Курс валют
$
92.51
0.79
98.91
0.65
Курс валют
Курс валют
$
92.51
0.79
98.91
0.65
Меню
Поиск по сайту

Сунтаарга Аҕа дойду уоттаах сэриитин бэтэрээнин 94 саастаах Дмитрий Григорьевы Улуу Кыайыы 75 өрөгөйдөөх үбүлүөйүнэн эҕэрдэлээтилэр

02.09.2020 17:15 0
Сунтаарга Аҕа дойду уоттаах сэриитин бэтэрээнин 94 саастаах Дмитрий  Григорьевы Улуу Кыайыы 75 өрөгөйдөөх үбүлүөйүнэн эҕэрдэлээтилэр
Балаҕан ыйын 2 күнүгэр, Сунтаар нэһилиэгэр Аҕа дойду уоттаах сэриитин бэтэрээнин 94 саастаах Дмитрий Яковлевич Григорьевы Улуу Кыайыы 75 өрөгөйдөөх үбүлүөйүнэн,  Аан дойду иккис уоттаах сэриитэ түмүктэммит күнүнэн эҕэрдэлээн өйдөбүнньүк бэлиэни туттардылар.

Дмитрий Яковлевич Япония сэриитин кыттыылааҕа, Туркестанскай байыаннай уокурук, ол кэннэ Орто Азияҕа баар Бухаратааҕы Каган станцияҕа сулууспалаабыт. Уоттаах сэрии кэнниттэн дойдутугар эргиллэн кэлэн өр сылларга үтүө суобастаахтык үлэлээн, дьон ытыктабылын ылан, дьиэ-уот тэринэн биэс оҕо амарах аҕата, элбэх сиэн, хос сиэн тапталлаах эһээтэ буолбута.

Үөрүүлээх быһыыга-майгыга бэтэрээни улуус баһылыгын социальнай уонна имиджевай политикаҕа солбуйааччы Гаврил Еремеев, Сунтаар нэһилиэгин баһылыга Эдуард Филиппов, улуус бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Афанасий Васильев эҕэрдэлээтилэр.
***
Сунтаар улууһа (оройуона)” муниципальнай оройуон дьаһалтатын пресс-сулууспата

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»