Курс валют
$
100.03
0.66
106.2
1.1
Курс валют
Курс валют
$
100.03
0.66
106.2
1.1
Меню
Поиск по сайту

Айыҥа: “Саха сиригэр тыалынан киирбит атын сиринэн холоругунан тахсар” (2 чааһа)

25.01.2023 08:48 21
Айыҥа: “Саха сиригэр тыалынан киирбит атын сиринэн холоругунан тахсар” (2 чааһа)

Андрей КРИВОШАПКИН-Айыҥа интервьютун салгыыта. Бастакы чааһын ссылката.

БЫЛААС уонна ИТЭГЭЛ

-Штыров бэйэтин кэнниттэн Айсен Николаевы хаалларар санаалаах этэ. Мин “Россия – наследница империи Чингисхана” диэн кинигэм тахсыбыт кэмэ этэ, ону Айсен Сергеевичка биэрбитим, аах диэн. Киһим ааҕан баран сөбүлээбит этэ уонна анараа баран көрдөрүөм диэбитэ. Тиийэн Дворковичка көрдөрбүт, устудьуон эрдэхтэн табаарыстыылар эбит. Онуоха анараа киһитэ ыксаатаҕа дии “бэйэбитин таҥнаран биэрэр киһи сылдьар эбит” диэн. Онон былааска Егор Афанасьевич [Борисов] тахсан кэлэр.

Оттон Штыровы Медведев Роман Михайлович Дмитриев суругуттан сылтаан уһулбута диэн кэпсээбиттэрэ.

-Олимпийскай чемпион? Дьэ эрэ…

Роман ДМИТРИЕВ, Олимпиада-1972  чемпиона, Ил Түмэн IV мунньаҕын депутата, парламент СФ  бастайааннай бэрэстэбиитэлэ

-Роман Михайлович Ил Тумэн депутаттарыгар сурукка илии баттатар: Россия түөрт официальнай религияны билиннэ, бэсиһинэн саха итэҕэлэ Тенгрианство киириэхтээх диэн. Икки Жирковтар, Тумусов, Корнилова илии баттаабаттар уоннааҕы депутаттар бары баттыыллар. Ол докумуон билигин Лена Федороваҕа баар. Ити сурук туһунан сурах Москваҕа тиийэр уонна Штыров уһулларыгар төрүөт буолар.

-Роман Дмитриев Госдума комитетыгар итинник ис хоһоонноох тыл эппитин туһунан баара. 

-Роман Михайлович итэҕэлгэ, саха историятыгар бэйэтэ дириҥ көрүүлээх, билиилээх киһи этэ. Н.С. Трубецкой “Наследие Чингисхана” кинигэтигэр  “Россия тиллэригэр Чингисхан идиэйэтэ тиллиэхтээх” диэн суруйбутун санатан, кини этиитинэн мин “Наследие предков” кинигэм суруллубута.

Бастаан 1999 сыллаахха “Дьурантаайы үөрэҕэ” диэн сахалыы кинигэ суруйбутум. Өбүгэбит кистэлэҥ билиитин ыһа-тоҕо кэпсээбэккэ сахалар бэйэбит туһаныаҕыҥ диэн санааттан сахалыы суруйбутум. Тахсыбакка өр баҕайы сыппыта, Егор Григорьевич [Егоров, СР региональнай экономикатын институтун директора этэ]  научнай үлэ курдук босхо бэчээттэтэн таһаараары маннааҕы профессордардарга, академиктарга илии баттата сатаабыта да, бары ааккастаммыттара. Онтон Узбекистаҥҥа бараары сырыттахпына Роман Михайлович көрсөн “иккиэн сааспыт ыраатта, эн биһи суох буоллахпытына, таах хаалан хаалыа дуо” диэн ити нууччалыы суруйан таһаарбытым.

-Хамсааһын тахсан эрэр диэн көрөҕүн? 

-Тахсан. Оттон ити “Кэрэни көрбүт” киинэни нууччалар бэйэлэрэ үбүлээбиттэр дии. Путин соторутааҕыта “мы даже не знаем кто такой человек” диэн эттэ. Нууччалар билбэттэр, сахалар билэллэр. Киһи бу Орто дойдуга кэлбит аналын саха итэҕэлэ бэрт судургутук быһааран биэрэр.

-Саха норуотун миссията бу уларыйыыга тугуй?

-Төрүт итэҕэлин сөргүтэн тарҕатыахтаах. Г.В.Ксенофонтов суруйан турар “биһиги итэҕэлбит 99%-нын сүтэрэн олоробут, ол гынан баран ону судургутук тилиннэриэххэ сөп” диэн. Ретроспективнай анализ көмөтүнэн, атын религиялары кытары тэҥнээн көрүөххэ наада. Мин 2000 сыллаахха руноны – уурунуу суругу үөрэтиэм этэ диэн өйбөр да оҕустарбат этим, бииртэн биирэ бэйэтэ-бэйэтиттэн сиэттэрэн итинник тахсан иһэр.

10 сыл устата аан дойду уларыйыахтаах,  харчыттан (материальнай баайтан) аккаастаныахтаах уонна кэрэни көрө барыахтаах (өй-санаа сайдыытыгар).

-Былыргы үөрэхпитинэн, салайааччы, баһылык ойуун аҥаардаах киһи буолуохтаах диэн эбит.

-Алтыс таһымҥа тахсыбыт сайдыылаах буолуохтаах. Ол гынан баран билигин, үйэ уларыйыытыгар,  атын киһи тахсар кыаҕа суох. Сиэмэхтэр кэмнэригэр сиэмэхтэр тахсаллар. Бычков Украинаҕа үлэлээбит киһи…

– “-нко” бөҕө дии. 

-Оттон ситигирдиктэри мунньан олорор Айсен Сергеевич. Михаил Хазин [аналитик, экономист, общественнай деятель]  Саха сиригэр Сергей Колмогоровы ыытыахха диир эбит. “Якут с палкой” диэн хос ааттаах, байыаннай, ЧВКалары кытары үлэлиир киһини.

-Уой…  Урут РФ Генпрокурорун солбуйааччытынан үлэлээбит Василий Колмогоров уолун этэҕин?

Сергей КОЛМОГОРОВ, байыаннай эксперт, конфликтолог

-Кини… Сергей Колмогоров Тарасенко буолбатах буоллаҕа. Ити мустубут уоруйахтары муус ураҕастаах эрэ киһи үүрэр кыахтаах. Буойун кэлиэхтээх. Онтон сиэччи-аһааччы ылҕаммытын, ыраастаммытын кэннэ дьэ норуот туһугар үлэлиир алтыс халлаантан үөттэриилээх салайааччы кэлиэҕэ эбитэ дуу…

-Андрей Иванович, махтал, кэлин да сэлэһэр инибит диэн туран салгыы саҥа арыйыылары уонна уларыйыылары күүтэбит!

***

Кэпсэттэ Туйаара НУТЧИНА,

Aartyk.Ru

Подписаться на телеграм-канал @Aartyk.ru

 

Обсуждение • 21

Добавить комментарий
  1. Минсаха

    Айынабыт Россия урдуку политикатын тустуур киhи буолбут. Саха сирин уоруйахтар, сиэмэхтэр дойдулара диэбит дуу. Бааhынайынан уурдэриэм диэбит дуу. Фантазияларын да суруйа сытыан…

  2. Кугдаров

    Ба5алаах маска ыттар диэн баар дии. Маладьыаьыц, Путины мин таба керен суруйан талларбытым диэбэтэх. Сайдан сайдан Путин мин таьаарбыт уолум диирэ буолуо, Саха сиригэр хаайтара сытыа дуо. Ессе Арассыыйаны ааьан, Аан дойдуга тахсарым диирэ буолуо.

  3. Сахауола

    Да будет срач!🤣

    Айына молодец! Респект и ✊🏻. Разворотил осиный улей, ща айсботы налетят😄.
    Даешь в илдарханы Колмогорова! Да будет конец света всем ворам и коррупционерам!!!

  4. Дьэ диэ

    Айына этиилэрэ оруннардаах. Ол эрэн алыс улахан темалары сиргэ тусэрэн коннору сахага сыбыырыгар сорогор сатаан ойдонор гына ыпсарбат. Судургу бысаарыынан мистикага, ойуунна эгин тиийэн хаалар, халытар. А. Кулаковскай курдук сахатын харана дьонугар аан дойду агыс хаттыгастаах, тогус кубулгаттаах эргиирин халлаантан сиргэ тиийэ, Саха ойугэр тиийэр гына ыпсаран биэрэн кэпсиир киси уоскуу илик, отор уоскуох чинчитэ да суох соро бысылаах.. Барыта кыра ичээннэр тууллэрэ – биттэрэ.. Айына улахан политикага кыттысарга дурасыйар курдук этитэлээбит. Бырааба. Холмогоров аатын этиттэрдилэр дуу.. Туох киси эбитэ буолла.. Чвк – лары кытта улэлиир киси диэн буолла дуу.. Биир чвк баар, Пригожин “Вагнера” диэн.. Эдэр Холмогоровы бэйэтин билбэппит. Агата, кырдьагас Холмогоров, 2002 сыллаагы Республика Президенин быыбарыгар Москва хайа эрэ группаларын, дьонун кисилэрэ, марионетка куукулалара буолан кэлэн булкуса сылдьыбытын ойдуубут.

  5. Дьэ

    эрэйдээ5и тыытыман, былыр былыргыттан сылдьар, Поскачин сана депутат буоларын санаттан, кини соратнига. Саханы ере тута сатыыр киhини. Хаамаайыбыт курдук, тылынан хаамаайы.

  6. Дьэ диэ

    Ити ЧВК – лары кытта сибээстээх Холмогорову манна Ил дарханна агалыахха диэн санаа баар дэппиттэрэ бэрт исэ – истээх буолуон соп. ЧВК – лар, Вагнердар сурун тэриллибит биир сыаллара Африка курдук сирдэргэ Россия сир баайын хостуур компанияларын, олигархтарын интэриэстэрин комускуур, харабыллыыр, байыаннай куусунэн хааччыйыы диэн буолар диэн суруйаллар.Онтон Саха Сирэ сир баайын хостоосунна бырайыак, былаан бого буолан эрэр. Улахан компаниялар, олигархтар кэлэн эрэллэр. Онтуларбытын ол харабыллара, чвк – лар эмиэ кэлээри, бэйэлэрин кисилэрин бисиги баспытыгар олордон, бисигини “бэрээдэктээри – дьарыйаары” толкуйдара баар буолан эрдэгэ дуу.. Арах – арах.

    • Байьал

      Ону маны түөһүмэ сымыйанан. Айыҥа саҕа үлэни үлэлээ, чинчий, үөрэт ол кэннэ ону-маны олоотообута буол. Саха учуонайдара. Чинчийээччилэрэ эрэ буолбакка Айыы үөрэҕэ дьиҥ билии буоларын атын омуктар эмиэ этэн эрэллэр. Андрей Ивановичка махтал буоллун, норуотуҥ төрүт билиитин тарҕатаргар!
      Колмогоров курдук киһи кэлэрэ уолдьаста. Кэм ирдэбилэ. Уран аһаан олорооччулары түөрэ барытын муустаах ураҕаһынан кыйдыыр кэм кэллэ.

      • Билэр.

        Барыбытын бииргэ үрэйтээбэтэхтэринэ үчүгэй буолуо этэ дииргэр тиийэҕин. Аппетит приходит во время еды диэн нуучча омуга өс хоһоонноох. Эбэтэр хорошо смеется тот, кто смеется последним.

    • Герман

      ЧВК оннук харабыл эбит буоллаҕына Саха сирин сиртэн хостонор баайдаах сирдэригэр харабыллара төрүкү бааллар, Томпо сиригэр кус ытаары чүөмпэлэри кэрийэн үүрүллүбүт кусчуттар бааллар. Былыр казактар судаарыстыба харабыллара Бодойбону тулалаан нэһилиэктэри тэринэн, урбаанньыт кыахтаахтара кавказ дьонун харабыл оҥостон олорбуттар. Революция кэнниттэн кавказтары Өлүөхүмэ Төгөөнүгэр түмэн олохтообуттар, ссылка курдук. Казактар сэриигэ баран тарҕаһан олорбут нэһилиэктэрэ учаастак курдук буолан тураллар. ЧВК кэллэҕинэ сиртэн хостонор баай судаарыстыба бас билиитигэр киирэрэ судургутуйуон сөп. Урут Чиряев көмүс хостуур артыаллары саа да тэбиитигэр чугаһаппатах. Кылаабынай артельщик Вадим Туманов этэн турар:— Чиряев миигин саха сиригэр киллэрэртэн куттанара, онон Магадаҥҥа тиийбитим, Тиксиигэ туох баар техникам оборудованиям уһуннук туһата суох турбута— киһиргиир курдук эппитэ да Чиряев ыраахха дылы көрөр государственнай толкуйдаах буолан киллэрбэтэҕэ чуолкай.

  7. саха уола

    Саха сирэ ханна баарын да билбэт Колмогоров марионетка, баара-суо5а абый дьахтарын уолларын онно-манна анньаары гына5ыт дуо? А5ата крышалаан Абыйга елбут бандьыыт аймахтарын курдук оцоруо.

  8. Оо

    Колмогоров футболкатыгар “Руссо туристо” суруктаах. “Облике морале” хайдах эбитэ буолла? Эмиэ биир “турист” дуу. “Интурист хорошо говорить!” диэччилэр уже бааллар эбит, араас байбаллар. “холмогуордар” хайы уйэ мустан эрэллэр эбит дуу

  9. Мира

    Колмогоров илиитин кысыл сабынан бааммыт, ол аата еврейдар итэ5эллэрин ылыммыт эбит Каббала диэн. Оччо5о сахалары каббала5а уерэтэ кэлэр буолла5а ду? Эчи кутталын

    • Зена

      Биhиги билигин бары сахаларбыт еврей, нучча да хааннаах буоллахпытына!

      Онон барыта этэннэ буолуо

  10. Чуоккай эбит

    Ол исин оннук буолуохтаах этэ. ЧВК Вагнер тойоно Пригожин еврей дииллэр. Айына Холмогорову манна ыытыахха диэн Хазин диэн экономист, политолог этэр диэбит. Ол Хазин эмиэ еврей. Барыта чуоккай эбит. Айынабыт эмиэ еврей буолан хаалбата ини дуу

  11. Вообще

    Айына Айсены кыайбат. Айына 1986 с. Якутскайга Ф. Дзержинскэй аатынан Росгвардия дивизиятын квартировкалаары гыммыттарын курдук Вагнер киситин а5алаары гыммыт дии. Вообще тун тан буолбут. Аан дойдуга коррупция барыларыгар баар. Онноо5ор Кытайга. Сахалар ап а5ыйахтарын бысыытынан биир буолуохтаахтар. Айына сутэн баран эмиэ куерэйдэ – сахалары буккуйаары

  12. Ньургууна

    Айыҥа саҕа өйдөөх гений киһи тарбахха баттанар. Өйдөрө бүөлэммит дьон инник саҥараҕыт буоллаҕа😅. Саамай үрдүк үрүҥ ойууммутун түһэрэ сатаан тугу туһанаҕыт?) Айыҥаны сиилээбиттэр элбэх баардаах дьон өһүгэр саҥатыгар киирэҕит! Дьэ ол кутталлаах! Руна хайдах курдук күүскэ үлэлиирин бары билэҕит)),Үтүө Өбүгэлэрбит мээнэ киһини талбаттар, Саха кистэлэҥин көрдөрбөттөр, Үрдүк эрэ таһымнаах, ыраас санаалаах эрэ Ойууну таллахтахтара.

    • Уйбаан

      Оннук. Айсботтар куттаммыттар. Кэллин-кэллин кытаанах илии! Б-ри барыларын эмэьэгэ тэбитэлиэххэ наада😄.

  13. Рио

    Вы там осторожно с комментами админ Аартык может передать Якуту с палкой ай-пи ботов)). Вот тогда узнаете на себе как палка работает))

  14. Ха

    Ха, начали уже какой то палкой махать – грозит. Не видать вам власти у нас, палкины. Размечтались. Небось лелеете мечту сами сесть на халявные места с помощью этой палки да грызть бюджет как мышки, неудачники.

  15. Зена

    Оннук, сиэмэхтэр бардахтарына, Кешбери, Криптовалюта, Биткойн бары эhиннэхтэринэ банкрот буолан суох буоллахтарына эрэ ыраас -сырдык санаалаах киhи кэлиэ биhиэхэ👍

Оставить комментарий