕарабын. Өссө «Күүлэй» күрэхтэһиитэ буолар күнүгэр, уу отугар ыччаты эмиэ кытыннарыахха сөп дии саныыбын, ‒ диэн бэйэтин санаатын күрэхтэһии тэрийсээччилэртэн биирдэстэрэ, Табаҕа хамаандатын бэрэстэбиитэлэ Юрий Порядин эттэ.
Эдэр дьон бугуллары туруоруунан эрэ муҥурдаммакка, Табаҕа уолаттара Чэлгиэннээх эбэттэн балыктаабыт, кутааҕа буһарбыт минньигэс соболорун миинин астына амсайдылар, бэйэ-бэйэлэрин кытары билистилэр, ирэ-хоро кэпсэттилэр.
Паша ВАСИЛЬЕВА, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ устудьуона:
— Мин бэйэм Бырама ыччатабын, университекка физкултуура уонна успуорт институтугар адаптивнай успуорт салаатыгар үөрэнэбин. Үөрэхпин бүтэрэн баран дойдубар үлэлии төннүөхпүн баҕарабын. Устудьуон этэрээтин хамаандатыгар киирсэн, олус бэркэ үлэлээтим. Бэйэм дьиэбэр оттуубун, мунньарга үлэлээччибин. Маннык тэрээһин ыччаты сахалар төрүт үгэспитин ‒ илиинэн от үлэтин умнубаппытыгар үөрэтэр.
Варя ДАВЫДОВА, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ устудьуона:
— Амма Мээндигидиттэн сылдьабын. Ийэм төрдө Матта буолан, Мэҥэ Хаҥаласка сотору-сотору кэлэбит. Психология институтугар үөрэнэбин. Бэйэбит сүөһүбүт суох буолан, окко бүгүн саҥа сылдьан, бастакы холонуум буолар. Наһаа ыарахан курдук дии саныыр этим, ол эрээри «үөрэтээччилэрим» үчүгэй буоланнар, үчүгэйдик үлэлээтим, дуоһуйууну ыллым.
Сергей СМОЛИН, Алтан нэһилиэгин ыччата:
— Бүгүн, хата күммүт туран биэрдэ. Инникитин дьон көҕүн тардан, өссө элбэх хамаанданы мунньан, «Саха ыччата ‒тыа сиригэр» бырайыагы сайыннаран иһиэххэ наада дии саныыбын. Өссө элбэх ыччат кэлэн, билсэн-көрсөн, доҕордоһон, үчүгэй ис хоһоонноох тэрээһин буолуох этэ.
***
Ааптар: Виктория БЕЛОЛЮБСКАЯ
Оставить комментарий