ТОСУННЬУ – ТАҤХА ХААН ЫЙА
Күн кутуйах хаамыытынан уһуур. Ол курдук, ый бүтүүтүгэр икки чаас кэриҥэ уһуур. Күнү-дьылы билгэлээччилэр тохсунньу ыйы от ыйыгар сөп түбэһиннэрэллэр. Тохсунньуга тымныйдаҕына, от ыйыгар кураан буолар. Оттон хаардаах, былыттаах буоллаҕына, ардахтаах ыйы күүтэллэр.
Тохсунньу ортотун диэки тоҥсоҕой маһы тоҥсуйан торулатар. Итини тоҥсоҕой “тымныыны кэрдэр быһыыта” дииллэр. Бу кэмҥэ аам-даам тымныы турар. Ол эрээри халлаан сылыйан эрэрэ син биллэр. Күн кыра-кыралаан уһаан иһэр. Урууну бу ыйга оҥорботтор.
Тохсунньу хотугу полушариеҕа саамай тымныы, онтон соҕуруу полушариеҕа, төттөрүтүн, саамай сылаас ыйынан биллэр.
***
Aartyk.ru
Оставить комментарий