Лөгөйдөр кэмнэригэр Тыгын Дархан наада
Үс сылы быһа кэтэспит, күүппүт киинэбит күн сирин көрдө, көрөөччү дьүүлүгэр таҕыста уонна кэлбитин дорҕоонноохтук биллэрдэ. Сэтинньи 4 күнүттэн туох баар улуустарынан прокатка тахсара былааннанар.
Улууканнаах суруйааччыбыт, саха норуотун идеолога Василий Яковлев – Далан “Тыгын Дархан” аатырбыт арамаанын тыыныгар олоҕуран “Тыгын Дархан” киинэ премьера иннинээҕи көрдөрүүтэ бэҕэһээ буолла. Айбыт аҕата кинорежиссер, саха профессиональнай киинэтин саамай дириҥ көрүүлээх, чаҕылхай маастара Никита АРЖАКОВ “сахаларга анаммыт киинэ” диэн эппитэ да, бу киинэ саха норуотун кутун-сүрүн бөҕөргөтөр, өйүн-санаатын сүрүннүүр сүдү миссиялааҕын туоһулуур.
Киинэни көрдөрүөх иннинэ айар бөлөх пресс-конференция тэрийдэ. Онно ааптардары таһынан, киинэҕэ оонньообут артыыстар кытыннылар. Тыгын Дархан үрүҥ ойуунун Одуну оруолун толорбут Анатолий Николаев бу киинэ кэлэр кэнэҕэс ыччакка, туох баар саха тыыннаах, саха саҥалаах ыччакка ананар, хрестоматийнай айымньы буолар диэн тыл этэригэр тоһоҕолоон бэлиэтээтэ:
“Саха норуота төрдө-ууһа суох тыал-хонуу оҕото буолбатах, кини дириҥ, баай историялаах, сүҥкэннээхэй добун үрдүк сүргэлээх чулуу дьонноох этэ, онон киэн туттуохтаахпыт, билиэхтээхпит, ытыктыахтаахпыт диэн санааны саҕар киинэ уһулунна”.
Норуодунай суруйааччы Харысхал арамаан суруллубут устуоруйатыттан билиһиннэрдэ. Далан эт атаҕынан айымньыга киллэрбит былыргы өбүгэлэрбит олорон ааспыт сирдэрин-уоттарын, өтөхтөрүн, алаастарын, сыһыыларын, тыаларын барытын кэрийбитин кэпсээтэ. Хаһан да сылдьыбытах ыырдарыгар булуохтаах сиригэр ала-чуо тахсан кэлэрэ диэн ахтар. Арамааҥҥа уонна киинэҕэ нуучча кэлиэн иннинээҕи чөл ийэ саха тылын үрүмэтэ, сүмэтэ булкаһыга суох туттуллубутун сөҕөн-махтайан бэлиэтээтэ:
“Саха норуотун историятын көрдөрөр аан бастакы улахан, соргулаах, эпическэй хартыына уһулунна”.
Никита Иннокентьевич салгыы Далан атын айымньыларын “Тулаайах оҕону/”Бүтэй Бүлүүнү”, Сэмэн Курилов “Ханидуо уонна Халерхаа” айымньытынан киинэ устар былааннааҕын эттэ. Аржаков классиктар айымньылара үйэлэри уҥуордуур мэҥэ суруйуулар, ол иһин кинилэр айымньыларынан киинэ устабын, Далан төһө да түөрт үйэ уҥуоргу кэминээҕи быһыыны-майгыны ойуулаатар, аныгы кэмҥэ айымньы актуальноһа, туруорар проблемата сүппэт, Далан бары кэм – ааспыт, билиҥҥи, кэлэр кэм суруйааччыта диэн эттэ.
Аржаков кинорежиссер быһыытынан уратыта – кини саха тыынын илдьэ сылдьара буолар. Кини киинэлэрэ көрүнньүккэ, атын омуктар саатыылларыгар анамматахтарынан, дьиҥнээхтэринэн, норуотугар сырдыгы сыдьаайарынан уратылар. Икки атахтаах ньэгэйин, кирин-хаҕын буолбакка, норуот өркөн өйүн, ыраас ыратын, буулаҕа, модун санаатын көрдөрөр.
“Тыгын Дархан” киинэ уһуллубутунан барыта 14 чаастаах, ону 2,5 чааска диэри “ыкпыттар”. Дьиҥинэн толору версиятынан сериал оҥоһуллан ситимэ-силигэ быстыбакка көрөөччүгэ тиийэрэ буоллар ханнык. Оччотугар саха норуотун историятын аан маҥнайгынан, киэҥник, далааһыннаахтык дьүһүйүү – сыалын-соругун ситэри ситиэх этэ. Никита Аржаков алта түһүмэхтээх телесериал оҥорор туһунан кэпсэтии номнуо саҕаланна диэн биллэрдэ. Дьэ бэрт.
Тыгын Дархан норуотун кэскилин туһугар, урааҥхай саха дьадаҥытыттан-баайыттан тутулуга суох сиэрдээх ирдэбиллээх, эйэлээх Или олохтуур туһугар соҕуруунан-хотунан, арҕаанан-илининэн бытанан сытар аҕа уустарын түмэр, сомоҕолуур модун санаалаах. Ол улуу соругу толорорго бэйэтин силиитин кэрэйбэт, cүрэҕин чопчуларын – чугас дьонун, оҕолорун да толук уурар. Норуотун туһугар. Түөрт үйэ анараа өттүгэр модун санаалаах Улуу Тыгын Дархан Тойон судаарыстыбаннай таһымнаах толкуйа сөхтөрөр, сүгүрүтэр.
Оттон Лөгөй Тойон уобараһынан уһуну-киэҥи толкуйдуур кыаҕа суох, бүгүҥҥү ис тоторунан, күннээҕи ыаһаҕынан кээмэйдэнэр, норуотун туһунан туура санаабат, бэйэтин эрэ иннин көрүнэр, албын-көлдьүн майгылаах бас-көс дьон көрдөрүллэр. Аныгы кэмҥэ лөгөйдөр тэнийбит үйэлэригэр Улуу Кудаҥса, Тыгын Дархан курдук дьон олус да наадалар.
Киинэҕэ Тыгын Дархан сиэнэ, Бөдьөкө уола Маһары хаста да көстөн ааһар. Тыгын сиэнин Улуу Кудаҥса курдук норуотуҥ дьолун туһугар туруулаһар туруу дохсун буол диэн этэрэ баар. Кэлин Мазары Базеков диэн нуучча докумуонугар киирбит удьуор Дархан 1680 сыллаахха нуучча ыраахтааҕытыгар баран сахалар баһылыктарынан анаттарбыта биллэр. Онон Тыгын Дархан модун тыына хойукка диэри саха норуотун субай хаана буоларын туоһулуу турбута.
Бу киинэни көрөн саха ыччата бэйэтин норуотунан, историятынан киэн туттуо, чинчийэн үөрэтиэ, атын омуктан итэҕэһэ суох улуу төрүттээх этибит диэн санаата бөҕөргүө, көхсө тэнийиэ, дьоһуна үрдүө, холобур оҥостуо диэн эрэх-турах сананыаҕыҥ.
Сүрүн оруолу оонньообут артыыс дьикти колоритнай уобараһы айбыт. Бэйэтэ да улахана-хаара, сөҥ куолаһа, туттуута-хаптыыта кырдьык Тыгын Дархан маннык эбит диэн киһини итэҕэтэр. Уопсайынан, Аржаков артыыстарга таба тайанар үгэстээх. Киниэхэ уһуллубут, эрдэ киэҥник биллибэтэх артыыстар кэлин бэйэлэрин суолларын чиҥник тэлэ баттаан барар үгэстээхтэр. Билигин да оннук буолуо дии саныыбыт.
Сэтинньи 4 күнүттэн саха дьонун, оҕолуун-уруулуун “Тыгын Дархан” киинэҕэ сылдьыҥ, көрүҥ, астыныҥ, сүргэҕитин үрдэтиҥ диэн ыҥырабыт.
***
Aartyk.Ru
карательный поход якутов против изменника Легей тойона это поздняя история, мы не знаем какие отношения были между родами до прихода казаков, вполне возможно процветал Тыгынат все тойоны вместе пили кумыс и вводили хоровод, Далан большой фантазер и роман жанра фэнтэзи
Такой фильм для будущих поколений должен быть основан на исторических фактах, а не на художественный вымышленный роман. Тем более показывать в неприглядном свете исторических личностей
Лөгөйдөр диэн Уус Алданнар буотта?
Уус Алданнары тоҕо куһаҕаннык көрдөрдө режиссёр Чурапчы Аржакова?
Төттөрүтүн Лөгөй уһуну-киэҥи санаатаҕа. Тыгын политиката сахалары им курдук сир үрдүттэн сүтэргэ тиэрдиэ этэ. Хакастар, алтайдар, шордар дьылҕаларын көрүҥ. Уруккута улуу омуктар этилэр ээ.
🤣легейдер еьургэммиттэор🤣.
Аржаков историяны билбэт эбит. Далан мээнэ фантазиялаан суруйбутун үөрэтэн көрбөккө эрэ киинэ оҥорбут
Легей суо5а манна чыыбыр5аьа олоруо суох зтибит
Керуллуе! Махтал сырдаппыккытыгар! Уруй Тыгын Дарханна, ханыл ханаластарга!
Хаҥалас бааһынайдарыгар дуо? 😃 Хаҥыл буола сытыйан, аан маҥнай нууччатыйан бүппүт улуус. Намнар да чугастар да тоҕо эрэ сахалыы тыыннаахтар ээ.
Киинэгэ Икки бас киьи уобараьа ойууланар. Тыгын Дархан курдук норуотун дьолун туьугар тугун барытын бэрт диэтэр оголорун толук уурар саха саарына уонна Легей Тойон курдук бэйэ байарын туьугар олорор албын келдьун тойон. Легей уобараьа уус алданнары кэриэтээьин буолбатах. Искусство ненуе хайдах араас санаалаах, соруктаах салайааччыларбытын кердеруу.
Киинэ жкранна тахсарын тохтотор наада. Бутун омук историятын токурутуу
Романы аахпыккыт дуо? Далан олох да Дыгыны улуутуппатах курдук ойдообутум. Сахалары мунньуохтаа5ар тотторутун баайдарыгар сирдэригэр ымсыыран имири охсор санаалаах эбит этэ. Логойдору эьэ тахсыахтаа5ын кыьынтан мэьэйдэтэппит онтон нууччалар кэлбиттэригэр Логой муннукка хааллыбыт киьи ытыс урдугэр туьэрбэккэ хайыай.
Сахалар баччаанна диэри чууп-чаап диэн олорорбутугар Логой улахан утуолээх. Сибиир омуктара казактары утары турууласпыттар ааттыын симэлийбиттэрэ …
Лөгөй нууччалары ытыс үрдүгэр түһэрбэтэх. Аан маҥнай хабыр охсууну ылбыт бороҕоттор. Өспөххө 300-тэн тахса кириэппэс туттан хаалла сытар дьону бука барыларын уматан кэбиспиттэрэ. Ол иһин букатын сир үрдүттэн эһииһиктэр диэн Лөгөй ыраахтааҕы былааһын ылыммыт.
Тыгын көмөҕө кэлбэтэх. Бэйэтин уйатыгар уу киирбитигэр эрэ мөхсөн көрбүт.
Өспөххө буолбатах. Бөтүҥҥэ.
Легейдер удьуордара еЬургэнэ сылдьаргыт сыыЬа.
Саха улуу суруйааччытын Даланы хоруотуу сатыыргыт сатаммат.
Ол былыр олорон ааспыт Легейу инники тутар буоллаххытына, билиннэ диэри кини сага улуу саха суох этэ диир буоллаххытына – оччого эрэ еЬургэнэргит сеп.
Легейдер удьуордарыттан Уус-Алданнартан саха омук киэн туттар элбэх киЬитэ баар, СэЬэн Аржаков, Кулумнуур энин.
Билигин эЬиэхэ Александр Жирков курдук уЬулуччу киЬилээххит. Александр НиколаевиЬы оннук-маннык диэн Уус-Алданнар бэйэлэрэ санаралларын олох себулээбэппин. Саха омук туЬугар, саха культурата сайдарын туЬугар кини сага куускэ улэлиир-хамсыыр киЬи билигин олох сэдэх.
Ексекулээги бэйэтин кэмигэр дэлби уехпуттэрэ, санарбыттара, буруйдаабыттара, оччотоогу хаЬыаттарга оннук ыстатыйалар толорулар.
Ону история барытын киэр садыйбыта, ыраастаабыта, саха омук бары билинэр улуу киЬитэ онорбута.
Легей политиката септеех этэ диир эмиэ да сеп, эмиэ да ыарахан.
Нууччаны утарсар сатаммат диэн хайысханы тутуспута сеп.
Ону ким да баалаабат, ханыл Ханаластар хаста да ере туран керен баран, оннук линия септеех эбит диэн ейдеебуттэрэ, ылыммыттара. Утарсыы тохтообута, арай хойутуу Дьэнник эрэ бууннуу сылдьыбыта.
Сахалар Легейу ити политиката септеегун билинэн туран, атынна хом саныыллар – казактарга куускэ кемелеспутун иЬин. Ити – атын, туспа линия.
Казактар Москвага суруктара барыта кэриэтэ булуллан, бэчээттэнэн турар.
Онно кестерунэн, ханаластар да ере туруулара септеех сыанабыл ылбыт эбит, наЬаалааман, дьону олус кыыллааман диэн дьаЬал кэлитэлиир эбит.
Сорох олус най барбыт воеводалары теттеру ыныртаабыттарын, онноогор бэйэлэрин накаастаан елертеебуттэрин историктар бары билэллэр.
Онон сахалар утарсыы уонна иллэЬии кирбиитинэн этэннэ ааспыттар, себулэспэтэх саха Булуугэ, Еймекеенне энин баран, саха олохсуйбут сирэ-дойдута кэнээбитэ.
Онон еЬургэнии, Даланы уегуу, режиссёр Аржакову, санаатын эппит Туйаараны буруйдааЬын сатаммат.
Нууччаны утарсар сатаммат диэн хайысханы тутуспута сеп. Ону ким да баалаабат, ханыл Ханаластар хаста да ере туран керен баран, оннук линия септеех эбит диэн ейдеебуттэрэ, ылыммыттара.
Источник: Aartyk.ru
Туйаара Карловна үөрбүтэ буолуо ити эппиккэр. Кини нууччафоб:))))
Истгрияны токурууту, норуоту утарыта туруоруу
Уус Алданнар өһүргэнимэҥ бүгүҥҥү күн хараҕынан көрөн. Былыпгы норуоппут номохторугар Тыгын Дархан саха ыраахтааҕыта норуоту түмэ сатаабыта , ону утарсыбыт киһи Лөгөй диэн бары билэбит. Ити сахалар историябыт чахчытын улуу суруйааччыбыт Далан худ.литератураҕа киллэрбитэ. Бу хайа эрэ улууһу кириэтээри буолбакка сахалар түмсүүлээх буолуохтаахпытын көрдөрөр киинэ. Билиҥҥинэн чааһынай, бэйэтин эрэ улууһун саныыр киһи уобараһа Лөгөй. Оттон биһиги бары биир саха омук буоларга сомоҕолоһууну баҕарабыт. Лөгөй этэринии улуустарынан байан тайан, чэчирээн эрэ олорбокко. Бу киинэ сахаларга государственнай өй санаа сайдыытын туһунан. Онно олук охсубут киһинэн улуу төрүппүт Тыгын Дархан буолар. Билигин да улуустаһыыбытын тохтотон биир САХА омук буоларбыт туһунан. Мин киинэ кэнниттэн санаам оннук.
Даланы кыттыһыннарыман, кини кинигэтэ отой атын этэ.
Саха норуотун араартыыр киинэ уьуллубут. Экоанна тахсара табыллыбат
Сөптөөх этии
Оннук
Тыгын дьоно Бороҕоҥҥо тахсан 30 ураһа Сыҥаах дьонун кырган тураллар. Тыгын диигит да куһаҕан, күүһүнэн өттөйөр куттамсах киһи. Бороҕоттортон Бэрт Хараттан, Дүпсүннэртэн Күтүр Эмээхситтэн хайтах куттанан ураһатын
аҥарын хаалларан, эккирэппэтинэр диэн куоппутун билэр инигит. Сахалары түмпэтэҕэ, сымыйа! Бэйэтэ төрөппүт уолун хайтах өлөрдө этэй? Миигиннээүэр ордук киһи тахсыа диэн. Ити быһыыларын Аржаков көрдөрдө дуу? Дьаабы! Далан саха олоҕун историятын түөрэ эргиттэ, токурутта диэн Суорун Оммоллоон эппиттээх диэн истибитим. Суотту музейыгар Семён Дежнёвка , Лөгөй Тойоҥҥо улахан
Тойон сэргэлэр, Тыгыҥҥа сыгынах таҥнары саайыллан турарын көрбүтүм. Н
Не надо идеализировать Тыгын Дархана или принижать Легойя. Реальная история не всегда приглядна, эта эпоха имеет своих многочисленных скелетов в шкафах. Это есть везде, в истории всех народов – англичан, французов, немцев, китайцев, японцев, монголов, русских. История Саха -не исключение. Фильм не исторический факт или документ , а всего лишь художественное произведение по мотивам книги конкретного автора.
Суотту музейа дьаабы музей
Улахан историческай тема5а уьуллар киинэ научный консультаннардаах буолуохтаах этэ дии. Хайдах таптаабыттарынан тус бэйэ эрэ санаатынан итиччэ улахан уптээх киинэни итинник устуохха собуй?! Тугу да ырытар сыаналыыр котумэх дьон ойдоругэр Логой уонна Дыгын тыл-тылларыгар киирсибэтэхтэрэ хаалар буолуо… харыан учугэй киинэ буолуон …
Туох да халы мааргы киинэни устубуттар.
123 диэн киьи Лэгэй Тойон нууччаны утарсан туьа суох диэн эйдэбулунэн салайтарыы сэп диэн этиитин кытта сэпсэьэр уустук. Кэцуллук бэйэлэрин дойдуларыгар омук буолан олордохторуна кимнээ5э биллибэт дьон кэлэн тэпсэн бардахтарына ханнык ба5арар омук утарсара буолуо дии. Эстээхтэрун кэрдэ да эрэ кэрбэккэ кулут буоларга сэбулэьэн сытынан кэбиьэр омук кулуттуу эйтэн-санааттан босхолоноро, омук быьыытынан эруттэрэ уустук. Кэцуллэрин туьугар хорсуннук, геройдуу туруулаьан кэрэн баран хацаластар да нуучча былааьын ылыммыттара, омуктарын быыьаары. Интэриэьинэйэ диэн баар нууччалар кинилэр диэки буолбут Лэгэйу уонна кини удьуордарын буолбакка кинилэри кыргыспыт, хаста да эрэ турбут Хацаластары эрэ тардыбыттара. Ол курдук Тыгын сиэнин, Бэдьэкэ Бэ5э уолун Маьарыны ыраахтаа5ыны кэруьуннэрбиттэрэ, сахалар бас-кэс киьилэринэн туруорбуттара. Кэнники эмиэ Тыгын удьуорун Соппуруон Сыраанабы ыраахтаа5ыны кэруьуннэрбиттэрэ, бэйэни салайыныы элеменнэрин киллэрбиттэрэ. Сэьэн Ардьакыабы Ыраахтаа5ы приемнаабата5ын учуонайдар дакаастаан тураллар. Онон казактар бэйэлэрэ сэрииьит, хорсун дьон достойнай утарсааччыны, куустээх кэцул санаалаах дьону убаастыылларын кэстуутэ ити. То5о Уус-Алданнары Лэгэйу эрэ кытта ситимниигитий? Эспэх Боотур дьоно нууччалары утары улаханнык туруулаьан утарсыбыттара, Боро5он Дьуоттулар атын баьылыктара утарсыбыттара, Хацаластар эрэ турууларыгар кыттыспыттара, элбэх киьилэрин сутэрбиттэрэ. Ол биир Лэгэйунэн бутун Улуус дьонун Сирэй-харах анньыы акаары быьыы буо.
Тынина Мындяков (Тыгын)исчезает после 1631 года, мы ничего не знаем практически как жили якуты до 1631 года, письменных архивов у саха не бфло , а предания народные многократно редактировались и не могут служить доказательством, нет докащательств о вражде Тыгына и Легойа вполне возможно они пили кумыс из одной чаши и были близкими родственниками, а насчет карательного похода саха против Легойа это очень поздняя история,
Логойдор кэмнэригэр Улуу Кудансалар наадалар диэн дуо.. Улуу Куданса хайдах олло
этэй ? Олус улуутумсуйан, уосээ дойду абаасыларын кытта эт-хаан уруургасан абыранаары уолун-кыысын, дьонун-сэргэтин, суосутун-сылгытын ол улуу сана “аймахтарын – биллээхтэрин” асылыга онорон эстэр. Чорон соготох хаалан, эстэн – дьудэйэн, кутэрдээн сии сылдьан бэйэтин бэйэтэ басын быса охсунан олор. Бултаабыт кутэрин отууга утэн сии олорон утуктаан тонхойбутугар сунньугэр уон тусэн ыстыыр. Онно сосуйан, сытыы, аптаах, кутэрдиир кылысын тутан олорор илиитинэн уону охсобун диэн сунньугэ охсунар. Моонньоох баса лэкээрис гынан, турулус – тилирис корон эрэ хаалаахтыыр… Улуу Ойуунускай бэгэсээнни, бугунну бастаахтарбыт, дарханнарбыт политическай дьылгаларын ото да короохтообут эбит. Согуоххэ эрэ соп. А вы говорите , Куданса великий, куданса великий.. У всех великих и дарханов один печальный, трагический конец. Жизнь продолжают Логойы мудрые и осторожные.
Олох диэн араастаах буоллаҕаа. Оччолорго туох дьыллар-кэмнэр турбуттара, туох быһыы-майгы буолбута күдэҥҥэ көттөҕө. Онон өбүгэлэргитин наһаа ыараханнык саҥарыман. Оҕо төрөппүт аньыытыгар-харатыгар эппиэттээбэт ээ.
Онтон арааьа эппиэттиир курдук буолуох быьылаах. Улуустаьан, урукку ёбюгэлэр сыыспыттарын кёмюскэспитэ буолан, норут иьин буолбакка биир улуус иьин буолбута буолан саха норуотун историятын сыыьа диэн эрэллэрэ сё5ёр. Оол аата еёйдёммётёх буоллахтара баччаанн,а дылы… ёйдёммют киьи-ёбюгэ сыыьатын билиниэхтээх, тупсуохтаах. Кююстээх санаалаах дьон ол буолар. Остальное ити гордыня. Как известно, все беды от этого и происходят. Ыча санааттан, киэни толкуйдаабаттан, кыра улууьунан эрэ толкуй ити буолла5а.
Дьону үөҕүү оҥостон олус өй туттубут диэри гынаҕын дуо? Эн өбүгэн буолуоҕунааҕар бэйэн да сыыһа эрдэ олороҕун.
Тыгын судаарыстыбаннаһы кыайан туппатаҕа…
Төттөрүтүн улуустары кэрийэн бэртэри баһыйа сатыыр,салыннаҕына сааттаазтык куотар куһаҕан идэлээҕэ элбэзтик суруллар,азтыллар.
Саха сиригэр судаарыстыбаннаһы олохтообута буоллар,Чингиз Хан курдук,ити устар аалынан баара эрэ 20-30 хаһаах кэлэрин биэрэккэ да тиксиһиннэриэ суохтаазтар этэ…
Лөгөй Тойон муударай киһи эбитэ-чуолкай!
Кининэн сирэйдээн(истоическай личность буоллаҕа) куһаҕан,акаары,бэйэмсэх киһини көрдөрбүттэрэ олох сыыһа!
Худ.киинэҕэ ити обраһы атын ханнык баҕарар вымышленнай личность айан көрдөрүөхзэ сөп этэ…
оо диэ!!! кииинэ кёрбют суох…хайдах эбитэ буолла…сахалар бээбитим наар тюьэн биэрэ сылдьарбыт баар аххан…и врагов не надо…бээбит бээбитин…акаары кёнё диэн итинниги эттэхтэрэ
Бу киинэни устубут дьону мөх, Саханы түһэрэр дьоннор ити сылдьаллар. Маннык киинэ буолуон билбитим буоллар массовкаҕа баран бэт. Кэлэйэбин.
Туох акаары киһитэ суруйбутай, Ытык киһинэн сирэйдээн дьону үөҕэр. Туох ордуктаах буолан. Бу ыстатыйа авторын курдук акаарылар элбээннэр Саха сайдыбат.
Олус да сымыйа киинэ, режиссер тоботун арыйан корбут киьи баар ини! Туох да туьата суох киинэ, Саха норуотун араарар, Уус – Алданнары куьаган оттунэн кордорор киинэ! Того диэтэр:
1. Туох да историческайа суох киинэ, сымыйа. Далан айбытыгар эбии режиссер ону маны айан уьуллубут киинэ.
2. Норуоту араарар, улуустаьыы уоскэтэр киинэ.
3. Историческай личностьтары куьаган оттунэн кордоруу.
4. Саатар книгаттан да атын
Режиссер уонна сценаристар ити устубуккутун иьин урдук айыылартан бырастыыта кордоьун. Бу олоххо буолбатагына, аннаараа олоххо эппиэт тутаргыт буолуо!!!